22.09.2021 | 15:00

Олохтоох каадырдары үлэнэн хааччыйарга!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн «Навахту14.рф» бырайыак ааптара Петр Чехордуну кытта промышленнай уонна производственнай салааларга хайдах гынан олохтоох каадырдары үлэнэн хааччыйар туһунан кэпсэттибит.

— Олохтоох нэһилиэнньэни промышленнай салааҕа бэлэмнээһин уонна үлэҕэ киллэрии биһиги уопсай национальнай идиэйэбит буолар. Билэргит курдук, Саха сиригэр икки сүрүн дохуоттаах салаа баар. Бастакыта – IT.  Арсен Томскай, ини-бии Ушницкайдар курдук атын эдэр талааннар тахса туралларыттан судаарыстыба таһымыгар сайдыы барарын биһиги бары үчүгэйдик билэбит. Иккис хайысха – промышленность уонна производственнай салаа.

Официальнай чахчылары ылан эттэххэ, орто хамнас манна 123 548 солк. тэҥнэһэр, тыа хаһаайыстыбатыгар уонна эргиэҥҥэ үлэлиир дьонтон 3 төгүл улахан. Кистэл буолбатах, кэккэ кыһалҕалар бааллар. Ол курдук, биһиэхэ үлэ ресурсаларыгар көһүү динамиката атын регионнартан уонна чугастааҕы тас дойдулартан вахтанан үлэлээччилэр ахсааннара быдан намыһах. Биһиги региоммут промышленнай үүнүүтүн көрдөрүүтэ 25%-нан эрэ улааппыта. Аҕыс ый көрдөрүүтүн түмүгүнэн Уһук Илиҥҥэ бастакы строканы ылары ситистибит. Салгыы үрдүүрэ саарбаҕа суох. Ону ырытан, өрөспүүбүлүкэ салалтата бары кыһамньыларын ууран туран, хампаанньалары кытта дуогабардаһар, механизмнары үлэлэтэр уонна биир дойдулаахтарбыт үлэлэрин-хамнастарын судургутутар туһугар тустаах усулуобуйаны тэрийэр. Ол гынан баран бу хайысхаҕа үрдүк кэрдиискэ тахсарбыт улахан соруктары эрэйэр. Промышленность салаатыгар барыахпыт иннинэ маҥнай бэйэбит төбөбүтүн, өйбүтүн-санаабытын уларытыахтаахпыт, ирдиир уонна кириитикэлиир позицияларбытын ырытыахтаахпыт, үлэ көдьүүстээҕин туруулаһыахтаахпыт.

Нэһилиэнньэ дохуотун үрдэтэргэ сытан эрэ толкуйдуур, ыра санаа оҥостор буоллахпытына кэскилэ суох. Бастатан туран, бу сыалы ситиһэргэ тустаах коллективнай кыһамньылары ууруохтаахпыт. Нэһилиэнньэни уһугуннарыахха наада.

— Нэһилиэнньэ бүк түһэн сырыттаҕына, хайдах гынан уһугуннарабыт? Сорох киһи букатын даҕаны робот курдук олохтонон олорор үйэтэ ээ...

— Биһиги, саха дьоно, айылҕаттан сэрэхтээх буолабыт. Уһуннук кыҥыыбыт, ол эрээри быһаарыннахпытына, ким да тохтотор кыаҕа суох. Холобур, ипотека саҥа үөдүйбүтүгэр дьон уһуннук толкуйдуур буолара. Онтон билигин баҕалаах  Москваҕа, Калининградка тиийэ ипотеканы  холкутук ылар буолла.

Ханнык баҕарар саҥа саҕалааһыны, технологияны кытта итинник быһыы-майгы бастаан эрэммэт буолууну үөскэтэр, ол кэнниттэн тургутуу, критическэй маассаны тосту уларытыы уонна тарҕатыы барар. Бэл, вакцинаны ылан көрүөххэ. Дьон бэйэтэ наадыйар буолла буолбат дуо?

