08.01.2024 | 18:00

ОЛОХ, САНАА, ЭЙГЭ

ОЛОХ, САНАА, ЭЙГЭ: олохтоох архитектураны Арассыыйа бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтүгэр уонна Уһуҥ Илини уонна Арктиканы сайыннарыы миниистиригэр билиһиннэрбиттэрэ.
ОЛОХ, САНАА, ЭЙГЭ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ааспыт сыл эргэтигэр Дьокуускайга Арассыыйа бэрэсидьиэнин көмөлөһөөччүтэ Максим Орешкин уонна Уһук Илини уонна Арктиканы сайыннарыы миниистирэ Алексей Чекунков Дьокуускайга сырыыларын чэрчитинэн «Үлэ кыбаартала» креативнай кластерга ыалдьыттаабыттара.

Үрдүк сололоох ыалдьыттар Саха сирин киэҥ нэлэмэн сирин-уотун баһылааһыны – Орто дойду олоҕун саха, олохтоох норуот хараҕынан, өйүнэн-санаатынан ылыныы нөҥүө көрдөрбүттэрин киэҥник сэргээтилэр.

Ол курдук, ОЛОХ – олох акылаата, САНАА – ис турук, ЭЙГЭ – тулалыыр эйгэ диэн өйдөбүллэр олохтоох архитектура туллар тутааҕа буолалларын, бу эйгэ талааннаах исписэлиистэрэ бу билиигэ тирэҕирэн үүнэллэрин, тыйыс айылҕалаах дойдуга баараҕай бырайыактары айалларын, сүҥкэн тутуулары ыыталларын быһаардылар.

Холобура, ОЛОХ диэн хайысхаҕа маастар-былааннар бырайыактарын билиһиннэрдилэр. Ол курдук, Саха сирэ Уһук Илин регионугар бастакынан территорияны былааннааһын стратегиятын оҥорууну саҕалаабытын, 2020 сыллаахха – уһук хоту сытар Өлөөн нэһилиэгин, 2022 сыллаахха Дом.РФ пуонда уонна СӨ Кэлэр көлүөнэлэрин тус сыаллаах пуондатын өйөбүллэринэн икки бөдөҥ куорат маастар-былааннара оҥоһуллубутун билиһиннэрдилэр.

Бэлиэтээн эттэххэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ номнуо 14 маастар-былааны оҥордо, 10 маастар-былаан оҥоһулла сылдьар.

САНАА, биллэн турар, ис турук, духуобунас, култуура хайысхата. Бу хайысхаҕа «Нэһилиэнньэҕэ табыгастаах куорат эйгэтин олохтооһун» федеральнай бырагырааманан олоххо киирбит уонна Арассыыйа таһымнаах күрэххэ кыайбыт уопсастыбаннай туоналар  киирэллэр. Манна даҕатан эттэххэ, бу бырагыраамаҕа Саха сирэ биэс сыл кыттан 21 кыайыыны ситиспитэ уонна федеральнай бүддьүөттэн 1,5 млрд солк. кэриҥэ үбү ылары ситиспитэ.

ЭЙГЭ диэн социальнай хайысха буоларынан, манна үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабылын, култуура, туризм эбийиэктэрэ, ону сэргэ Өлүөнэ муостата, аэропорт терминала курдук бөдөҥ инвестиционнай эбийиэктэр киирсэллэр. Андрей Сорокин, СИА, хаартыскаҕа түһэриитэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...