Олохтоох дьаһалтаҕа СӨ бырабыыталыстыбатын мунньаҕа ыытылынна
Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков бэлиэтээбитинэн, Дьокуускай куорат маастар-былаана олоххо киириитэ сайдыы кэскилинэн буолар. Кини икки сыл устата СӨ Ил Дархана Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ киин куората 2032 сылга диэри сайдыытын туһунан Уурааҕа олоххо киирэ сылдьарын санатта.
«Аныгы олох усулуобуйатыгар Дьокуускай – Арассыыйа Федерациятын улахан регионун үүнэр-сайдар логистическай, креативнай кыахтаах салайар киинэ», – диэн түмүктээтэ Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ.
Мунньахха кэпсэтии сүрүннээн олорор дьиэ-уот пуондатыгар, ОДьКХ эйгэтигэр баар кыһалҕалары быһаарыы туһунан буолла. Туһааннаах миниистирдэри кытта уопсастыбаннай тырааныспар реформатын, социальнай эбийиэктэри, ол иһигэр сайыҥҥы оҕону чэбдигирдэр лааҕырдары тутуу туһунан дьүүллэстилэр. Улахан болҕомтону «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы оонньууларга бэлэмнэнии, элбэх оҕолоох ыалларга социальнай өйөбүл, ол иһигэр сир учаастактарынан хааччыйыы боппуруостара ыллылар.
Куорат баһылыга Евгений Григорьев Дьокуускай куорат социальнай-экономическай 5 сыллаах сайдыытын билиһиннэрдэ. Кини ураты болҕомтону гражданнары хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ уурда. Ол курдук, баһылык Строительнай уокурукка баар саамай эргэ алта дьиэттэн суһаллык көһөрүүгэ өйөбүл наадатын ыйда.
Итини таһынан, Евгений Григорьев тырааныспар реформатын туһунан кэпсээтэ. Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев, Тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын быһаччы өйөбүллэринэн уопсастыбаннай тырааныспар саҥардыллар. 2022 сылга «ЯПАК» МУТ оптуобуһун паарката – барыта 65 массыына саҥардылынна. 2023 сылга лизинг нөҥүө өссө 40 саҥа оптуобус ылылынна. Саас диэки «СоюзАвто» чааһынай тиэйээччилэригэр өссө 25 оптуобус кэлиэхтээх.
Итини таһынан, оптуобус суоппардарын үөрэтии, үлэнэн хааччыйыы, социальнай өттүнэн өйөөһүн, итиэннэ оҕо уһуйааннарыгар уочараты суох оҥоруу, төрөппүттэр төлөөбүттэриттэн компенсациятын үрдэтии туһунан көрдүлэр. Тустаах министиэристибэлэргэ мунньахха туруоруллубут боппуруостарынан үлэлэһэр сорудах бэрилиннэ.