17.08.2020 | 13:16

Олорор уулуссаҥ историятын төһө билэҕин?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Маннык ыйытыктаах мин Дьокуускай олохтоохторугар сибээскэ тахса сырыттым. Мин санаабар, куоракка олорор дьон үксэ олорор уулуссаларын аатыгар улаханнык болҕомтолорун уурбат буолуохтаахтар. Ону таһынан, уулуссаларын историятын да билбэт буолуохтарын эмиэ сөп. Дьокуускай куорат уулуссаларын историятын төһө билэллэрин билээри,  ыйытык оҥордум.

Дьокуускай куораппыт аны күһүн балаҕан ыйыгар төрүттэммитэ 378 сылын туолар. Сылын аайы ыытыллар куорат күнүгэр тематическай тэрээһиннэр ыытыллаллар. Онон дьон-сэргэ төрөөбүт куоратын туһунан үгүстэрэ билэр буолуохтаахтар. Оттон уулуссалар ааттарын төһө билэллэрий?

Киин куоракка араас ааттаах уулусса элбэх. Бу кэнники кэмҥэ сорох уулуссаларбыт сөбө суохтук ааттананнар, дьон-сэргэ ортотугар мөккүөр тахсара үгүс. Поярков уулуссатын аатын уларытыаҕыҥ диэччилэр кытта бааллар. Кинилэр история кырдьыгар олоҕуран, ону дакаастыы сатыыллара эмиэ оруннаах курдук. Сахабыт сиригэр олох сыһыана суох Степан Халтурин аатынан куораппыт биир уулуссата тоҕо итинник ааттаммытын өйдүүр киһи элбэҕэ суох буолуохтаах. Ааттаммыт да ааттаммыт, онно болҕомтолорун уурбаттар. Буолуохтааҕын да курдук, Халтурин уулуссата дии саҥара үөрэнэн хаалбыппыт.

ЫЙЫТЫКТАР:

1. Эн олорор уулуссаҥ историятын төһө билэҕин?

2. Ханнык историческай суолталаах уулуссалары билэҕиний?

3. Быйыл Кыайыы 75 үбүлүөйдээх сыла. Дьокуускай куорат уулуссаларыгар иҥэриллибит Аҕа дойду Улуу сэриитин Геройдарын ааттарын ааттаталыаҥ дуо?

4.Гражданскай сэриигэ кыттыбыт ханнык дьон аата куорат уулуссаларыгар иҥэриллибитэй?

5. Дьокуускай куорат былыргы тутууларын төһө билэҕиний?

6. Куоракка хаһааҥҥыттан олороҕунуй?

Сардаана Васильевна Алексеева, СӨ Национальнай библиотекатын үлэһитэ:

1. Куорат саҥа тутуллубут 203 микрооройуонугар олоробун. Манна кэнники сылларга киһи сэргии көрөр саҥа тутуута бөҕө ыытылынна. Дьиэбит аттыгар сахалартан бастакы академик, Арассыыйа академиятын наукатын чилиэнэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин уонна Дьокууускай куорат бочуоттаах олохтооҕо Владимир Петрович Ларионов аатынан уулусса ааһар. Кини наукаҕа ситиспит үлэтин саха норуота үйэлэргэ умнуо суоҕа. Владимир Ларионов научнай үлэлэрэ норуот хаһаайыстыбатыгар тирэҕирбитэ. Ол курдук, сүрүннээн тымныыны, температура уларыйыытын тулуйар сплавтарынан,  иһэрдиинэн (сыбаарканан) дьарыктаммыт. Ол үлэлэрэ научнай өттүнэн чинчийиллэн, олоххо киирбиттэр.

2. Историческай суолталаах уулусса биһиги куораппытыгар элбэх. Бары дириҥ, киэҥ историялаахтар.

3. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт бэтэрээн аатынан уулусса баарын субу баар диэн өйдөөбөппүн. Арай улуус кииннэригэр баар буолааччы. Дьокуускайга Сэбиэскэй Сойуус Геройдара Федор Кузьмич Попов, Николай Николаевич Чусовской, Владимир Дионисьевич Лонгинов, Николай Алексеевич Кондаков ааттарынан уулуссалар баалларын билэбин.

4. Гражданскай сэриигэ кыттыбыттартан: Кальвица Отто Артурович, Аммосов Максим Кирович, Аржаков Степан Максимович, Богатырев Афанасий Данилович уонна да атыттар ааттыахха сөп.

