02.10.2021 | 11:43

«Олох туспа дьиктилээх»

Ааптар: Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ
Бөлөххө киир

Биһиги бүгүҥҥү дьоруойбут Августина  Лонкунова – АЛРОСА хампаанньа бэтэрээнэ,  үлэ бэтэрээнэ, Мииринэй улууһун Таас Үрэх бочуоттаах гражданина. Кини сыралаах  үлэтэ “Мииринэй куорат 50 сылынан” өйдөбүнньүк мэтээлинэн бэлиэтэммитэ.

Августина Яковлевна – СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэтесса, прозаик, тылбаасчыт. Кини айымньылара өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар, “Чолбон”, “Полярная звезда” сурунаалларга, ”Вилюйские зори” альманахха бэчээттэммиттэрэ. Ааптар хас да кинигэтигэр хоһооннорун, кэпсээннэрин, ырыаларын уонна тылбаастарын мунньан киллэрбитэ.

Августина Лонкунова билигин Дьокуускай куоракка олорор.

Мин кинини 2012 сыллаахха күн сирин көрбүт  “Баара ээ, баара...” диэн сэһэнин ааҕан баран, дьахтар киһи дьиҥнээх олоххо буолбукка олоҕуран Туой Хайа дьонун майгытын-сигилитин, үтүөҕэ дьулуурун, үтүө кэрэ айылҕатын итэҕэтиилээхтик көрдөрбүтүн сөхпүтүм. Бу иннинэ ааптары ыраахтан көрөн билэр эрэ этим. Оттон билигин кини талааныгар, олоххо дьулууругар сүгүрүйэр киһибин кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтэр түгэн тосхойдо.

Кэргэнэ В.Федоровтыын Москва пааркатыгар

Баара ээ, баара...

Августина Яковлевна, төрөөбүт дойдуҥ Таас Үрэх уонна оҕо сааһыҥ умнуллубат түгэннэриттэн  кэпсии түһүөҥ дуо?

— Мин дойдум Таас Үрэх –  Бүтэй Бүлүү  бүөрүгэр бүгэн сытар Улахан Ботуобуйа салаата, Таас Үрэх тардыыта, дьаҕа баһа дойду. Ол да буоллар, хааннаах хара кииним быстыбыт, биһикпин ыйаабыт сирбэр бэйэм санаабынан,  ис дууһабынан, сүрэхпинэн-быарбынан тардыһабын. Билигин аан дойдуга алмааһынан, гааһынан, ньиэбинэн биллэр. Уруут-урут дойдубут аатырар тойуксута, оһуохай тылын этээччитэ Баһылай Сидоров-Сымыһах оҕонньор оһуохайын тылыгар дойдутун хоһуйарыгар:  «Алмаас тааһа ардайдаах, кыһыл көмүс кыбытыылаах Ботуобуйам буордара»,  – диэн хайаан да туойара үһү.  Дьоно-сэргэтэ туруу үлэһит, удьуор  булчут дьон. «Кыым» холкуос үгүс дьоно экспедицияларга сирдьитинэн үлэлээн, таба, ат көлөнөн көмөлөһөн, алмаас промышленноһа сайдарыгар бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрбиттэрэ.

 Ийэм барахсан сылаас-сымнаҕас илиитэ итиэннэ охтон онтугун-мантыгын өлөрдөххүнэ: «Уу,  оҕобу-ун...”, –  дии-дии эчэйбит сирбин үрэн сырылатара оҕо сааһым умнуллубат өйдөбүлэ буолан хаалбыт.  Оччоҕуна, кырдьык, ыарыым тута ааһара. Ийэм сөрүүн сүөгэй тумалаах, ньулуун хойуу суоратын амтана билигин да биллэргэ дылы. Аҕам аах тыаттан киириилэрэ – эмиэ биир умнуллубат түгэн. Буспут тииҥ этин, мас көтөрүн, сыалаах тайах этин уонна силиини тойон кэһии гынан аҕалаллара.

Чугас  сытар Туой Хайаны имири эһии, ууга тимирдии төһөлөөх киһи дууһатын аймаабыта, олоҕун оҥкулун уларыппыта буолуой? Ол эн айымньыларгар элбэхтик кэпсэнэр, ааҕааччы сүрэҕин ортотунан киирэр.

