Олохтоох дьаһалтаҕа саҥа анааһын
Эдуард Васильевич Ефимов 1985 сыллаахха тохсунньу 6 күнүгэр төрөөбүтэ. 2007 сыллаахха М.К.Аммосов аатынан СГУ бүтэрэн физическэй култуура уонна спорт исписэлииһэ буолбута, 2019 сылга «РФ Бэрэсидьиэнин норуот хаһаайыстыбатыгар уонна судаарыстыбаннай сулууспаҕа Арассыыйатааҕы академията» ФГБОУ ВО, судаарыстыбаннай уонна муниципальнай управление салаатын (магистр) бүтэрбитэ.
11.2007 - 02.2009 с.с. – «Махтал» ХЭТ, дириэктэр;
02.2009 - 04.2011 с.с. – СӨ Ыччат министиэристибэтигэр тэрийэр салаа сүрүннүүр исписэлииһэ;
04.2011-02.2013 с.с. – «СӨ Ыччатын өйүүр социальнай-психологическай киин» СТ, дириэктэри солбуйааччы, спортивнай-маассабай үлэ салаатын кылаабынай исписэлииһэ;
12.2011 – 02.2013 с.с. – «СӨ Физическэй култуураҕа уонна спортка управлениета» СБТ, кылаабынай исписэлиис, салаа начаалынньыга;
03.2013 – 09.2017 с.с. – «Н.С. Захаров – Сахаачча аатынан Амматааҕы оҕо спортивнай оскуолата» МБТ, дириэктэр, тренер-преподаватель;
09.2017 – 10.2019 с.с. – «Амма улууһа (оройуона)» МО дьаһалтата, Физическэй култуура уонна спорт управлениетын начаалынньыга;
11.2019 – 08.2022 с.с. – «Өрөспүүбүлүкэтээҕи сборнай хамаандалары бэлэмниир спорт киинэ» СБТ, салаа начаалынньыга, дириэктэр солбуйааччыта, дириэктэр I-кы солбуйааччыта.
СӨ Физическэй култуураҕа уонна спортка туйгуна.