Олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр муус бэлэмнээтилэр
Күргүөмнээх үлэ икки сиргэ – Хатас сэлиэнньэтигэр уонна Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр ыытылынна. Мууһу тута дьиэ кэргэттэринэн тарҕаттылар.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев Хатаска буолбут субуотунньукка кытынна. Кини бэлиэтээбитинэн, байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын чааһынай дьиэҕэ олорор дьиэ кэргэттэрэ өрүс мууһугар наадыйаллар, байыастар ийэлэрэ уонна кэргэттэрэ бу кэмҥэ өрүү көмө көрдөһөллөр.
«Бүгүҥҥү күҥҥэ инники кирбиигэ, дьиэлэриттэн тэйиччи сылдьар байыаннай сулууспалаахтар дьиэ кэргэттэригэр бары өттүнэн көмөнү оҥоруу – Өйөбүл киинин уонна мэрия үлэлэрин сүрүн хайысхата. Кииммит биир сыллааҕы үлэтин тухары, 10-ча тыһыынча сайаапканан араас көмө оҥоһулунна», – диэн иһитиннэрдэ Евгений Григорьев.
Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр бэлэмнэммит муус 8 дьиэ кэргэҥҥэ тиэрдилиннэ. Бу күн барыта 40 куб муус тарҕатылынна диэн куорат баһылыгын солбуйааччы Егор Кардашевскай иһитиннэрдэ.