— Аймах дьонум сааһыары-кыһын уу кырбас оҕолорун кыбыммытынан, саҥа төрөөбүт кыһыл оҕолорун илдьэ Туой Хайаттан табанан айаннаан кэлбиттэрин өйдүүбүн.  Бэйэлэрэ мас кэрдинэн, дьиэ-уот туттубуттара. Ити курдук  биэс  ыал көһөн кэлбитэ. Кинилэр кэпсээннэрин истэн, бэйэбин кинилэр оннуларыгар туруорунан,  көрөн турдахтарына иэримэ дьиэлэрин уоттуулларын, кинилэр айманыыларын, сүрэхтэрин ыарыытын бэйэбэр олус чугастык ылыммытым. «Элбэх киһи ити туһунан билбэт буолуохтаах, ону суруйбут киһи»  диэн санаанан салайтаран,  үгүс сыллары аһарбытым. Онтон аан бастаан «Туой Хайа» диэн хоһооммун «Турбутунан тимирбит Туой Хайа олохтоохторун аатыттан» диэн анабыл тыллаан суруйбутум.

Наар кинигэ ааҕар идэлээҕим. Ол туһуттан эбэбиттэн мөҕүллэн да биэрэрим. Оҕо эрдэхпиттэн харахпынан быстар мөлтөҕүм. «Бу кыыс эмиэ кинигэ ааҕан түҥнэстэн олорор» диэн буолара. Ордук хоһооннору сөбүлүүрүм. Иван Гоголев-Кындыл хоһооннорун эргитэ сылдьан ааҕарым. Хоһоонун ааҕа олорон кини эдэркээн, кыраһыабай бэйэлээх мэтириэтин арыйан өр одуулуурум уонна «бу кини ити туһунан маннык хоһуйар эбит» дии саныырым.

Быраатыныын даачаҕа

Санаа сардаҥатыттан саҕыллан

1997 сыллаахха тахсыбыт аан маҥнайгы кинигэҥ туох туһунан этэй?

 Ити сыл Мииринэй типографиятыгар «Саныыр санаам сардаҥата» диэн хоһооннорум кинигэтэ тахсыбыта. Олус долгутуулаах түгэн этэ. Бастакы кинигэм сүрэхтэниитигэр төрөөбүт дэриэбинэм дьоно Мииринэй куорат  «Алмаас» дыбарыаһыгар тоҕо анньан киирбиттэрэ, куорат уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ, олохтоохтор, үлэлиир тэрилтэм дьоно кыттыыны ылбыттара.

Эн хоһоонноргун олохтоох мелодист Владимир Платонов, Юрий Спиридонов-Сиэн Тиитэп уо.д.а. ырыа гынан көтүппүттэрэ. Онтон “Айтал” бөлөх солистката Лена Спиридонова туһунан иһирэх ахтыыгын, киниэхэ анаан хоһоон айбыккын    уйадыйа аахпыттааҕым.

— Мин Ленаны сирэй көрсүбэтэх, атах тэпсэн олорон кэпсэппэтэх оҕом. Кини араадьыйаҕа ыллыырын, аудио-диискэҕэ суруллубут ырыаларын истэн уонна дьон аймах кэрэхсибилин ылбыт “Айтал” ансаамбыл салайааччыта Юрий Спиридонов-Сиэн Тиитэп балта буоларын билэбин.

Сиэн Тиитэп мин хоһооннорбор ырыа суруйан, дьон-сэргэ истиитигэр таһаарбыт талааннаах муусукаан буолар. Онон, мин киниэхэ ааптар киһи быһыытынан, махталым муҥура суох. Ис киирбэх, киһи дууһатыгар иҥэн киирэр истиҥ иэйиилээх ырыалар, уу сахалыы тэтимнээх, кимиэнигэр да маарыннаабат “айталлыы” мелодиялаах ырыалар ыллана сылдьалларыттан үөрэбин эрэ. Оннооҕор бэйэм даҕаны ырыа эрэ буолуо диэбэтэх хоһооммор олус сонун, ойо-тэбэ сылдьар дьүрүскэннээх ырыаны айбыта. Ити “Сөбүлээбэппин” диэн Лена ыллаан, компакт-диискэҕэ таһаартарбыт ырыатын этэбин. Олус үөрэ, олус сөҕө истибитим. Хомойуох иһин, эдэркээн Лена ыллаабыта эрэ диир кыахтаахпыт. Ол курдук, кини мин хоһооннорбор “Ыллыыр-туойар сүрэҕим”, “Утуйбатым мин бөлүүн”, “Үрүҥ түүн”, “Хойутаан да буоллар” диэн ырыалары олус долгутуулаахтык, күн көмүс утаҕыныы сыыйыллар кэрэ куолаһынан толорбутун уонна да атын ааптардар тылларыгар ырыаларын сөбүлээн истэбин. Дьиктитэ диэн, кини куолаһа санаан кэллэҕим аайы кулгаахпар ала-чуо саҥалыы тыллан, иһиллэн кэлээччи. 

