13.02.2022 | 17:00

Олунньу ыйдааҕы уларыйыылар

Олунньу ыйдааҕы уларыйыылар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

ТАСС РФ Госдууматын кытта 2022 сыл олунньу ыйтан үлэлиэхтээх суолталаах сокуоннары уонна быраабылалары талан таһаарбытын ааҕааччыларбытыгар билиһиннэрэбит.

Биэнсийэ индексацията

Олунньу ыйтан үлэлээбэт биэнсийэлээхтэр үрдэтиллибит страховой биэнсийэ ылан саҕалыахтара – инфляция таһымыттан үрдүк, 8,6% индексацияланар. Маны таһынан биэнсийэлээхтэргэ тохсунньуга ылбатахтарын араастаһыытын эбии ааҕыахтара. Санатан эттэххэ, сыл саҥатыгар, о.э. тохсунньуга 5,9% үрдээбит биэнсийэ ылбыттара. Онтон сокуон киирэн, үлэлээн үрдэтии 8,6% быһыллыбыта, онон тохсунньугут эбии ааҕыллан олунньуга син ботуччу биэнсийэ кэлиэҕэ.

 

Ийэ хапытаалын кээмэйэ

Олунньу 1 күнүттэн ийэ хапытаала уонна да атын босуобуйалар 8,4% индексацияланнылар. Ийэ хапытаала бастакы оҕоҕо 524,5 тыһыынча солкуобай, иккис оҕоҕо – 693,1 тыһыынча солкуобай, өскөтүн дьиэ кэргэн ийэ хапытаалын бастакы оҕоҕо ылбатах буоллаҕына. Оттон иккис оҕоҕо эбии төлөбүр, өскөтүн дьиэ кэргэн ийэ хапытаалын бастакы оҕоҕо ылбыт буоллаҕына, 168,6 тыһыынча солкуобай буолар.

Билигин ийэ хапытаалын уруккутун курдук инфляция көрдөрүүтүнэн үрдэппэккэ, сыл аайы сыана кээмэйэ (индекс цен) үрдээбититтэн суоттаан таһаарыахтара.

Вакцинацияттан көҥүллээхтэри хонтуруоллааһын

COVID-19 утары хас вакцина биэрии кэнниттэн (компоненнарын) эбэтэр вакцинацияҕа медицинскэй өттүнэн сөп түбэспэт (медотвод) буоллаҕына, ол туһунан билии анал иһитиннэрэр ресурстарга киллэриллэр. Онон олунньу 1 күнүттэн вакцинацияттан медицинскэй өттүнэн сөп түбэспэт буолуу хонтуруолга ылыллар.

Уопсастыбаннай миэстэлэргэ сылдьыыга сертификата суох буоллаҕына, гражданин ыалдьыбыт, вакцина ылбыт эбэтэр медицинскэй утарыылаах буоллаҕына, ПЦР ньыманан коронавируснай инфекциянан ыалдьыбатах, ыраас диэн бигэргэтэр чинчийиини ааспыт докумуону илдьэ сылдьыахтаах.

 

Киинэҕэ «Пушкинскай каартанан»

Эмиэ бу ый 1 күнүттэн “Пушкинскай каартанан” туһаныыга дойдубутугар оҥоһуллубут, уһуллубут киинэлэргэ билиэт атыылаһарга кыах үөскээтэ. Маныаха каарта уопсай сууматыттан киинэҕэ сылдьыыга икки тыһыынчаттан элбэх суума бараныа суохтаах, санатар буоллахха, каартаҕа биэс тыһыынча солкуобай суума баар.

“Пушкинскай каарта” 14 саастарыттан 22 сааһыгар диэри Арассыыйа олохтоохторугар култуурунай тэрээһиннэргэ уонна тэрилтэлэргэ судаарыстыба төлөбүрүгэр сылдьарга кыах бэриллэр.

Элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр туруктара

Былаас уорганнара уонна олохтоох бас билиилэр олунньу 1 күнүттэн Росреестр дааннайыгар дьиэ хаарбах туруктаах буолбутун, көтүрүллэрин эбэтэр чөлүгэр түһэриллэрин туһунан иһитиннэрии биэрэр эбээһинэстэнэллэр. Бу бэриллибит иһитиннэрии Биир кэлим судаарыстыбаннай хамсаабат хапытаал реестригэр ыытыллар (ЕГРН).

Иһитиннэрии ким баҕарар ыйытыгынан выписка быһыытынан бэриллэр буолар.

