06.03.2020 | 08:49

Олохпутугар үчүгэй үөрүйэхтэри киллэриэххэ

Олохпутугар үчүгэй үөрүйэхтэри киллэриэххэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киһи олорорун тухары күннээҕи үөрүйэхтэрин илдьэ сылдьар. Куһаҕан үөрүйэҕи “дьаллык” диибит. Холобур, табахтааһын, арыгылааһын куһаҕан дьаллык буоларын билэбит. Оттон үчүгэй үөрүйэхтэри киһи бэйэтэ үксэтиэн, олоҕор элбэтэн иһиэн сөп эбит.

Ханнык баҕарар үчүгэй үөрүйэх 21 күн оҥоһуллар. Ол аата 21 күн устата хатылаатаххытына, устунан үөрэнэн бараҕын. Бүгүн биһиги айылҕаны харыстыыр эко-үөрүйэхтэри (эко-привычки) киһи хайдах бэйэтин күннээҕи олоҕор киллэриэн сөбүн кэпсиэхпит.

Эко-бахила – чахчы кэмчилээһин

Төрөппүттэр оскуолаларга уонна уһуйааннарга бахила атыылаһан кэтэбит. Ортотунан 5 солкуобай сыаналаах буолар. Сарсыарда уонна киэһээ иккитэ ылабыт – күҥҥэ 10 солкуобай. Нэдиэлэҕэ 5 үлэ күнэ – 50 солкуобай. 1 ыйга 200 солкуобай буолар.

Бөҕү туһунан наардааһын актыбыыстара ааҕалларынан, биир киһи ыйга 60 бахиланы туһанар – 300 солк. барыыр. Уһуйаан, оскуола кэннэ атын бахила кэтэр тэрилтэлэргэ син биир сылдьан ааһар эбит. 

100 киһи тигии бахиланы кэттэҕинэ, сыл устата 52000 полиэтилен бахила бөххө быраҕыллыбат.

Бахиланы бэйэбит тиктиэхпитин сөп. Бастатан туран, улахан экономия буолар – сылга ортотунан 3600 солк. харыстыыбыт. Иккиһинэн, экологияны харыстыыбыт (сылга 720 бахиланы бырахпыт буолуохпут этэ) – бахила пластиктан оҥоһуллар буолан, бөххө быраҕылыннаҕына, сүүһүнэн сыллар устата айылҕаны киртитэ сытар. Үсүһүнэн, тигии бахила олус бөҕө-таҕа буолар. Төрдүһүнэн, ханнык өҥү сөбүлүүргүтүнэн тиктэҕит, оҕолорго араас уруһуйдаах матырыйаалтан тигиэххэ сөп.

Бахила тигэргэ ордук плащевой таҥас барсар. Таҥас маҕаһыынарыгар бу матырыйаал 200 солк. саҕалаан сыаналаах. Сууйарга судургу, куурара түргэн. Сыыһа тута тэбэнэр. Быһан тигэр эмиэ судургу – 4 муннуктуу уһун синньигэс мөһөөччүк тигэн баран, эрэһииҥкэлээн кэбиһэҕин.

Дьокуускайга таҥастан тигиллибит бахилалары Skintime маҕаһыыҥҥа атыылаһыахха сөп. Сыаната – 250 солк. Бу маҕаһыыҥҥа өссө “пакеты ылбаппын” диэтэххинэ, атыылаһар табааргар чэпчэтии оҥорон үөрдэр буолбуттар. Бизнес эйгэтин дьоно экология кыһалҕаларын быһаарыыга бэйэлэрин кылааттарын киллэрэр үтүө холобурдара инник толкуйдаммыт.

“0zero” маркет” диэн бырайыактаах дьон сакааска бахиланы 200 солк. тигэллэр.

Пакеттан аккаастаныахха

Арассыыйаҕа 2025 сылга пластиктан оҥоһуллар пакеттары бобуохтарын сөп диэн урут суруйан турабыт.

Арассыыйаҕа оҥоһуллан тахсар пластик 3 эрэ бырыһыана переработкаҕа барар. Пластик пакет ортотунан 400 сыл сытыйбакка сытар.

Кумааҕы пакет айылҕаҕа буортута эмиэ элбэх. Тоҕо диэтэххэ, кумааҕы пакеты оҥорон таһаарыыга 70 бырыһыан токсичнай эттик тыынар салгыммытыгар көтөн тахсар. Онон саамай сөптөөх суол – таҥас суумка.

Дойду үрдүнэн 26 миллиард пакет сыллата оҥоһуллан тахсар. Биир пакет ортотунан 12 мүнүүтэ эрэ туттуллар, онтон бөххө быраҕыллар.

Пакеттан аккаастанар эмиэ сүрдээх судургу – сиэппитигэр, суумкабытыгар таҥас суумканы укта сылдьар үөрүйэҕи иҥэриниэхпитин эрэ наада. 21 күн устата боруобалаан көрүҥ эрэ, үөрэнэн хаалбыккытын билбэккэ да хаалыаххыт.