 – Сахалыыттан нууччалыы тылбааска үлэлэһииҥ туох санааттан салаллыбытай? Хас кинигэни, ханнык айымньылары тылбаастаатыҥ?

 Тылбааска бастакы холонуум Мэри Михайловналыын Валентина Гаврильева «Абакаядатын» тылбаастааһыммыт этэ. Онтон кини айымньытын «Юрюляхский курган» диэн ааттаан тылбаастаабытым, «Вилюйские зори» альманахха бэчээттэнэн,  сэҥээриини ылбыта. Кэлин Ксенофонт Уткин көрдөһүүтүнэн афоризмнарын  тылбаастаан бэлэхтээбитим. Ол саҕана кини ыалдьан,  дьиэтигэр олорон үлэлиирэ. Кэллэххэ,  дьыбааныгар кумааҕы быыһыттан нэһиилэ быган олорор буолара. Хара күн сириттэн күрэниэр диэри уруучукатын туппутунан олороохтообут буолуохтаах. Кэлин ол тылбаастарбын «Сардаҥаҕа сууланан» диэн кинигэбэр киллэрбитим.

 Киһи бэйэтэ айымньыны суруйуута уонна атын киһи үлэтин тылбаастааһын туох уратылаахтарый? Туох ыарахаттары көрсөҕүн эбэтэр умсулҕаннаах өрүтэ туохханый?

 Тылбаас диэн ураты дьарык, атын омук айымньытын атын омук ылынарын курдук тылбаастааһын эппиэтинэстээх даҕаны, умсугутуулаах  даҕаны. Бэйэни тургутан көрүү  диэтэхпинэ,  сыыспатым буолуо. Айымньыны ааҕа олорон, бу тылбаас эбит диэн санаа ааҕааччы төбөтүгэр киириэ суохтаах. Ол курдук,  тып-тап этиилээх, тутуллаах буолуохтаах. Ити – мин тус санаам. Бэйэҥ айымньыгын суруйаргар санааҥ хайдах баҕараргынан салаллыан сөп. Оттон тылбааска тылбаастыыр киһиҥ айымньытын киэбиттэн олус халбаҥнаабаккын, кини кэпсиир истиилин диэххэ дуу, тутуһаҕын буоллаҕа дии.

Бытааннык, тиэтэйбэккэ үлэлээччибин.  Сытыара түһэн баран, хос-хос эргиллэн эбэн-сабан, көннөрөн, чочуйан. Бэйэм санаабар ханна да харгыһа суох ааҕыллар, ханна да доҕолоҥноон көрбөт буоллаҕына, дьэ, улахан дуоһуйууну, астыныыны ылабын.

Алмаас куоратыгар эдэрдэр

Саха сиригэр алмаас промышленноһа сайдыытыгар  тус санааларыҥ?

— Билигин саха ыччата хото киирэн үлэлиир буолла. Алмаас хостооһунугар эрэ буолбакка, уопсайынан, промышленнас эйгэтигэр. Мииринэйгэ саха ыччата элбээбит. Урут биир-икки киһини эрэ көрсөр эбит буоллахха, билигин адьас атын хартыына. Эдэр ыаллар оҕолорун батыһыннара, кэлээскэҕэ кырачааннарын үтэ сылдьалларын көрөн киһи астынар. Урут өрөспүүбүлүкэ  өттүттэн  үөрэхтэрин бүтэрбит ыччаттарга промышленнаска кэлэн үлэлииллэригэр, билиҥҥи курдук, болҕомто ууруллубат этэ. Үлэ миэстэтэ суох аатырара эбэтэр үрдүк үөрэхтээх дьону силиэсэр, лаборант миэстэтигэр ылаллара да  махталлаах курдуга.

