30.08.2020 | 17:38

Олоххо анал

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха АССР оскуолаларын 1985 сыллаахха бүтэрбиттэр былырыын баччаларга 35 сыллаах үбүлүөйдэрин көрсө Сомоҕолоһуу сылын чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ хабааннаах түмсүү тэринэн, сыл устата оҥорбут үтүмэн элбэх үтүө дьыалаларын биһиги «Киин куорат» хаһыаппыт тиһигин быспакка сырдатан кэллэ. Бүгүн бу дьоһун түмсүү «Олоххо анал» кинигэтигэр тахсыбыт талба талааннаахтарын сырдатабыт.

Олох ууһа Октябрина Борисова 

Октябрина Борисова, аҕата партийнай үлэһит буолан, буурҕалаах Эдьигээҥҥэ төрөөбүтэ, Ньидьили эбэ кытылыгар маҥнайгы хардыыларын оҥорбута, оскуола боруогун Кэбээйи Тыайатыгар атыллаабыта.

2 кылаастан бүгүҥҥү дойдутугар Бүлүүгэ көһөн кэлэн, эбэ ыраас салгынынан тыынан, уутугар сөтүөлээн, кырылас кумахтаах ыллыктарынан хааман истэҕинэ, аҕалара олохтон туораан, инники былааннара барыта тохтоон хаалбыта.

Инньэ гынан Октябрина... ийэтин ыра санаатын толороору, уһанар идэлэнэр. Сыл-хонук аастаҕын аайы дьиэлэригэр кини нарын тарбахтарынан оҥоһуллубут ыскааптар, долбуурдар, карнизтар, наличниктар, бэл диэтэр... бүтүн терраса баар буолан испиттэрэ, онно эбии кини оҕуруонан анньыбыт, тикпит, баайбыт оҥоһуктара дьиэ ис бараанын киэргэппиттэрэ. Кэлин Октябрина бэйэтигэр, оҕолоругар, чугас дьонугар араас симэхтэри оҥорон бэлэх уунар, сайын тиэргэнин дьэрэкээн сибэккинэн симиир.

Истиҥ ийэ уолугар Александрга, кыыһыгар Маринаҕа бастыҥ сүбэһит, чугас доҕор. Уола Александр Саха театрын артыыһа, кыыһа Марина –  ХИФУ устудьуона. Бүлүүтээҕи нолуок инспекциятын салайааччыта, чахчы да, олох ууһа Октябрина Михайловна «киһи сатыырын киһи сатыахтаах, билбэтин билэргэ дьулуһуохтаах” диэн этиинэн салайтарар.

Киэҥ көрүүлээх Василий Колесов

Орто Халыма улууһун Өлөөкө Күөл бөһүөлэгиттэн төрүттээх Василий Колесов Благовещенскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэнэн, инженер-механик идэтин ылбыта. Билигин Өрөспүүбүлүкэтээҕи медицина киинигэр аварийнай-диспетчерскэй отдел салайааччытынан үлэлиир. Иллэҥ кэмин сүрүн дьарыга – уһаныы.

– Ийэм, аҕам да өттүттэн айылҕаттан айдарыылаах, араас идэлээх, кыахтаах дьон бааллар. Холобур, хос эһэм бэйэтин айылҕаттан бэриллибит идэтин таһынан тимир ууһа эбит. Мас уустара эмиэ бааллар. Урукку кэмҥэ саха киһитэ хантан да бэлэми ылбат. Тыйыс усулуобуйаҕа олорон, бэйэтин мындыр өйүнэн толкуйдаан, илиитинэн тутан-хабан оҥорон таһаарар. Ол сатабыллара көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр.

Аҕабыт эрдэ өлөн, миэхэ ыаллыы олорор оҕонньоттор Иннокентий Петрович Слепцов, Петр Герасимович Винокуров уһанар тэриллэрин уларсан, сүбэ биэрэр, уһаныы кистэлэҥнэрин үөрэтэр этилэр. Кинилэртэн да үөрэнэн, өбүгэлэрбиттэн да бэриллэн буолуо, уһаныы – биир сөбүлүүр дьарыгым, – диэн кэпсиир Василий.