Билигин эко-суумка, сиэккэ-суумка илдьэ сылдьар муода кэллэ. Дьиҥэ, бу сэбиэскэй кэм саҕанааҕы олохпутугар бэркэ тарҕаммыт көстүү. Онон урукку кэмнэри ахтар-саныыр да туһуттан үөрэниэххэ сөп.

Хаһаайыстыбаннай суумканы тигэр өссө судургу. Түөрт муннуктуу таҥастары холбуу тигэн баран, тутаах ииллигит да, бэйэҕит киэнэ. Суумкаҕа ханнык баҕарар матырыйаал барсар. Сүрэххит баҕатынан киэргэтиэххитин, уруһуйдуоххутун сөп.

Сиэккэ суумкалары трикотаж, хлопок сабынан күрүчүгүнэн өрөллөр.

Толкуйдаах туһаныыга көһүөххэ

Билигин аан дойду сайдыылаах судаарыстыбаларыгар “Толкуйдаах туһаныы” диэн өйдөбүл киэҥник тарҕанна. Киһи наадата суоҕу хос-хос атыыласпат, күннээҕи олоҕор саамай туһалааҕы эрэ сүүмэрдээн хаалларыахтаах диэн.

Дьон “Олох көдьүүһэ суох маллар” диэн испииһэктэнэн баран, ону олохторуттан сотон кэбиһэр буоллулар. Ол аата кинилэр айылҕа биэрэр баайын-дуолун харыстыыллар.

Аан дойду үрдүнэн аһара элбэх табаар оҥоһуллар буолан, наадата да суоҕу рекламанан соҥноон батарыллар буолбута ыраатта. Интэриниэккэ, социальнай ситимнэргэ “100 эрэ мал-сал” диэн хамсааһын баар, кыттааччыта күннэтэ эбиллэн иһэр. Ол аата киһи бэйэтигэр 100 эрэ малы хаалларынар, манна таҥас-сап, туттар мал киирэр, уоннааҕытыттан аккаастанар.

Дьокуускайга эко-актыбыыстар бу өрөбүллэргэ үгэс буолбут “Гараж-сэйл” күнүн ыыттылар. Бу тэрээһиҥҥэ кэппэт таҥаскытын илдьэн чэпчэки сыанаҕа атыылыыгыт, бэйэҕит эмиэ атыылаһаҕыт. Инньэ гынан бары өттүнэн барыстаах дьыала оҥоһуллар – эргэ таҥас бөххө быраҕыллан айылҕаны киртитэ сыппат уонна дьон чэпчэки сыанаҕа гардеробтарын саҥардаллар.

“Толкуйдаах туһаныы” бастакы хардыыларынан буолуохтарын сөп:

  1. Пластиктан оҥоһуллубут пакеттан аккаастаныҥ. Бу пакеты маҕаһыынтан тутан кэлэрбитигэр эрэ туһанабыт, салҕыы бөҕү-сыыһы мунньар биэдирэҕэ угабыт, онтон бөххө быраҕыллар... Пакет оннугар таҥас суумканы укта сылдьыҥ, салапаан пакеттааҕар бөҕө-таҕа буоларын таһынан, экологияны харыстааһыҥҥа кылаат.
  2. Кыраан уутун мээнэ бараамаҥ. Тиис сууна, иһит сууйа туран төһө элбэхтик аралдьыйаҕытый? Оттон кыраантан ып-ыраас уу таах канализацияҕа устар. Бу канализация уутун хачайдааһыҥҥа, ыраастааһыҥҥа эмиэ элбэх үп, сыра баранар.
  3. Уоккутун араара сылдьыҥ. Наадата суох умайан турар лаампалары кэмигэр араара сырыттахха, төлөбүргэ да экономия тахсар. Боростуой лаампалары энергияны харыстыыр лаампаларга уларытыы тоҕоостооҕун туһунан этэ да барыллыбат.
  4. Туһата суоҕу атыылаһымаҥ. Экспертэр этэллэринэн, “аны отучча сылынан бу атыылаһаары турар малым туох буоларый?” диэн ыйытыыга хоруйдуохтаахпыт, толкуйданыахтаахпыт. Наадата суох таҥаскытын бөххө бырахпакка эрэ, дьоҥҥо биэриҥ, чэпчэки сыанаҕа атыылааҥ, төһө кыалларынан элбэх киһи туһанарын туһугар кыһаллыҥ.
  5. Аһы бөххө быраҕымаҥ. Буспут ас ордугун тоҥорон кэбиһиэххэ, кэнники ириэрэн сиэххэ сөп. Компостер диэн анал тэрили атыыластахха, ас тобоҕун барытын уоҕурдуу оҥостон туһаныахха сөп.
  6. Пластиктан оҥоһуллубут иһитинэн туттумаҥ. Биирдэ туттуллан баран быһарҕыллар иһиккит хас эмэ сыл устата айылҕаны киртитэ сытар.
  7. Атыылаһыаххыт иннинэ уларсан көрүҥ. Холобур, биирдэ эрэ кэтиллэр сыаналаах былаачыйа атыылаһар оннугар, удамыр сыанаҕа арыандалаан кэтиэххэ сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...