18.12.2019 | 11:32

ОМУК УСТУДЬУОННАРА САХА СИРИН ТУҺУНАН САНААЛАРА

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Биһиги киин куораппытыгар төһө элбэх омук олороро буолуой? Кэнники бириэмэҕэ тас дойдуттан кэлэн олохсуйуу, үөрэнии, ыал буолуу уо.д.а., этэргэ дылы, буолуохтааҕын курдук буолбут. М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка билиҥҥитэ 300-тэн тахса тас дойду устудьуона үөрэнэрэ биллэр. Бу оҕолор туох санааттан Саха сиригэр кэлбиттэрин сурастыбыт.

ОМУКТАР ТӨЛӨӨН ҮӨРЭНЭЛЛЭР

Бэйэлээх бэйэбит ыччаттарбыт төлөбүрдээх үөрэххэ үөрэнэ сырыттахтарына, тас дойду оҕолорун босхо үөрэтэллэр үһү диэн сурах олохтоох нэһилиэнньэни долгуппута чахчы. «Бу, саатар биир нуучча тылын билбэт бэйэлэрэ хайдах эксээмэн туттаран үрдүк үөрэҕи ылаллар?” диэн нэһилиэнньэ дириҥ толкуйга түһэрэ кистэл буолбатах. Маннык сурахтар ис дьиҥнэрин билээри, биһиги М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Норуоттар икки ардыларынааҕы сибээскэ управлениетыттан туоһуластыбыт.

Биллибитин курдук, тас  дойду устудьуоннара биһиги оҕолорбутугар аналлаах бүддьүөт миэстэтигэр дураһыйбаттар, бары төлөөн үөрэнэллэр. Маны таһынан, «Россотрудничество” норуоттар икки ардыларынааҕы бары дойдулары кытта үлэлэһэр федеральнай агентство хас биирдии университекка квота көрөр, бу миэстэҕэ омук устудьуоннара эмиэ туттарсар кыахтара суох эбит. Онон бу кэлбит устудьуоннар бары тустаах предметтэри туттаран баран, төлөөн үөрэнэллэр.

АФРИКА СЭРГЭХ ЫЧЧАТТАРА

Билиҥҥитэ университекка Бурунди, Египет, Камерун, Сомали, Зимбабве, Кот-д’Ивуар, Танзания, Намибия уо.д.а. курдук биһиэхэ «экзотика» дойдулартан 30-тан тахса устудьуон баар эбит. Нватанго Конде Африкаттан сылдьар. Кини Саха сирин туһунан интэриниэттэн билэн, интэриэһиргээн, анаан-минээн үөрэппит, хаһыспыт. Арассыыйаҕа үөрэнэ кэлэригэр уопсайа алта университеттан талбыт, ол иһигэр ХИФУ баар эбит. Бэлиэтээн эттэххэ, уол бэйэтин тылыттан атын тылы билбэт буолан, төлөпүөн тылбаасчытынан кэпсэттибит.

 «Мин Саха сиригэр кэлбитим оруобуна икки ый буолла. Биһиги дойдубутугар үөрэҕи ылыы, үлэни булуу, олохсуйуу наһаа уустук. Африка ыччаттара кэлиҥҥи кэмҥэ сүрүннээн Арассыыйаҕа үөрэх ылабыт. Эһиэхэ үөрэнэр усулуобуйа барыта баар, табыгастаах уонна, саамай сүрүнэ, үөрэх сыаната удамыр. Сэргэлээх биир бастыҥ уопсайыгар олорорбун сөбүлээтим, усулуобуйата олус үчүгэй. Саха култууратын сэргээтим, аһын-үөлүн амсайдым... син сиэххэ сөп (күлэр-аапт.). Саха кыргыттара олус кыраһыабайдарын хайҕыы көрдүм. Тутуу инженерэ буолар баҕалаахпын, дойдубар бу идэбинэн үлэлиир былааннаахпын. Олохтоохтор, сахалар даҕаны, нууччалар даҕаны, олус истиҥник көрүстүлэр. Сүрүннээн саха оҕолорун кытта табаарыстаһан эрэбин. Кыһын -50 тымныы буолар диэн эппиттэрэ, мин билиҥҥиттэн тоҥнум. Таҥара көмөтүнэн бастакы кыһыммын туораатарбын, олох оскуолатын ааһыам этэ. Маҕыһыыҥҥа  бородуукта сыаната наһаа ыарахан эбит, онон эбии дохуоттаныахпын наада буолсу”. – диир Африка уола Нватанго Конде.

