“Олоххун уларыт” аахсыйа ыытыллар
СӨ киһи быраабын көмүскүүр боломуочунайын уонна СӨ ИДьМ көҕүлээһиннэринэн ыам ыйын 16 күнүгэр Дьокуускайга «Олоххун уларыт» (аахсыйа урукку аата «Дьиэҕэ төннүү» диэн этэ) диэн дьиэтэ-уота, үлэтэ-хамнаһа суох ускул-тэскил сылдьар дьоҥҥо көмөлөһөр соруктаах аһымал аахсыйа 12-с түһүмэҕэ ыытыллар.
Бу күн сарсыарда 10.00 чаастан киэһэ 17.00 чааска диэри Федор Попов, уул., 8/1-с дьиэтин аттынааҕы «Хоттей» кафе таһыгар исписэлиистэр үлэлиэхтэрэ. Көмө көрдөөн кэлбит дьону фтизиатр, терапевт, нарколог көрүөхтэрэ, хаан анаалыһын ылыахтара, флюорограммаҕа түһэриэхтэрэ. Психологтар, докумуону сөргүтүү, үлэнэн хааччыйыы, приюкка киллэрии өттүгэр исписэлиистэр үлэлиэхтэрэ. Итии аһылык уонна ыраас таҥас түҥэтиэхтэрэ.
СӨ киһи быраабын көмүскүүр боломуочунайын пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, үгэс буолбут аахсыйа 2018 сылтан ыытыллар. Бу сыллар усталарыгар барыта 900 киһи көмө көрдөөбүтүттэн 90 киһи олоҕун үчүгэй өттүгэр уларыппыт: дьиэ кэргэнигэр төннүбүт, үлэҕэ киирбит, тыаҕа дойдуларыгар төннүбүттэр о.д.а. Үгүстэрэ докумуоннарын чөлүгэр түһэрэн, биэнсийэлэрин оҥотторбуттар.
(Хаартыска Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин саайтыттан)