12.01.2022 | 16:00

«Омикрон» штамм кэлэр куттала баар

«Омикрон» штамм кэлэр куттала баар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бырабыыталыстыба мунньаҕар өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев бырааһынньыктар кэннилэриттэн кэлии-барыы элбээн, региоҥҥа «омикрон» штамм кэлиэн сөбүн, онон сибээстээн сэрэхтээх буолуу ирдэнэрин бэлиэтээтэ. 
Вице-премьер, Суһал штаб салайааччытын солбуйааччы Ольга Балабкина иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи доруобуйа харыстабылын Министиэристибэтэ саҥа ыарыы көрүҥэ кэлэригэр бэлэм.
"Күн аайы хонтуруолга Мэҥэ Хаҥалас, Булуҥ, Сунтаар, Орто Халыма улуустара сылдьаллар. Кыһыҥҥы суол арыллан ити улуустар уһук нэһилиэктэригэр ыалдьыбыт дьон баара бэлиэтэнэр" – диэтэ вице-премьер.
Билиҥҥи туругунан регион балыыһыларыгар ыарахан туруктаах 48 ыарыһах сытар, 8 киһи – реанимацияҕа.
Тымныйан эбэтэр ОРВИ курдук ыарыйдылар да дьон тута олорор сиринэн поликлиникаттан бырааһы ыҥырыахтаах. Ыарыһахха кэлбит быраас булгуччу коронавируска анаалыс ылыахтаах. Быраас анаалыс ылартан аккаастанар түгэнигэр доруобуйа харыстабылын итии линиятыгар 122 нүөмэринэн эрийэн этиэхтэрин сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....