ОМУК СИРИГЭР ОЛОРОР САХАЛАР COVID-19 ТУҺУНАН ТУГУ КЭПСИИЛЛЭРИЙ?
Кэлиҥҥи кэмҥэ сахалар аан дойду араас муннугар үөрэнэ, олохсуйа бараллара, маҕаһыыҥҥа килиэп ыла тахсыбыт курдук, күн уоттаах солун буолбатах.
Хаһыаппыт ааҕааччыларыгар анаан, тас дойдуга олохсуйбут сахалар коронавирус балаһыанньатынан кэпсииллэр.
АВСТРИЯ
Виктория Кондакова, Австрия Вена куоратыгар олохсуйан олорор:Ф
- Австрияҕа көһөн кэлбитим оруобуна үс сыл буолла. Күн-түүн манна балаһыанньабыт ыарыы турар. Олохтоохтор, туристыы кэлэн баран хаалбыт дьон, уулассаҕа мээнэ тахсыбаттар. Маҕаһыыннар уонна эмп атыылыыр аптекалар эрэ үлэлииллэр. Ыстараап кээмэйэ 3000 евроҕа тиийэн турар. Үчүгэйэ диэн, маасканы босхо түҥэтэллэр, онон мааска тиктиитэ, атыылааһына диэн кыһалҕа суох. Олохтоох норуот сокуону бастакы миэстэҕэ тутар буолан, ким даҕаны сокуону кэспитэ иһиллибэт. Биир бэйэм дьиэттэн тахсыбакка буола сатыыбын да, кыаллыбат. Биллэн турар, дьиэҕэ тулуйан-тэһийэн олорор уустук. Сахам дьоно, наһаа уолуһуйумаҥ, куһаҕаны ыраҥалаамаҥ. Бэйэ-бэйэҕэ сыһыаммытын көрүнүөх, убаастабылы өрө тутуох. Аҕам саастаах дьоммутун, ыччаттарбытын харыстыаҕыҥ. Кинилэргэ бу ыарыы дьайыыта олус ыарахан.
- Венаҕа төһө киһи ыалдьыбытый?
- Манна хас киһи ыалдьыбытын чопчу эппэттэр, кистииллэр. Уопсайынан, коронавирус туһунан икки халыыбы этэллэр. Сорох дьон коронавируһу политиканы, биологическэй сэриини кытта ситимнииллэр. Сорохтор быстах тумуу, сөтөл курдук саныыллар, ону судаарысытыба соруйан дьон мэйиитин булкуйар дииллэр. Кытайга, Италияҕа курдук олохтоох норуот балконнарыттан туран араас кэнсиэрдэри көрдөрөллөр, кинилэри ким даҕаны боппот.
- Пандемия хаһан эһиги диэки ааһар дииллэр?
- Хаһан ааһара чопчу этиллибэт, барыта кистэл курдук. Чугаһаабыта, аны күһүҥҥэ диэри диэн салҕаныаҕа диэн сабаҕалааһын баар.
ТУРЦИЯ
Александра Антоева, быйыл дьиэ кэргэнин кытта Турцияҕа көһөн барбыт:Ф
- Бүгүҥҥү күҥҥэ Турцияҕа балаһыанньа быстар мөлтөх туруктаах. 60-н тыһ. тахса киһи ыалдьыбыт дииллэр, 1296 киһи олохтон барбыт. Турция улахан куораттарыгар кытаанах карантин буола турар. Биһиги олорор куораппыт киһитин ахсаана да аҕыйах, барарга-кэлэргэ да судургу. Ыарыы бастакы түһүмэҕэр дьон мааска, бэрчээкки, антисептик диэни туттубаттар этэ. Кэнники биэс күҥҥэ биирдэ кэтэр буоллулар. Маҕаһыыннарга ас-таҥас хоточчу анньыллан турар. Уулуссаҕа 20 саастарыттан эдэрдэр уонна 65 саастарыттан кырдьаҕастар тахсаллара кытаанахтык бобуллубута. Киэһээ киһи син аҕыйыыр буолбут, дьон мээнэ сынньана, күүлэйдии тахсара тохтообут. Биһиги ыал быраабыланы уонна ирдэбили барытын тутуһан олоробут. Барыта этэҥҥэ түмүктэнэн, үлэ-хамнас салҕаныа, олох устуо диэн бигэ эрэллээхпит.
- Ыстараап кээмэйэ төһө буолан турар?
- Ааспыт нэдиэлэ көрдөрүүтүнэн, 3500 лира этэ, биһиги харчыбытынан 42.000 тыһ. солк. курдук.
- Айан, сырыы хайдаҕый?
