08.07.2020 | 09:34 | Просмотров: 677

Олохтоох дьон тутуу хампаанньалыгар үлэлиэхтэрэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сирин 4,4 тыһыынчаттан тахса олохтооҕун 2023 сылга диэри тутуу хампаанньаларыгар «Олохтоох дьону — бырамыысыланнаска» бырагырааманан үлэҕэ киллэриэхтэрэ. Икки тэрилтэни кытта дуогабарынан үс сыл устата 216 киһини үлэҕэ ылыахтаахтар.

Быйыл бырайыак кэҥээн, атын эйгэҕэ эмиэ киирдэ — тутууга, суол-иис хаһаайыстыбатыгар, энергетикаҕа уонна тырааныспарка. 25 хампаанньаны кытта сөбүлэһиигэ илии баттанна. Олортон 18 — тутуу хампаанньалара, 7 — суол хаһаайыстыбатыттан.

2023 сылга диэри барыта холбоон тутууга 4,45 киһини, суол хаһаайыстыбатыгар 654 киһини үлэҕэ киллэрэр былааннаахтарын туһунан  дьарыктаах буолуу кэмитиэтэ иһитиннэрэр. Ону кытта быйыл 200 үлэтэ суох дьону үөрэттэрэр былаан баар. Билиҥҥи туругунан суоппар идэтигэр 31 киһи үөрэнэр.

«Олохтоох дьону — бырамыысыланнаска» бырагыраама вахтовай ньыманан уонна сезоннай үлэҕэ олохтоох дьону киллэриинэн 2017 сыллаахтан үлэлиир. 2019 сыллаахха 8 тыһыынчаттан тахса киһини үлэнэн хааччыйбыттара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.