02.07.2024 | 21:59 | Просмотров: 418

Олохтоох дьаһалтаҕа салайааччылар уларыйдылар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэнидиэнньиктээҕи былаанныыр мунньахха куорат баһылыга Евгений Григорьев Олохтоох дьаһалта аппараатыгар саҥа анааһыннары кытта билиһиннэрдэ.

Ол курдук, куорат баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Наталья Степанова атын үлэҕэ барарынан, дуоһунаһыттан босхолонно. Кини оннугар баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччынан Владимир Аржаков ананна. Владимир Аржаков бу иннинэ куорат баһылыгын территориялары сайыннарыы, тыа хаһаайыстыбатын, эргиэн уонна урбаан боппуруостарыгар солбуйааччынан үлэлээн кэллэ.

Босхоломмут дуоһунаска Владимир Дорожкин ананна. Владимир Дорожкин бу иннинэ сүүрбэ сыл Ис дьыала министиэристибэтин уорганнарыгар үлэлээбит, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.