27.07.2022 | 17:00

Онкология диспансерын тутуу 72 % бэлэм

Дьокуускай куоракка тутулла турар 180 куойкалаах уонна симиэнэҕэ 210 киһини көрөр поликлиникалаах Өрөспүүбүлүкэтээҕи искэн ыарыыны эмтиир диспансеры тутуу 72 % бэлэм.
Онкология диспансерын тутуу 72 % бэлэм
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу күннэргэ диспансер тас бараана түмүктэнэн эрэр, ис үлэтэ ыытыллар, сотору  медицинскэй оборудование кэлэрэ күүтүллэр. Онон тутуу графиктан хаалыыта суох. Үлэни «Адгезия» ХЭУо уонна «Кинг-95» ХЭУо олохтоох тутааччылар оҥороллор. Уопсайа 25 тыһыынча кв. м. иэннээх түөрт этээстээх диспансер 2019 сылтан «Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак уонна «2020-2024 сылларга СӨ доруобуйа харыстабылын сайыннарыы» судаарыстыбаннай бырагыраама иитинэн олоххо киллэриллэр. 2023 сыл төрдүс кыбаарталыгар үлэҕэ киирэрэ күүтүллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...