Биһиги бастакы сорукпут — критическэй маассаны тосту уларытыы. Нэһилиэнньэ улахан бырассыастарга тиийэ толкуйдуур буолуохтаах. Бу ситиһиллэригэр уопсайа үс үктэл баар – бастатан туран, оперативнай иһитиннэрии, хас биирдии киһиэхэ үлэ булуон баҕарар сценарийын судургутук уонна өйдөнүмтүө гына оҥоруу. Иккиһинэн, олохтоох үлэ ресурсаларын хаачыстыбатын үрдэтии, атын регионнартан уонна кыраныысса таһыттан вахтовиктары кытта миэстэ иһин быһаччы күрэстэһэр (конкуренция) таһымы үрдэтии. Үсүһүнэн, хампаанньалары кытта үлэлэһэргэ табыгастаах уонна барыстаах буоларын курдук, олохтоох каадырдары бэлэмниир усулуобуйаны тэрийии. Сорох дьон өй албыннатыыта диэн сыана быһыахтарын сөп. Оннук буолбатах. Туох да эгэлгэтэ суох – бу үс састааптаах үлэ хаамыыта дьон өйүгэр-санаатыгар киирдэҕинэ тохтообокко, биир тэҥник үлэ бырассыаһа олохтонуо. Олохтоох каадырдар үрдүк хамнастаах үлэһиттэр буолан тахсар суоллаахтар.

 

— Эн маны ситистибит диэри гынаҕын дуо?

— Мунааҕа суох. Бырайыак оҥоһуллуон иннинэ биһиги профильнай ведомстволарбытын, куратордарбытын кытта үлэ тиһигин бары кыһалҕаларын кичэйэн ырытыспыппыт уонна билигин ону былааннаахтык  суох оҥорорго кыһаллабыт.

Бастатан туран, биһиги быһаарыыларбытыгар түргэнник иһитиннэрии суолтатыгар  соругу туруордубут. Тыл-өс таһымыгар вакансияларбытын иһитиннэрии эрэ быһыытынан буолбакка, систиэмэ көмөтүнэн өссө түргэтэтэн биэрдибит. Хас биирдии тыа сиригэр олорор ыччакка, эдэр киһиэхэ тустаах вакансия таҕыста эрэ, түргэнник тиийэр буолла.

— Ону хайдах тэрийдигит? Былыр этэрбэс араадьыйатын нөҥүө истиһэн үлэлии бараллара...

— Биһиги хас биирдии оройуоҥҥа цифровой филиаллары арыйбыппыт. Билигин информациябыт кэҥээн, өрөспүүбүлүкэ бүттүүнүн хабан олоробут, промышленноска үлэлиэн баҕалаах дьон бары дааннайдарын тута сылдьабыт. Биһиги атын регионнартан вахтовиктары кытта конкуреннаһар хапсыһыыга бириэмэбитин чопчу ситистибит.

— Дьоҥҥо үчүгэй, оттон эһигини кытары бииргэ үлэлиир хампаанньалар тугу барыһыралларый?

— Билигин промышленнай хампаанньалар каадырдары үлэҕэ киллэриигэ олус туһалаах үлэни ыыталлар. Кэлиҥҥи 5-7 сылга киин регионнарга рекрутинговай агентстволар күүскэ сайдыбыттара. Кинилэр хампаанньалар ирдэбиллэригэр эппиэттиир вахтовиктары сүүмэрдээн ылаллар. Итиэннэ Саха сиригэр сыл аайы уонча тыһыынча вахтовиктаах сөмөлүөттэр, поезтар, оптуобустар кэлэллэр. Биһиги үлэлии сылдьар көдьүүстээх механизмы туһанабыт. Ол эбэтэр хампаанньалар наадыйар исписэлиистэрин  олохтоох нэһилиэнньэ ахсааныттан бэлэмнээн таһаарабыт.

Атын регионнартан үлэһиттэри кытта тэҥнээтэххэ, биһиэхэ үс көстүүлээх барыс баар:

Бастакыта –  атын регионнартан вахтовиктары тиэйиини-таһыыны 90 %- ҥа диэри кэмчилээһин. Дьиҥ хартыынаны ылан көрдөххө, биир вахтовигы сылга ортотунан 50-тан 100 тыһ. солк. көтүтэн аҕалаллар, онтон 2-3 ый буолан төттөрү ыытыахтарын наада, ол аата сылга кыччаабыта биир киһиэхэ 300 тыһ. ороскуотураллар. Онтон олохтоох исписэлииһи транспортировкалааһын ортотунан 2,5 тыһ. солк., сылга 25 тыһ. буолан тахсар. Уратыта көстөн кэллэ.