Матьюс Чуши эмиэ Африкаттан сылдьар. Медицинэ институтугар төрдүс кууруска үөрэнэр эбит:

– Аан бастаан кэлэрбэр климаккытын атыҥыраан, хаста даҕаны төннө сыспытым. Биһиги тымныы диэни түүһээн да баттаппатах дьон буоллахпыт. Тымныйан ыалдьыы диэни билбэппит даҕаны. Билигин арыый үөрэнним, бу сыллар тухары Саха сирэ мин иккис дьиэм курдук буолла. Олохтоох нэһилиэнньэ олус көрсүө, элбэх доҕоттордоохпун, күнүм олус сэргэхтик ааһар, саха куухунатын сөбүлээн аһыыбын”.

Матьюс Чуши үөрэҕин бүтэрдэҕинэ эпидемиолог-быраас буолар эбит. Устудьуон киһи науканан күүскэ дьарыктанар, учуонай буолар баҕалаах. Эдэр киһи бииргэ үөрэнэр оҕолорун кытта Дьокуускайга оҥоһуллар йогуртары уонна да атын үрүҥ аһы чинчийэн көрбүт. Бу үлэтинэн кини быйыл ыытыллыбыт «Аммосов-2019» конференцяҕа үһүс миэстэни ылбыт. «Билигин X-с Национальнай Кэнгириэскэ кыттаары бэлэмнэнэ сылдьабын. Үлэм тиэмэтэ – «Тыйыс тымныыга экология киһи доруобуйатыгар буортута» диэн. Төһө даҕаны олохтоох буолбатаҕым иһин, бу кыһалҕаны иһиттэн үөрэтиэхпин баҕарабын. Сахалар наукаҕыт сайдыбакка турар, атын дойдулартан таһымҥыт кыра», – диэн бэлиэтиир Матьюс Чуши.

Санатан эттэххэ, ХИФУ Медицинэ институтугар 34 Африка устудьуона үөрэнэр. Ол аата быраас идэтин баһылааһын кыһалҕата оннук сытыытык турар диэххэ эбитэ дуу...

ХИФУ-ГА ҮРДҮК ҮӨРЭҔИ ЫЛАР ЧЭПЧЭКИ ДУО?

Кэнники үс сылга таджик, узбек, кыргыз курдук омуктар үөрэнэллэрэ элбээбит. Холобура, Далер Гамбердиев Таджикистантан ааспыт сыл саҕаланыыта үөрэнэ кэлбит. Билигин Мединститут иккис кууруһугар ситиһиилээхтик үөрэнэр.

«ХИФУ туһунан Дьокуускайга олорор, үөрэнэр аймахпыттан билбитим. Үөрэхпин бүтэрдэхпинэ тиис бырааһа буолабын, дойдубар тиийэн үлэлиэм. Биһиэхэ үрдүк үөрэҕи тобулар ыарахаттардаах. Дьиҥнээхтик үөрэниэн эрэ баҕарар киһи үөрэнэр. Төрөппүттэрим, чугас дьонум манна суохтар. Уопсайга олоробун, барыта үчүгэй, үөрэхпин сөбүлүүбүн. ХИФУ-га үөрэҕи ылыы атын үрдүк үөрэх кыһаларыттан улахан уратыта дуу, чэпчэкитэ дуу суоҕа буолуо дии саныыбын...» - диир тиис бырааһа буолаары сылдьар Далер Гамбердиев.

