Олохтоох дьаһалтаҕа саҥа анааһыннар
Илларионов Анатолий Спартакович Олохтоох дьаһалта Быраапка департаменын начаалынньыгынан ананна.
Илларионов Анатолий Спартакович 1982 сыллаахха Саха АССР Өлөөн оройуонун Оленёк сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ.
2004 сыллаахха М.К. Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай университетын «Юриспруденция» салаатын «Юрист» квалификациялаах бүтэрбитэ.
2017 сыллаахха «РФ генеральнай Прокуратуратын Академията» ФГКОУ ВО «Профессиональная переподготовка прокурорских работников, состоящих в резерве кадров для выдвижения на должности прокуроров городов, районов и приравненных к ним прокуроров» хайысхатынан саҥалыы бэлэмнээһини ааспыта.
Үлэтин уопсай ыстааһа 18 сылтан ордук, итинтэн 17 сылын Саха Өрөспүүбүлүкэтин Прокуратуратыгар араас дуоһунастарга, Уус Маайа оройуонун прокурорун көмөлөһөөччүтүттэн саҕалаан Нам улууһун прокуроругар тиийэ үлэлээбитэ.
2022 сылга Олохтоох дьаһалта Муниципальнай инспекцияларын управлениетын начаалынньыгынан анаммыта.
***
Семенов Юрий Робертович Дьокуускай куорат Киин уокуругун Управатын салайааччытынан ананна.
Семенов Юрий Робертович 1984 сыллаахха Саха АССР Уус Алдан оройуонун Бороҕон сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ.
2004 сыллаахха Үлэ уонна социальнай сыһыан академиятын «Юриспруденция» салаатын «Юрист» квалификациялаах бүтэрбитэ.
Үлэтин уопсай ыстааһа 10 сылтан ордук. Кини СӨ ИДьМ араас дуоһунастарга, «Болугур» СХПК хааччыйааччынан, тутуу эйгэтин чааһынай бизнеһыгар толорооччу дириэктэринэн үлэлээбитэ.