Олохтоох бородууксуйанан хааччыйыы сокуона бигэргэтилиннэ
Ил Түмэн уочараттаах пленарнай мунньаҕар дьокутааттар Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр хаачыстыбалаах уонна куттала суох олохтоох бородууксуйанан хааччыйыы туһунан сокуону бүтэһиктээх ааҕыыга бигэргэттилэр.
Андрей Находкин, Ил Түмэн тыа сиригэр уонна аграрнай политикаҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
– Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр өйөбүл миэрэлэри таһынан аһы-үөлү көмүскүүр сокуон ылыныллыытын көрдүбүт. Бэлиэтээн эттэххэ, биэс сыл устата элбэх уларытыыны, сөбүлэһиини ааспыт историческай сокуон ылылынна. Саха сиригэр оҥоһуллар бородууксуйа хаачыстыба, куттала суох буолуу өттүнэн өйөбүлү ылар буолла. Дьиҥинэн, бу улахан сокуон. Биир пуунугар Саха сиригэр оҥоһуллубут бородууксуйа диэн сурулла сылдьар. Эрдэттэн бу хайысханан үлэ ыытыллан турар, материальнай базаны хаҥатыыга кыралаан хамсааһын тахсар. Манна даҕатан эттэххэ, урут сокуон өттүнэн мэктиэтэ уонна көмүскэлэ суох этэ. Бастакы ааҕыыны ааспытын кэннэ биир ый устата Ил Түмэн уонна Бырабыыталыстыба оробуочай хамыыһыйалара холбоһоммут, улахан үлэни ыыттыбыт. Ол түмүгэр сокуоммут бигэргэтилиннэ. Инникитин өссө саҥа хайысхалар көстөн, сокуон кэҥиир өттүгэр уларытыылар киирэн иһиэхтэрэ. Саамай сүрүнэ – аһы-үөлү көмүскүүр олохтоох сокуон баар буолла.