КЫТАЙ АСПИРАНА

Филологическай факультет аспирана Ян Лифэн 2014 с. Цицикарскай университеттан стажировкалана кэлбит. Кини этэринэн, бастакы кэмҥэ тылга ордук ыарарҕаппыт. Устудьуон бэйэтигэр бигэ эрэллээх – тылы үөрэтии хаһан баҕар, ханна баҕар наада. Билигин Ян Лифэн туох да кыһалҕата, сыыһата-халтата суох нууччалыы саҥарар. Үөрэҕин таһынан ХИФУга кытай тылыттан солбуллубат тылбаасчыт буолбут. Ол да быһыытынан Кытайтан кэлэр устудьуоннар бары Ян Лифэны кытта сибээстэһэн кэлэллэр эбит.

«Саха сиригэр олохсуйбутум номнуо бэһис сылыгар барда. Цицикарскай университеты бүтэрэн баран, магистратураҕа ХИФУ-га туттарсыбытым.  Бу сыллар тухары өссө Саха тылын эмиэ үөрэттим, күннээҕи кыһалҕаны сахалыы быһаарсабын. “Тымныыга үөрэнниҥ дуо?» – диэтэхтэринэ, сороҕор «мин сахабын ээ» диэн кэбиһэбин (күлэр-аапт.)» - диир Ян Лифэн.

Ян Лифэн үөрэҕин эһиил бүтэрэр. Манна хаалан, нуучча тылын преподователэ буолар былааннаах.

ВЬЕТНАМ УСТУДЬУОНА

Математика уонна информатика институтун үһүс кууруһугар үөрэнэр Вьетнам ыччата Ву Ба Шанг үөрэх туһунан санаатын үллэстэр:

– Преподаватель да, устудьуон да бары биир майгылаахтар. Араас  кыһалҕа таҕыстаҕына өйдүүллэр, өйүүллэр. Сорох предметтэр олус ыарахаттар буолан, туох баарбынан үөрэнэ сатыыбын. ХИФУ-га аан дойду 38 араас дойдутуттан устудьуоннар баарбыт. Биһиги бары доҕордонуохпутун, биһигини өйдүөхтэрин баҕарабыт. Аан дойду глобальнай буолбута ыраатта, дойдулар  бэйэ-бэйэлэрин кытта үлэлэһэллэр, ханна баҕар тиийэн үөрэниэх, олохсуйуох тустаммыппыт, ону өйдөөн!” - диир Ву Ба Шанг.

КЫТАЙТАН СЫЛДЬАР ХИФУ ПРЕПОДАВАТЕЛЭ

Ци Хунвэй ХИФУ-га магистратураҕа үөрэнэрин таһынан, кытай тылын үөрэтэр устудьуоннарга преподаватель:

–  ХИФУ – олус үчүгэй үөрэх, кини Арассыыйа үрдүнэн 31-с миэстэҕэ турар, үөрэх таһыма үрдүк хаачыстыбалаах, ирдэбил кытаанах. Биһиэхэ Кытайга ХИФУ саамай биллэр университет. Элбэх оҕо манна үөрэниэн баҕарар да, барыларыгар кыаллыбат. Күүстээх сүүмэрдээһини ааһаммыт кэлэбит, уулуссаттан ким да манна кэлбэт. Нуучча тылын грамматиката наһаа уустук, кытай тылын кытта букатын атын-атын быраабылалаахтар. Английскай тыл уонна саха тыла майгыннаһаллар, мин кыратык сахалыы билэбин. Туох да кыһалҕата суох үлэлии, үөрэнэ сылдьабын. Тымныы климат доруобуйабар олус охсуулаах эбит. Сахалар хайдах маны тулуйан олороҕут???»

Бу курдук кылгас тохтобул кэмигэр, төһө да сорохтор нууччалыы буолуохтааҕар оннооҕор английскайдыы билбэт буоллаллар, бэйэ-бэйэбитин өйдөһөн кэпсэтиибитин түмүктээтибит. Хаачыстыбалаах үөрэх туһуттан омуктар оннооҕор тыйыс тымныыбытын тулуйарга бэлэмнэрин көрдүбүт. Оттон биһиги төһө кыһаллан үөрэнэбит?

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...