- Куораттар икки ардыларыгар сырыы сабыллан турар. Сырыы суох, дьон үксэ дьиэттэн тахсыбакка олорор. Биһиги дьиэбитигэр олоробут, карантин өссө да уһуур чинчилээх быһыылаах. Ыалдьыбыттар ахсааннаара күн аайы уларыйа турар, наһаа кутталлаах.
- Дистанцияны төһө тутуһаллар?
- Ынырык буоллаҕа дии! Барыта миэркэлэнэн, ыйыллан турар.
- Мечеть үлэлиир дуо?
- Мечеть “удаленкаҕа” үлэлии олорор быһыылаах. Намастарын громкоговорителинэн саҥараллар. Куорат хас биирдии муннугар, остуолбатыгар громкоговорителлэр ыйанан тураллар. Тустаах сэрэтиилэри, миэрэлэри иккилии чаас буола-буола иһитиннэрэллэр. Туох даҕаны тэрээһин ыытыллыбат, олохтоох дьон чугас дьоннорунаан дьиэлэригэр олороллор.
РУМЫНИЯ
Полина Миклиук, Румынияҕа олохсуйан олорор блогер, эдэр ийэ:Ф
- Биһиги Яссы куоракка олоробут. Манна коронавирустан сылтаан комендантскай чаас олохтоммута. Кулун тутар 25 күнүттэн тырааныспар бары көрүҥэ тохтоон турар. Дьиэттэн тахсар буоллаххына, үлэҕиттэн тустаах докумуоннаах эбэтэр ыспараапкалаах буолуохтааххын. Аптекаҕа эбэтэр маҕаһыыҥҥа барарбытыгар, дьиэбититтэн олорон тустаах докумуону толорон, бириэмэтин ыйан туран тахсабыт. Уулуссаҕа күнү супту полиция үлэһиттэрэ тураллар, онон ким даҕаны тахсыбат.
КИРГИЗИЯ
Сюзанна Седалищева, Бишкекка олорор:Ф
- Үһүс нэдиэлэбитин карантиҥҥа олоробут. Маҕаһыыҥҥа, аптекаҕа, бааҥҥа уонна балыыһаҕа тахсарбытыгар, ханна барбыппытын, хаска кэлэрбитин бэлиэтэнэн баран сылдьар эбээһинэстээхпит. Мин нэдиэлэҕэ биирдэ маҕаһыыҥҥа сылдьан бородуукталаһабын. Манна дьон олус эппитинэстээх буолан, ыытыллар миэрэлэри барытын тутуһан олороллор, ким даҕаны мээнэ быгыалаабыт, салгын сии сылдьар дьон ханна да көстүбэт.
Дьон үөрэннэ, мин бэйэм даҕаны үөрэнним. Бишкекка, биллэринэн, 400-тэн тахса киһи ыалдьыбыт, үксүлэрэ медицинэ үлэһиттэрэ уонна обсерваторга олорбут дьон. Күн тура-тура сыыппара уларыйа турар.
Биһиги олорор оройуоммутугар кыаммат, кырдьаҕас, дьиэттэн сатаан быкпат эмээхситтэр бааллар, олорго дьүөгэлэрбинээн бородуукта, күннээҕи туттулар мал-сал ылан биэрбиппит. Биһиги бу үтүө дьыаланы ис-испиттиттэн баҕаран туран оҥордубут, үтүө дьыалабыт сүүс төгүл эргийиэ диэн эрэллээхпит.
Биир дойдулаахтарым, маннык ыарахан кэмҥэ бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөһүөхтээхпит, харсытабыллаахтык сыһыаннаһарбытын умунумуоххайыҥ.
КОРЕЯ
Диана Наумова, Кореяҕа олохсуйан олорор:Ф
- Коронавируһу кэриэйдэр хайдах ылыннылар?
- Бу дойдуга өскөтүн суһал быһыы-майгы үөскээтэҕинэ, эрдэттэн интэриниэт ситиминэн олохтоохтору сэрэтэллэр. Ол иһитиннэриилэрэ суотабай төлөпүөҥҥэ кэлбитэ, ол кэннэ Сеул куорат улахан экраннарыгар биллэрбиттэрэ. Чопчулаан эттэххэ, коронавирус тохсунньу ыйга кэлбитэ.
Кэриэйдэр бары түмсүүлээх, биир ыал курдук буоланнар, бастакы харыстынар миэрэлэри барытын тутуспуттара. Бары көмүскүүр мааскалаах (үксэ дьон kf94, 80kf диэни ылан кэтэллэр, кини араас куһаҕан бактерияттан көмүскүүр кыамтата быдан күүстээх) хаамсыбыттара. Сыаната 2500 вона этэ, ол эбэтэр биһиги харчыбытынан 149 солк. Билигин 4000 вона буолбуттар, биһиэнинэн 239 солк.