5. Дьокуускай куорат былыргы тутуулара син бааллар. Холобура, Саха өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотекатын историческай дьиэтэ 1911 сыллаахха тутуллубут. Петровскай уулуссатыгар баар Художественнай музей дьиэтэ 1912 сыллаахха тутуллубут, уруккута казначейство дьиэтэ эбит.

6. Мин куоракка 1993 сылтан олоробун. Бэйэм төрөөбүт дойдум – Үөһээ Бүлүү улууһа.

Нюрбина Николаевна Степанова, педагог:

1. Мин олорор уулуссам Арассыыйа империятын саҕана олорбут революционер Петр Алексеев аатынан ааттаммыт. Кини Арассыыйаҕа оробуочай революционердартан биир бастакылара эбит. Саха сиригэр 1884 сыллаахха сыылкаҕа кэлэн олорбута биллэр. Сэбиэскэй былаас сылларыгар Дьокуускай куоракка киниэхэ анаан биэс миэтэрэлээх обелиск туруоруллубут.

2. Ордук историческай суолталаах Ильменскэй уонна 8 марта уулуссалар буолаллар.

3. Ити ыйытыыга хоруйдуурга ыарырҕатабын.

4. Гражданскай сэриигэ кыттыбыт бойобуой  хамандыырдар Иван Строд уонна Нестор Каландарашвили аатынан уулуссалар баалларын билэбин.

5. Куораппыт былыргы сэдэх тутууларыттан иккини ааттыам  этэ. Ол курдук, Александр Сергеевич Пушкин аатынан Национальнай библиотека. Бу 100-тэн тахса сыл анараа өттүгэр тутуллубут.  Куорат дьоно култуурунай өттүнэн сөбүлээн сылдьар сирдэрэ “Киин” киинэ театра сэрии кэминээҕи тутуу буоларын билэбин.

6. Бэйэм куоракка төрөөбүтүм, сааһым 24.

Элеонора Семеновна Анисимова, Учууталлар учууталлара, Үөрэҕирии бочуоттаах бэтэрээнэ:

1. Дьокуускай куораккаПетр Ильич Чайковскай аатынан уулуссаҕа олоробун. Бу нуучча улуу композитора, кини айымньыларын билбэт, сыаналаабат киһи, бука, суоҕа буолуо. Үгүс элбэх балет, симфония, увертюра, вальс суруйбута. Кини 1840 сыллаахха төрөөбүтэ, 1893 сыллаахха өлбүтэ. Петр Ильич Чайковскай аатын Музыка консерваторията, Симфония оркестра сүгэр.

2. Тыаттан куоракка көһөн киирбитим ыраатта. Куорат историческай уулуссаларын син билэбин. Сахабыт сирин киин куоратын былыргы куоратынан ааҕыахха сөп. Тоҕо диэтэххэ, үс үйэ тухары уларыйыы-тэлэрийии бөҕөтө бардаҕа дии.  Быйыл куораппыт 378 сааһын туолуохтаах. Пандемиянан сибээстээн, онлайн тэрээһиннэр ыытыллаллар ини диэн эрэнэбин. Биһиги, кырдьаҕас дьон, хааччахха олоробут. Онон сонун, култуурунай тэрээһиннэри тэлэбиисэр нөҥүө көрөбүт, куораппытыгар буола турар сонуннары онтон истэбит.   

3. Быйыл Кыайыы 75 үбүлүөйдээх сыла барыта онлайн нөҥүө ыытылынна. Саамай күүппүт бырааһынньыкпыт этэ. Хайыахпытый, дьаҥ-дьаһах буулаан, хааччахтааһын миэрэлэрэ киллэриллибиттэрэ. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр уһулуччу хорсуннарын көрдөрбүт саха снайпера Федор Попов, сэбиэскэй летчик С. А. Асямов, В.Ф. Быковской, Р. Зорге, Зоя Космодемьянская, Ульяна Громова, Александр Матросов, А.И. Покрышкин, Олег Кошевой ааттарынан уулуссалар биһиги куораппытыгар иҥэриллибиттэрэ.

4. Мин билэрбинэн, Кеша Алексеев, С.В. Курашов, М.К. Аммосов, Ю.А. Билибин, А.Д. Богатырев, О.А. Кальвица ааттара иҥэриллибиттэрэ.