«Арктическай гектар»

Олунньу 1 күнүттэн Арассыыйа ханнык баҕарар олохтооҕо эбэтэр судаарыстыбаннай бырагырааманан баҕа өттүнэн дойдутугар көһөн кэлбит киһи арктическай сиртэн босхо гектары ылар кыахтанар. Урут сири анал бэрээдэгинэн олохтоох киһиэхэ эрэ биэрэллэрэ.

Быраабыла быһыытынан бырагыраамаҕа киирэргэ сыл иһигэр боломуочуйалаах уоргаҥҥа сири хайдах туһаныаххын баҕарарыҥ туһунан биллэриэхтээххин, үс сыл кэннэ үс ый иһинэн сири туһаммытыҥ туһунан декларация оҥороҕун, онтон биэс сыл болдьох түмүктэннэҕинэ сыл аҥаарын иһигэр сири бэйэ бас билиитигэр эбэтэр уларсыкка биэрии туһунан сайабылыанньа суруйаҕын, хайдах туһаммыккын бигэргэтэн туран.

 

Экологическай ыстарааптар

Киртитэр эттиктэри үлүбээй быраҕаттыыры хонтуруоллуур автоматическай систиэмэлэри кэмигэр туруорбатахха эбэтэр ол суох буоллаҕына ыстарааптар киирдилэр. Олунньу 1 күнүттэн ыстараап доуһунастаах сирэйгэ 40 тыһыынчаҕа тиийэр, юридическай сирэйгэ – 200 тыһыынча солкуобайга диэри.

Маны таһынан ыстараап ирдэниллэр, өскөтүн хонтуруоллуур систиэмэ ирдэбил быһыытынан кэһиилээхтик туруоруллубут эбэтэр судаарыстыбаннай реестргэ сөбө суохтук дааннайын биэрэр буоллаҕына.

 

Педофиллары тыыннаахтарын тухары хаайыы

Сокуоннай саастарын туола илик оҕолору күүһүлээһин, ону таһынан иккистээн атаҕастааһын, иккитэ эбэтэр хаста да саастарын ситэ илик оҕолору, эбэтэр атын да ыарахан буруйу кинилэр тустарыгар оҥоруу иһин олунньу 8 күнүттэн көҥүллэрэ үйэлэрин, тыыннаахтарын тухары быһыллар саҥа сокуон олоххо киирдэ.

 

Табах уонна арыгы иһин ыстараап

Олунньу 8 күнүттэн маркировката суох атыыга тахсыбыт табах уонна итирдэр утах бородууксуйатын иһин ыстараап хас да төгүл үрдээтэ.

Маны таһынан тиэйии иһин эмиэ административнай эппиэтинэс киллэрилиннэ. Физическэй сирэйдэргэ ыстараап 15 тыһыынчаттан 25 тыһыынча солкуобайга диэри бородууксуйаларын былдьаан туран оҥоһуллар.

 

Дьиэ атыылаһарга саҥа быраабылалар

Кыбартыыра эбэтэр дьиэ атыылаһарга саҥа киирбит быраабылалар Арассыыйа олохтоохторун масыанньыктартан көмүскүөхтэрэ диэн Госдуума дьокутааттара этэллэр.

Ол курдук саҥа сокуоҥҥа этиллэринэн, былаас уонна олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара Росреестрга дьиэ туһунан толору иһитиннэриини биэриэхтээхтэр. Бу быраабыла олунньу 1 күнүттэн үлэлиир.

Онон, гражданин дьиэ атыылаһыан иннинэ ЕГРН дьиэ ханнык туруктааҕын туһунан ыспыраапка (выписка) ылар кыахтанар. Таһыттан көрдөххө дьиэ туох да үчүгэй туруктаах, истиэнэтэ бөҕө-таҕа, саҥа кырааскалаах, бүрүөһүннээх буолан дьон хараҕын албынныан сөп, оттон ис-иһигэр киирдэххэ абыраҕа, өрөмүөнэ биллибэт гына оҥоһуллубут дьиэни атыыласпыт, албыннаппыт дьон аҕыйаҕа суох. Манан ордук масыанньыктар туһаналлар. Онон атыыласпыт дьиэҥ сотору көтүрүллээри турарын билбэккэ хаалыаххын сөп. Бу туһунан Госдуума дьокутаата Вячеслав Володин иһитиннэрэр.

Урут тутуу туругун билиэххэ сөп этэ гынан баран, дьон администрацияҕа ыйытык түһэрэн баран ыйы быһа эппиэти кэтэһэллэрэ. Билигин Рореестртан выписканы төһө баҕарар түргэнник ылыахха сөп буолла.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....