Мин Саха судаарыстыбаннай университетыгар биолого-географическай факультеты бүтэрбитим. «Якутниипроалмаз» институкка химическэй лабораторияҕа лаборанынан үлэҕэ киирбитим. Хата, үс ыйынан инженер дуоһунаһыгар көһөрбүттэрэ. Кэлин алмааһы хостуур тэрилтэлэр алдьаппыт сирдэрин чөлүгэр  түһэрии кыһалҕаларын үөрэтэр научнай-чинчийэр  тиэмэ салайааччытынан –  наука үлэһитинэн буолбутум.  Өссө эдэр ыччат промышленноска хото киирэллэригэр  Мииринэйгэ политехническэй институт аһыллыыта эмиэ төһүү күүс буолбута. Өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан саха ыччата кэлэн үөрэнэн, промышленнас эйгэтигэр сыстан үлэлээн барбыта. Онон  өрөспүүбүлүкэ  салалтата олус наадалаах хайысханы тутуһара хайҕаллаах дьыала. Далааһыннаах үлэ ыытыллар, арай эдэр ыччат өттүттэн  хамсааһын наада. «Саха сатаабатаҕа суох» диэн санаанан салайтаран,  ыарахаттартан чаҕыйбакка техническэй идэлэри талан, инники олохторугар суол тэлиниэхтэрин эрэ наада.

Сырдыкка талаһа, олоххо тардыһа...

Дьиэ кэргэниҥ, оҕолоруҥ туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?

— 1968 сыллаахха Орто Халыматтан төрүттээх,  бииргэ үөрэнэр   Иван Степанович Третьяковы ис сүрэхпиттэн сөбүлээн, кэргэн тахсыбытым. 3 оҕоломмуппут. Мииринэйгэ тутуу тэрилтэтигэр үлэлиирэ.  Иккис уолбут 8 ыйдааҕар сэбиргэхтэтэн төннүбүтэ. Улахан оҕобут Мииринэйгэ онус кылааһы бүтэрээт,  медфакка киирэн гинеколог-быраас идэтин ылан,  Мииринэй балыыһатын оҕо төрөтөр отделениетыгар үлэлээбитэ. Ити сылдьан сидьиҥ киһи илиититтэн соһуччу суох буолбута. Хайабыт даҕаны онно олус улахан охсууну ылбыппыт. Мин кэлэҕэй буолан баран,  син көннөрүммүтүм. Ити кэмҥэ кэргэмминиин икки өттүттэн өйдөспөт буолуу түмүгэр арахсарга күһэллибиппит. 10 сыл соҕотох олорон баран,  Василий Игнатьевич Федоровка кэргэн тахсан, иккис олохпун оҥосто Дьокуускайга көһөн кэлбитим. Олус тапсан, өйдөһөн-өйөһөн 14 сыл олорбуппут. Кэргэним барахсан ыарахан ыарыыга ылларан, 2021 сыл тохсунньу 1 күнүгэр сырдык тыына быстаахтаабыта. Айымньыларбын бастакы ааҕааччым, сүбэһитим-амаһытым  кини этэ.

 Оҕолорбуттан соҕотох хаалбыт уолум Владимир Накыын фабрикатын электроннай тэрилин көрөр-истэр  исписэлииһинэн  үлэлии сылдьан, эмискэ сүрэҕинэн ыалдьан суох буолан, баар-суох эрэлим биирдэ самнан,  эмиэ  күүстээх охсууну ылан,  күнүм өлбөөдүйэ түспүтэ. Киһи кыр өстөөҕөр да баҕарбат түгэнэ этэ. Хата, аттыбар чугас, истиҥ-иһирэх киһилээх буоламмын,  самныбыт санаабын хос өһүөлээн бэттэх кэлбитим. Онон  билигин чороҥ соҕотохпун, сир үрдүгэр олорон аат-суол хаалларар ыччата суох куруҥ мас курдукпун. Арай,  бииргэ төрөөбүт быраатым барахсан уонна кини түөрт оҕото, сиэннэрэ «Эбээ Гутя» диэн дууһабын үөрдэллэр. Олох салҕанар, ол гынан баран,  тугуҥ эрэ итэҕэс курдук санаа олохсуйбута ааһан-араҕан биэрбэт...

