Олохтоох дьаһалтаҕа саҥа анааһын
Аммосов Владимир Владимирович «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ дириэктэрин эбээһинэһин толорооччунан ананна. Ол туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Аммосов «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ техническэй хонтуруол салаатын начаалынньыгынан уонна дириэктэри солбуйааччынан үс сылтан ордук үлэлээбит уопуттаах (2015-2018 сс.).
Ити иннинэ 8 сылтан ордук «Сургутнефтегаз» ААУо уонна «Сахатранснефтегаз» УГРС ААУо араас дуоһунастарга үлэлээбит.
Владимир Аммосов 2007 сылга И.М.Губкин аатынан Арассыыйатааҕы государственный нефть уонна гаас университетын «Хайа инженерэ» идэлээх бүтэрбит.
2011 сылга үлэҕэ уонна социальнай сыһыанныыһаларга Академия иһинэн Дьокуускайдааҕы экономико-правовой институт «Юриспруденция» салаатын үөрэнэн бүтэрбит.
2007-2009 сылларга – «Сургутнефтегаз» ААУо, скважиналары чинчийэр оператор.
2009-2010 сылларга – «Сахатранснефтегаз» УГРС ААУо, гаас ситимнэрин тарҕатар пуун аварийнай-диспетчерскэй сулууспатын маастара.
2010-2015 сылларга – «Сахатранснефтегаз» УГРС ААУо, производственнай салаа инженерэ.
2015-2017 сылларга – «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ техническэй хонтуруол салаатын начаалынньыга.
2017-2018 сылларга – «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ дириэктэрин солбуйааччы.
2019-2020 сылларга – «СӨ «Я-ИНЖЕНЕР» техническэй исписэлиистэр Координационнай кииннэрин» бэрэссэдээтэлэ.
2020 сылтан – «Биир Ньыгыл Арассыыйа» Баартыйа Регионнааҕы ситэриилээх Кэмитиэтин салайааччыта.
Дьокуускай куораттааҕы Дуума III, IV ыҥырыылаах дьокутатаата.
2018 сылга 2-с №-дээх Автодорожнайдааҕы быыбардыыр уокурукка Дьокуускай куораттааҕы Дуума дьокутаатынан талыллыбыта.