5. Киин куораппыт саамай былыргы тутууларын “Эргэ куорат” комплексыгар көрүөххэ сөп. Төһө да саҥардыллан, сөргүтүллэн тутулуннар, оччотооҕу кэми туоһулуур тутуулар буоллахтара. Өссө киһи киэн туттар былыргы тутуулара Кушнарев дьиэтэ, окружной суут дьиэтэ (билиҥҥинэн Наука Академиятын таас дьиэтэ), казначейство, урукку Саха театра, Краеведческай музей дьиэтэ буолаллар.

Василий Васильевич Илларионов, профессор:

1. Николай Чернышевскай биллиилээх революционер-демократ. Бүлүүгэ сыылкаҕа олорбута. Кини сыылкаҕа олорон үлэлээбитин туһунан историк, профессор И.М. Романов анаан үлэлээбитэ.

2. И.В. Бекетов, М.В. Стадухин, В.Д. Поярков, С.И. Дежнёв,  Е.П. Хабаров курдук нуучча  уолаттара Саха сирин баһылааһыҥҥа саҥа сирдэри арыйыыга үлэлээбиттэрэ.

3. Дьэ, бу ыйытыкка хоруй биэрэргэ ыарырҕатабын. Арай Берлиҥҥэ аатын үйэтиппит Ф. Донской баар ини.

4. Легендарнай хамандыыр,Саха сирин гражданскай сэриитин кыттыылааҕа Е. И. Курашов, К.К. Байкалов, И.Я. Строд, Н.А. Каландаришвили, Кеша Алексеев аатын сүгэр уулуссалар куораппыт ол ааспыт кэрдиис кэмин санатар историятын кэрэиттэрэ буоллахтара.

5. Куораппыт былыргы тутуулара бары кэриэтэ историческай суолталаахтар. Ол курдук, Шергин шахтатын туһунан киһи элбэҕи эдэр ыччакка кэпсиэн сөп.  Учительский семинария дьиэтэ бэйэтэ туһунан историялаах. 100-нэн сылларга турар Национальнай библиотека дьиэтэ куораппыт киинин саамай ураты архитектуралаах тутуута буолар. Академия дьиэтэ, Романовтар дьиэлэрэ, Кружало, Западнай европейскай искусство дьиэтэ, Таҥара дьиэлэрэ, ТЭЦ дьиэтэ бары ааспыт үйэ кэрэһиттэрэ буолан тураллар. Уопсайынан, киин куораппыт былыргы да, аныгы да историятын, куораппыт уулуссаларын ааттарын инники көлүөнэ ыччат билиэн, үөрэтиэн наада диэн саастаах киһи быһыытынан баҕа санаабын тиэрдэбин.

6. Мин 1968 сылтан  куоракка олоробун. Онон куоратым миэхэ чугас, күндү буолар.

Анастасия Иннокентьевна Габышева, СӨ култууратын туйгуна:

1. Мин Воинская уулуссаҕа олоробун, урут 60-с сылларга байыаннай чаас арыллыаҕыттан, маннык ааттаммыт. Төһө да куорат сиртэн тэйиччи турдар, сирин-уотун ордоробун.

2. Куораппыт уулуссалара бары историяны уһансыбыт өрөспүүбүлүкэбит чулуу дьоннорун ааттарын сүгэллэр буоллаҕа.

3.Кыайыы 75 сылынан быйыл куоракка Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт Герой аатынан уулусса арыллыбата. Эрдэ бэриллибит уулуссалар ааттара Краснояров, Лонгинов, Охлопков, Попов уонна уонча Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыт Геройдар ааттарын сүгэр уулуссалар бааллар.

4. Покровскайтан төрүттээх генерал-майор Андрей Иванович Притузов аатынан уулусса баарын билэбин. Кини үс сэрии кыттыылааҕа. Ол курдук, аан дойду бастакы, гражданскай уонна Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыта.

5. Куоракка урукку тутуулартан, олох аҕыйах тутуу хаалла.  Ярославскай музей, Пушкин библиотеката, художественнай музей дьиэтэ уонна Чернышевскай уулуссатыгар турар эргэ мас дьиэлэр бааллар.

6. Дьокуускай куоракка 1995 сылтан олоробун. Төрдүм Сунтаар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...