27.01.2022 | 12:00

Олунньу 1 күнүгэр диэри спорт тэрээһиннэрэ тохтууллар

Олунньу 1 күнүгэр диэри спорт тэрээһиннэрэ тохтууллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тохсунньу 25 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна спортка Министиэристибэтэ, Саха сиригэр халандаарынан былааҥҥа киирбит бары спорт тэрээһиннэрин олунньу 1 күнүгэр диэри тохтоторго уураах таһаарда. Бу туһунан Министиэристибэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Санатан эттэххэ, Саха сиригэр коронавирус дьаҥынан ыалдьыы күн-түүн эбиллэ турар. Өрөспүүбүлүкэ реанимацияларыгар ыарахан туруктаах, быһыыны ылбатах 13 ыарыһах сытар.
Быһыы маҥнайгы компоненын 562 708 киһи (Саха сирин нэһилиэнньэтин улахан дьону 78,5%-на) ылбыт. Хаттаан быһыыны 118 098 киһиэхэ биэрбиттэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....