16.01.2021 | 17:04

Олохтоохтор хаачыстыбаны ирдииллэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Евгений Григорьев ааспыт 2020 сыл түмүгүн уонна 2021 сылга ыытыллыахтаах үлэ былаанын туһунан маннык иһитиннэрдэ:

— 2020 сыл төһө да ыарахан сыл буоллар, былааннаммыт үлэлэр этэҥҥэ түмүктэннилэр. Дьокуускайга  2020 сылга улахан  хапытаалынай өрөмүөн, тутуу, 23,6 км усталаах суоллары ситэрии, ол курдук өссө 2019 сылга саҕаламмыт 12 көһө сылдьар эбийиэктэри, “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар” диэн барыл иһинэн суоллары чиҥэтии, сырдатыы уонна көҕөрдүү үлэлэрэ ситиһиилээхтик оҥоһулуннулар.  2021 сылга былаан икки төгүл үрдээтэ. Ол курдук, 46 км суол куорат ис-тас өттүгэр оҥоһуллуохтаах. “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар” диэн барыл иһинэн 2020 сылга 57 тыһыынча кв. миэтэрэ тротуар аспаалынан уонна плитканан оҥоһулунна. Тротуар тутуута 2-3 төгүл улаатта. Ол иһин улахан болҕомтону тутуу хаачыстыбатыгар уонна болдьоҕор ыпсарыгар ууруллар. Сорох кэмнэргэ тутааччы бэдэрээтчиттэргэ элбэх боппуруостар үөскээн тахсаллар. Итэҕэс-быһаҕас да баар буолар. Онон сороҕор ыстарааптыырга күһэллэбит. Урукку сыллар курдук суол хаачыстыбатын көрүүгэ, ирдииргэ норуот хонтуруола көмө буолар. Онно сүрүн болҕомто ууруллар уонна биир ситимнээх үлэ ыытыллар. Ааспыт сыл ахсынньы ыйыгар суол тутуутун кыһалҕаларыгар “онлайн” конференция ыытыллыбыта. Онно куорат олохтоохторо бэйэлэрин олорор сирдэригэр суол кыһалҕатын быһаарыыга интэриэстээхтэрин көрдөрбүттэрэ. Бу хайысхаҕа былаан уонна ирдэбил өссө үрдээбитэ. Норуот хонтуруола үлэлиирин билбиппит. Үлэбит биир сүрүн хайысхатынан 2020 сылга куорат уулуссаларыгар суолу сырдатыы боппуруоһа буолбута. “Сырдык киин куорат” диэн барыл иһинэн  280 уулусса баҕаната: 91 баҕана куорат кытыытыгар уонна 189  баҕана куорат иһигэр тутуллубуттара. Бу атын сыллары тэҥнээн көрдөххө, эмиэ  үрдүк көрдөрүү буолар. “Куттала суох куорат” диэн барылга эбии биэс  камера суолга уонна икки киин туочука “гражданин-полиция” туруоруллубуттара. Киин куораппытыгар “комплекснай”, ол аата биир территорияҕа оскуола, оҕо киинэ тутуллар. Уопсайынан, нэһилиэнньэ туһанар, үөрэнэр, үлэлиир тэрилтэлэрэ биир сиргэ тутуллара “комплекснай киин” дэнэр. Бу аныгылыы комплекснай тутууга көһүү буолар. 2020 сыл Дьокуускай куораппытыгар, Улуу Кыайыы бырааһынньыгын үбүлүөйдээх 75 сылынан биллэриллибитэ.  Куорат күнүгэр “Кыайыы Паарката” аһыллыбыта. Балаҕан ыйыгар Сэбиэскэй Сойуус геройугар Владимир Лонгиновка аналлаах сквер Сайсарыга,  “Туймаада саллаата” Мемориальный кииҥҥэ (комплекска) Аҕа дойду Улуу сэриитин снайперыгар анаан пааматынньык аһыллыыта буолбута. Ааспыт сыл олунньу 7 күнүгэр Кыайыы Пааркатыгар Сэбиэскэй Сойуус геройугар Иван Кульбертиновка анаан пааматынньык аһыллыыта үөрүүлээхтик ааспыта. Аҕа дойду Улуу сэриитин геройдарыгар аналлаах өйдөбүнньүк пааматынньыктар биһиги куораппытыгар мэлдьитин тутулла туруохтара. 2022 сылга, Саха автономнай өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ 100 сылыгар анаан  аныгылыы тутуулаах, киэҥ-куоҥ “Кыайыы Пааркатын” ситэриэхпит. Ол курдук Кыайыы болуоссатыгар былаан быһыытынан хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыахтаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....