Олунньу ыйга вирустан көмүскүүр мааска, антисептик аптекаларга, маҕаһыыннарга бүппүтэ. Ыксал буолан, дьүөгэлэрбин кытта метроҕа олорсон атын станцияҕа, атын куораттарга баран, мааска көрдүүрбүт. Шиктанарга (кэриэйдэр кафелара, рестораннара) мааскалаах эрэ аһыы киирэҕин, онто суох киллэрбэттэр, үүрэн ыыталлар эбэтэр ыстарааптыыллар. Улахан атыы-эргиэн кииннэригэр, улахан иэннээх дьиэлэргэ киирэриҥ саҕана темпетатураҕын кээмэйдииллэр. Өскөтүн темпетатураҥ суох буоллаҕына, ититэр сканерынан ааһаҕын, ыалдьа илик курдук сананаҕын. Арай температуралаах эбэтэр дьүһүнүҥ, бодоҥ бороохтуйбут түгэнигэр, сонно тута суһал көмөҕө тыллыыллар.
Кэриэйэҕэ медицинэ сайдыбыт сирэ, коронавируска анализ төһө суума буолар эбитий?
- Ортотунан 300 000 вонаны төлүүгүн, биһи харчыбытынан 17 992 солк. буолар. Сорох клиникаларга 500-659 $ тиийэ буолар. Өскөтүн ыарыыҥ аналиһа бигэргитиллибит буоллаҕына, судаарыстыба аналиһыҥ харчытын төнүннэрэруонна босхо эмтиир.
- Мааска дьыалата билигин хайдаҕый?
- Ыарыы күүһүрүөҕүттэн, олохтоохторго эрэ мааска биэрэр буолбуттара. Билигин нэдиэлэҕэ биир киһиэхэ икки эрэ маасканы атыылыыллар. Мааска ылан кэтиэххин баҕардаххына, кырата 2-3 чаас уочаракка туруоххун наада. Антисептик биир киһиэхэ биир эрэ устуука атыыланар.
- Мааска атыылыылларыгар анал сыһыарыы оҥорбуттарын истибитим.
- Оҥорбуттара. Бу сыһыарыы эйигиттэн чугас ханна мааска атыыланарын уонна хас устуука атыыга баарын көрдөрөр. Cыһыарыы күннэтэ уларыйа турар, түбэстэххинэ ылаҕын, суох буоллаҕына – суох. Ыарыы ханна сытарын, хайа дьиэттэн кими ылбыттарын эмиэ көрдөрөр, төлөпүөҥҥэр иһитиннэрии кэлэр, онон олус табыгастаах. Бэйэтэ навигатордаах буолан: “Бу сиргэ сылдьыма, итини тыытыма, манна олор”, – диэн биллэрэ олорор.
- Кэриэйэ бэйэтин дьонугар туох көмөнү олохтоото?
- Сэттэ сааһын туола илик оҕолоох ыаллар судаарыстыбаттан 400 000 вон (24 000 солк.) ылаллар. Мантыкайдара «поинт” диэн ааттаах. Хас биирдии оҕо поинта электроннай буолар. Аны туран, улахан атыы-эргиэн кииннэригэр төлүүр кыахтара суох. Кыра, орто бизнестээх урбаанньыттарга көмө буоллун диэн, кыра эрэ маҕаһыыннарга туһаҕа таһаарар бырааптаахтар.
- Кэриэйэ дьоно пандемияттан харыстанаары, эмп-томп бөҕө иһэллэрэ буолуо дуу?
- Кыраттан улаханыгар тиийэ араас битэмииннэри иһэллэр уонна кыһыл хахтаах женьшень экстрагын сытыытык тутталлар.
- Сахабыт сиригэр бу ыарыы эмиэ кэллэ.
- Биллэрин курдук, элбэх тэрээһин тохтоото. Хармааҥҥа да оҕустарыы буолла. Ол эрээри киһи доруобуйата харчытааҕар күндү буоларын өйдүөх тустаахпыт. Харыстаныахха наада. Дьон тоҕуоруһар сирдэригэр сылдьымыахха, ол кэриэтэ дьиэҕэ олорон киинэтэ көрүөххэ, кинигэтэ ааҕыахха. Таһырдьа кыра кыһалҕаҕа тахсымыахха. Аптекаттан экстракт эхинацеи ылан иһиҥ, уопсай иммунитеккытын бөҕөрҕөтүөҕэ. Ыстакаан аҥаара ууга 40 хааппыла кутан суурайан иһэҕит.
Манна баран эттэххэ, өскөтүн саастаах киһи ыарыйдаҕына, эдэрин быыһыахтара... Кэриэйдэргэ да, Европа да оннук дьаһанан олорор.