Олохтоох дьаһалтаҕа саҥа анааһыннар
Олохтоох дьаһалта үлэ харыстабылыгар салаатын начаалынньыгынан Варвара Левочкина ананна.
Левочкина Варвара Артуровна 1979 сыллаахха Саха АССР Дьокуускай куоратыгар төрөөбүт. 2001 сыллаахха М.К. Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай университетын «Филология, английскай тыл уонна литература преподавателэ» идэлээх бүтэрбит, 2003 сылга – СӨ Бэрэсидьиэнин иһинэн салайар үлэ Институтун «Муниципальное управление» бырагырааманан үөрэнэн бүтэрбит, 2020 сылга СӨ Баһылыгын иһинэн инновационнай менеджмент Үрдүк оскуолатыгар «Юриспруденция» хайысхатынан үөрэммит.
Варвара Левочкина үлэтин уопсай ыстааһа 19 сылтан тахса, итинтэн 18 сылтан ордук Олохтоох дьаһалтаҕа араас дуоһунастарга үлэлээбит. 2005 сылтан каадырдар уонна муниципальнай сулууспа Управлениетын кылаабынай исписэлииһэ.
Олохтоох дьаһалта баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларыгар Департаменын начаалынньыгынан Алексей Бурнашев ананна.
Бурнашев Алексей Алексеевич 1982 сыллаахха төрөөбүт. 1999 сыллаахха Дьокуускай куорат 14 №-дээх орто оскуолатын физико-математическай кылааһын үөрэнэн бүтэрбит. 2004 сылга М.К. Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай университетын 2004 сылга «Юриспруденция» салаатын «Юрист» квалификациялаах бүтэрбит.
2005 сылтан РФ ис дьыала уорганнарыгар үлэлээбит. 2010-2022 сылларга ИДьМ Следственнай управлениетыгар салайар дуоһунастарга үлэлээбит, ол иһигэр 2019 сылтан – Следственнай управление начаалынньыгынан.
Эбии үөрэҕэ: Саратовтааҕы юридическай институт, Арассыыйа ИДьМ Академията.
Юстиция полковнига.