Иккис барыһа – лицензиялаах исписэлииһи миэстэтиттэн булуу. Ол эбэтэр биһиги кимнээххэ наадыйалларын, ханнык исписэлиис тиийбэтин тута үөрэтэн, исписэлиис оҥорон таһаарабыт.

Үсүһүнэн, олохтоох каадырдар бэйэлэрин сирдэрин-уоттарын  ыраастык туталлар. Манна биһиги ийэ дойдубутугар, айылҕабытыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһарбыт көстөр. Билигин хампаанньалар үлэлэрин экологическай түмүктэрин болҕомтолоохтук кэтээн көрөллөр уонна үлэһиттэр дьалаҕай, сатала суох быһыыларыттан улаханнык эчэйиэхтэрин сөбүн  билэллэр.

— Билигин олохтоох нэһилиэнньэни үлэҕэ ылыыга хампаанньалар интэриэстээхтэр дии саныыгын дуо?

— Хас биирдии хампаанньа характердаах. Салайааччыттан улахан тутулуктаах. Кини бэйэтин күүскэ баһылыыр буоллаҕына, өйүн-санаатын барытын кэлэктиипкэ тиэрдэр. Быраабыла курдук, хампаанньалар олохтоох нэһилиэнньэни үлэлэтэргэ интэриэстээхтэр. Хомойуох иһин, олохтоох каадырдары букатын көрбөт хампаанньалар эмиэ бааллар. Онон сыһыаны уларытыахха, хаачыстыбалаах, сыаллаах-соруктаах, үлэни суобастаахтык толорор вахтовиктары ыытыахха наада.

— Бу бырайыагы туох санааттан олоххо киллэрбиккиний? Бука, бэйэҥ эккинэн-хааҥҥынан билбитиҥ буолуо...

— Мин бэйэм Саха сирин араас муннуктарыгар промышленнай салааҕа өр сылларга үлэлээбитим, онтон «Газпром» тэрилтэтин куратордыыр буолбутум. Ол саҕана тоҕо маннык үрдүк хамнаска олохтоох дьон үлэлээбэттэрий, ахсааннара аҕыйаҕый диэн боппуруос турбута. Ити 2017 с. саҕаламмыта. «Анаабыр  алмаастара» хампаанньа тайҕа ортотугар бүтүн империяны тэрийбитин көрөн олус сөхпүтүм-махтайбытым.  М.Н. Евсеев уонна салгыы П.А. Маринычев салайааччылаах халыҥ хампаанньаҕа 98% олохтоох каадырдар үлэлииллэр уонна бары чаһы курдук үлэлииллэр. Оччолорго бу мунньуллубут уопуту атын хампаанньаларга көһөрөр, олохтоох дьону үлэҕэ ылыыны кэҥэтэр баҕа санаа үөскээбитэ. Билигин итинник технологическай идэлэр ирдэниллэр кэмнэрэ кэллэ, ону кытта тэҥҥэ хардыылаабатахпытына, сайдыыттан хаалыахпыт. Тыа сиригэр ыйга 20 тыһ. солк. эргиирдээх олоруохтааҕар,  200 тыһ. солк. хамнастаах буолар таһым буолбатах дуо?

Билигин биһиэхэ үрдүк дохуоттаах технологическай салааларга көһүү уонна бөҕөргөтүү барыахтаах. Бастакы хардыылар оҥоһулуннулар, механизмнар үлэлииллэр-хамсыыллар. Инникитин бу салааҕа улахан уларыйыылары көрөбүт. Барыта биһигиттэн бэйэбититтэн эрэ тутулуктаах.

 

Онон, сахам эр хоһууннара, эдэр ыччата! Олоххутун-дьаһаххытын тупсарыаххытын, дьиэ кэргэҥҥитин иитиэххитин баҕарар буоллаххытына, промышленноска уонна производствоҕа үлэлээҥ. Ускул-тэскил сылдьыахтааҕар кыахтаах тэрилтэлэргэ үлэлээҥ, хамнастаах дьон буолуҥ!

 

Петр Чехордуну кытта сиһилии билсиэххитин сөп:

Сайт: www.навахту14.рф

Инстаграм: rabota_navaxtu14

Төл.: 8968-154-05-08, 8914-829-81-98

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...