Кини маһынан, тимиринэн эрэ буолбакка, аныгы саҥа матырыйааллары кытта туһанан, дьиэ тэрилин оҥорор, өрөмүөннүүр. Көмүс тарбахтарынан кэрэ оҥоһуулаах светильниктар, бралар, сибэкки иһиттэрэ, дьиэ миэбэлэ оҥоһуллар.

Бу курдук сахалыы толкуйдаах, киэҥ көрүүлээх Василий Колесов күннээҕи олоҕор, үлэтигэр-хамнаһыгар саҥаттан саҥаны киллэрэр.

Сиэдэрэй тутуулаах Павел Романов

Павел Романов оҕо эрдэҕиттэн аҕата, Бүлүүтээҕи Уйбаан Гоголев-Кындыл аатынан норуодунай театр худуоһунньуга, киэһэ ахсын дьиэтигэр араас пейзажтары, натюрмортары, плакаттары уруһуйдуурун сөбүлээн көрөрө, аттыгар олорон үтүктэрэ. Ону аҕата көрөн сэҥээрэрэ, сыыһатын ыйан биэрэрэ, көннөрөрө.

Кэлин аҕата 40 сыл эҥкилэ суох үлэлээбит кулуубугар режиссер Маргарита Алексеевна Соколова ыҥырыытынан театр худуоһунньугунан үлэлээн иһэн, маска уһанарга сыстыбыта.

– Туох барыта кыраттан саҕаланарын курдук, илиинэн оҥоһуктарбын дьон биһириирин билэн, бу дьарыкпын өссө сайыннарарга дьулуспутум. Бэйэм ыал буолан, саҥа дьиэ туттан баран, дьиэ тутуута өссө ордугун, дьоҥҥо наадалааҕын билэн, аны уоппускабын дьиэ тутуутугар, киэргэтиитигэр аныыр буолбутум.

Дьоҥҥо кэрэни көрдөрбүт киһи диэн, бэйэм эскиис бөҕөтүн толкуйдаан, дьон баҕатынан сиэдэрэй дьиэлэри киэргэтэн барбытым. Ити курдук сыыйа бэйэм суолбун, олоххо аналбын булбутум. Ыксаабакка, ыраастык туттан, суоттаан-учуоттаан оҥоһуллубут үлэ сыаналанарын, биһирэнэрин билбитим, – диэн санаатын үллэстэр Павел.

Иистэн дуоһуйууну ылар Александра Стрекаловская

Тааттаттан төрүттээх Александра Стрекаловская кыра эрдэҕиттэн кэрэни кэрэхсии улааппыта. Оҕо сааһыттан иистэнэр.  Манна улахан сабыдыалы оскуолаҕа үлэ уруога оҥорбута. Иискэ уһуйбут учууталыгар Людмила Всеволодовна Габышеваҕа махтаныан махтанар. Учуутала иҥэрбит сатабылын, иис кистэлэҥин ымпыгын-чымпыгын, албастарын күннээҕи олоххо туттан кэллэ.

Ону таһынан оскуола кэнниттэн Ленинградтааҕы 138 №-дээх атах таҥаһын тигэр училищеҕа үөрэммитэ. Идэни ылан, 2 сыл “Скороход”, “Нева” фабрикаларга бастаан лекало оҥорор сыахха, онтон иистэнньэҥинэн үлэлээбитэ. Онно оскуолаҕа ылбыт билиитэ, үөрүйэҕэ көмөлөспүтэ.

Дьиэ кэргэн истиҥ ийэтэ, дьиэ хаһаайката Александра бүгүн сатаабатаҕа суох. Иис дьарыгын бырахпат, илиититтэн араарбат. Кини нарын илиилэринэн оҕуруо оһуордаах билэлэр, түүлээҕинэн симэммит таҥастар, күрүчүөгүнэн, испииссэнэн өрүллүбүт былааттар, салфеткалар, таҥастар баайыллаллар, сахалыы маллаах иһиттэр оҥоһуллаллар.  

Корзиналары оҥорууну саҕалаата. Бу барыта Александраҕа дуоһуйууну, бөҕөх санааны аҕалар. Оҥоһуктарын бэлэх оҥорон, чугас дьонун үөрдэр.

Вера Канаева, Маргарита Степанова

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...