06.11.2022 | 13:00

Олохтоохторго — үөрүү, оҕолорго — дьол!

Олохтоохторго — үөрүү, оҕолорго — дьол!
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Киин куорат араас уокуруктарыгар сайын устата тиэргэннэри тупсарыы уонна оҕо балаһааккаларын тутуу үлэтэ тиһигин быспакка ыытылынна. Биһиги хаһыаппытыгар үлэ хаамыытын, олохтоохтору туох-ханнык боппуруос долгутарын сырдата олорбуппут. Билигин номнуо кыстык хаарбыт түһэн, эбийиэктэр бары үлэҕэ киирэр түһүмэххэ киирдилэр. 
Бу сырыыга анаан-минээн кытыы сытар тиэргэннэри кэрийэн, илэ харахпытынан көрдүбүт, олохтоохтору кытта сэлэстибит. 
Санатан эттэххэ, тупсарыы, саҥардыы үлэлэрэ  «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» уонна «Мин тиэргэним” бырайыактарынан ыытыллар.

Автодорожнай уокурук

Автодорожнай уулусса, 40/5, 40/6 дьиэлэр тиэргэннэригэр сабыс-саҥа оҕо оонньуур балаһааккалара тутуллан киирбиттэр. Ону сэргэ суолларын аспааллаабыттар, тротуардары, олорор ыскамыайкалары аныгылыы моһуоннаах гына тупсаран оҥорбуттар. Чахчы, урукку хартыынаны кытта тэҥнээтэххэ, аныгы куорат усулуобуйатыгар сөрү-сөп эбийиэк буолбут. Салгыы көҕөрдүү үлэтэ эһиилгиттэн ыытыллара былааннаннар.

Анна:

Бу сайын устата барытын оҥорон киллэрдилэр. Олохтоохтор бары эбийиэктэр хаачыстыбалаахтык тутуллубуттарын бэлиэтиибит. Оҕо хачыала, ыскамыайкалар барыта лоп-бааччы буолуохтааҕын курдук. Наһаа үөрэн, астынан сылдьабыт.

Игорь:

Оҕо балааһакката наһаа үчүгэй буолбут. Ол оннугар дьиэлэрбит киирии аартыктара мөлтөһүөр соҕустар. Маны оҥорбоппут диэбиттэрэ, хапытаалынай өрөмүөн салаата оҥороро буоллар. Түгэнинэн туһанан, бары олохтоохтор ааттарыттан эбийиэктэри үлэҕэ киллэрбит дьоммутугар махтанабыт. Билигин хаар түстэ, таһырдьа тахсан оонньуур да оҕо ахсаана аҕыйаата.

Автодорожнай уокурукка улахан үлэ барбыт. Суол аспаалламмыт, саҥа тротуар, воркаут-балаһаакка, баскетбол уонна волейбол оонньуурга улахан эргиирдээх балаһаакка.

Салгыы Птицефабрика оройуонугар айаннааатым.

Птицефабрика, 6

Птицефабрика уулуссатын, 6,7 дьиэлэригэр эмиэ «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» уонна «Мин тиэргэним” бырагырааманан саҥа оҕо балаһаакката үлэҕэ киирбит. Автодорожнай уокуруктан туох даҕаны уратыта суох эбийиэк.

Руслан:

Таһымнаах эбийиэги тутан киллэрдилэр. Манна олохтоохтор барытын көрө-истэ, хонтуруоллуу сырыттыбыт. Кытаатан, харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахха, уһуннук сулууспалыырыгар кыһаллыахха наада. Хас биирдии кыбартыыраҕа оҕолор бааллар, сылаас күннэргэ тахсан оонньууллар, мээчик тэбэллэр. Аҕам саастаах дьон ыскамыайкаҕа тахсан ирэ-хоро сэлэһэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...