19.02.2022 | 15:00

Олохпут оҥкула — үс туомнаах кинигэҕэ

Олохпут оҥкула —  үс туомнаах кинигэҕэ
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Сайтка “История Якутии” үс туомнаах кинигэни ааҕыахха сөп.

Таһаарааччылар иһитиннэрбиттэринэн, аҕыс сыл устата улахан үлэ ыытыллыбыт. Үс туомнаах кинигэ Новосибирскай куоракка “Наука” кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыт. Үөрэх тэрилтэлэригэр, библиотекаларга, научнай институттарга тарҕатыллыбыт.

Академическай үлэ ааптардара – Гуманитарнай чинчийиилэр уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын институтун уонна М.К. Аммосов аатынан ХИФУ, Москва, Санкт-Петербург, Новосибирскай, Иркутскай куораттар научнай тэрилтэлэрин бөдөҥ учуонайдара. Кэлэктиип научнай салайааччыта – история наукаларын доктора, профессор Анатолий Алексеев.

Бастакы туомҥа таас үйэтиттэн саҕалаан, орто үйэлэргэ диэри кыраай былыргы историята кэпсэнэр. Иккис туомҥа 17-с үйэттэн 19-с үйэлэргэ диэри кэрдиис хабыллыбыт. Үһүс туомҥа – 20-с үйэттэн 21 үйэ саҕаланыытыгар диэри кэм. Сүдү улахан кинигэҕэ ойуулар, каарталар, архыып матырыйааллара, хаартыскалар киирбиттэр, онтон үксэ эрдэ бэчээттэммэтэхтэр.

Рукопистар киэҥник ырытыллыбыттар, бөдөҥ учуонайдар сыанабылларын ылбыттар.

Үс туомнаах кинигэни https://100yakutia.ru/istoriya-yakutii/trekhtomnik-istoriya-yakutii сигэнэн киирэн аах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....