«Тирэхпин сүтэрбит иэдээннээх күннэрбэр

Хараҕым уутугар харааста хараммын,

Кутурҕан утаҕын ыймахтыыр түгэммэр

Бар дьоммор  эһиэхэ илиибин уунабын.

Арчылыыр тылларга алыһын наадыйа,

Сырдыкка талаһа, олоххо тардыһа.

Сүрэҕим хаһыытын дууһабар тимирдэ,

Самныбыт санаабын саҥалыы өһүөлээн,

Күөгэйэр халлааҥҥа, күндээрэр бу күҥҥэ

Күөрэтэн биэрээри күүс-көмө көрдүүбүн.

Мин дойдум дьонуттан, сайаҕас доҕортон

Сырдыкка талаһа, олоххо тардыһа».

Кэрэ киһи диэн хайдах киһини ааттыаҥ этэй?

— Кэрэ киһи диэн дуоһунас да, баай, үп-харчы да буолбатах. Бу – киһи дууһатын баайа, аһыныгас санаата, бэйэмсэх санаата суох, саха дьоно этэринии, мас көнө киһи дии саныыбын. Мин дьоҥҥо саамай сөбүлээбэтим – сирэй көрбөх, этэн баран тылыгар турбат майгыны, тыал хантан үрэринэн салайтаран олорор дьону. Үтүө  да, мөкү да кэмҥэр элбэх саҥата суох аттыгар баар буолар эрэбил дьону ордоробун. Бэйэм даҕаны ити ирдэбили тутуһа сатыыбын.

Саха саарына диэн кимий?

— Саха саарына диэн омук тумус туттар киһитэ. Холобур, Михаил Николаев, Мандар Уус.

Хамсык ыарыыта хаайбыт кэмин, көҥүлбүт күөмчүлэммит күнүн-дьылын нус-хас аһарарга тугу сүбэлиэҥ этэй?

— Мин хаһан даҕаны чункуйбуппун өйдөөбөппүн. Киһи бэйэтэ сөбүлүүр дьарыктаах буоллаҕына, чуҥкуйар диэн тугун билбэт. 

Арай,  хамсык кэмигэр хамсаныы-имсэнии кэмчитэ доруобуйаҕа куһаҕаннык дьайбатын диэн, хайа кыалларынан, дьиэ иһигэр сөбүттэн-сөбүгэр эти-сиини эрчийэр хамсаныылары оҥоруохха наада. Үчүгэйи саныахха, үчүгэйтэн ис сүрэхтэн үөрүөххэ, сөбүлүүр, тэтимнээх ырыанан үҥкүүлүөххэ, ыллыахха. Дууһаҕар үөрүү, сырдык санаа баар буоллаҕына,  сүөм түһүү ыаллаһыа суоҕа.

Дойдугар  Мииринэйгэ сайын аайы баран күүс-уох ылынан кэлэҕин дуо?

— Киһиэхэ төрөөбүт  дойдута – эти-сиини эмтиир, саппаҕырбыт санааҕын сайҕыыр, дууһаҥ аймаммытын уоскутар ытык сирэ. Дьоллоох оҕо саас күлүм-чаҕыл, эрчимнээх эдэр саас умсулҕаннаах кэмнэригэр күүлэйдэтэр, төнүннэрэр бүччүм сир.

Августина Яковлевна, истиҥ-иһирэх кэпсэтииҥ иһин махтал. Бэйэҥ “Олох” диэн хоһооҥҥор этэн кэбиспиккинии, олоҕуҥ “умсугутар далбардаах, ойон тахсар күнү көрсөр чуумпу кэмэ алыптаах” буоллун.

 

«Олох»

«Кэмчиэр кэнэн оҕо сааска

Олох олус соргулаах,

 Ийэ-аҕа тапталынан

Туолбут чэбдик алаастаах.

Эҕэрдэлээх эдэр сааска

Олох олус омуннаах,

Уйан сүрэх талаанынан

Сэргиэх-таптыах баҕалаах.

Оттомурбут орто сааска

Олох олус дьоһуннаах,

Кулгаах-харах аһыллан

Толкуйдууруҥ олохтоох.

 Түспэтийбит аҕам сааска

  Олох олус амтаннаах,

Атаранан ааһар күнэ

  Умсугутар далбардаах.

 Эмэҕирэр эмэн сааска

  Олох туспа дьиктилээх,

Ойон тахсар күнү көрсөр

Чуумпу кэмэ алыптаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...