Олохтон кэрэтин сүһэн ыл
Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон уопсастыбата инники былаанын торумнаан, үлэтин үгэнигэр сылдьар. Быйылгы сыл бэлиэ түгэннэринэн баай буолан, кэлэктиип ситимнээхтик дьаһанан үлэлии олорор. Ол туһунан уопсастыба бэрэссэдээтэлэ Ирина Васильевна Лебедевалыын сэһэргэстим.
— Ирина Васильевна, бу уопсастыбаҕа төһө киһи баарый, туох үлэ барарый?
— Уопсастыба бэйэтин тэрилтэтин иһигэр 34 тыһыынчаттан тахса чилиэннээх. Өрөспүүбүлүкэбит үгүс улуустарыгар филиаллаахпыт. Манна үлэлии сылдьар улуус бэрэссэдээтэллэрэ доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо анаан оҕо уһуйааныттан саҕалаан үлэнэн хааччыйар кииннэргэ тиийэ киэҥ далааһыннаах үлэни ыыталлар. Ону таһынан, араас хабааннаах тэрээһиннэр, күрэхтэр тиһигин быспакка бараллар.
— Билиҥҥи үйэҕэ дьон докумуоҥҥа, харчы өттүгэр да араас уустуктары көрсөллөр, онно юридическай өттүнэн харысхаллаах буолалларыгар үлэ ыытыллар дуо?
— Уопсастыба инбэлиит дьоҥҥо босхо консультация биэрэр, быраап өттүнэн көмүскэллээх буолалларыгар көмөлөһөр. Маныаха биһиги тэрилтэбитигэр уопуттаах юрист Геннадий Степанович Басыгысов үлэлиир, кини суут-сокуон өттүнэн көмөнү оҥорор.
— Сотору кэминэн туох тэрээһин ыытыллаары турарый?
— Быйыл уопсастыбабыт улуустар икки ардыларыгар култуурунай-спортивнай бэстибээлин сүүрбэһис үбүлүөйдээх төгүлүн ыытаары, күргүөмнээх үлэ барар. Ол курдук, бэстибээлбит Горнай улууһун Бэрдьигэстээх сэлиэнньэтигэр от ыйын 15-17 күннэригэр буолара былааҥҥа киирдэ. Горнай улууһун дьаһалтата тэрийэр хамыыһыйаны түмэн, кэккэ боппуруостары быһааран, ыытыллар дьаһал оҥоһулунна.
Бу улуустар икки ардыларыгар ыытыллар бэстибээл аан бастаан 2002 сыллаахха Нам улууһун оччотооҕу бэрэссэдээтэлэ, бары ытыктыыр киһибит Полина Иннокентьевна Алексеева көҕүлээһининэн Маймаҕа нэһилиэгэр ыытыллыбыта. Бастакы бэстибээл ыһыах курдук ааспыта, биэс киин, өрүс уҥуордааҕы улуустар кэлэн кыттыбыттара, бу бастакы күрэххэ уопсайа 45 киһи кыттыыны ылбыта. Билигин бэстибээл кыттааччыта уон төгүл улаатан, күрэхтэр көрүҥнэрэ элбээтилэр, ону таһынан култуурунай куонкурустар буолаллар. Сүүрбэ сыл ыытыллар бэстибээлтэн кынаттанан, Паралимпиада кыттыылааҕа Алена Дмитриева, Арассыыйа чемпиона Виктория Петрова, спорт маастардара Алексей Устинов уонна да атын доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон тахсыбыттара диэтэхпинэ, сыыһыам суоҕа.
— Бу тэрээһиннэргэ олохтоох дьаһалта кыттыһар дуо?
— Ыытыллар дьаһалларга улуус бэрэссэдээтэллэрэ олохтоох дьаһалтаны, спорт, култуура салааларын кытта биир сомоҕо буолан үлэлиэхтээхтэр.
— Хомойуох иһин, эдэр-сэнэх дьон инбэлиит буолаллара баар суол. Кинилэргэ туох үлэ, тэрээһин ыытылларый?
— Эдэр дьону кытта биһиги тэрилтэбит эмиэ үлэлэһэр. Ол курдук, үөрэххэ, үлэҕэ киирии буоллун, араас тэрээһиннэргэ кытыннарыы буоллун, эдэрдэри мэлдьи ыҥырабыт. Түгэнинэн туһанан, эдэр дьону биһиги тэрилтэбитигэр кэлиҥ, ыйыталаһан кыттыһыҥ диэн ыҥырыам этэ. Улуустарга инбэлииттэр уопсастыбаларыгар быһаччы сибээстэһиэххитин сөп.
— Баҕа санааҥ?
— Өрөспүүбүлүкэбит үөрүүлээх үбүлүөйүн көрсө, тэрилтэбит ыытар култуурунай-спортивнай бэстибээлэ 20 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах тэрээһиннэрбитинэн ааҕааччылары эҕэрдэлиибин! Сахабыт дьоно түмсүүлээх, мэлдьи үөрүү аргыстаах, ситиһии эҥэрдээх буолалларыгар баҕарабын.