Олох кэрэтиттэн

Оҕо баар буолан күн күлэр,
Оҕо баар буолан сир симэнэр,
Оҕо баар буолан дьон дьоллонор,
Оҕо баар буолан олох салҕанар.
Бэс ыйын 7 күнүгэр VIAR сэргэхситэр кииҥҥэ Мэҥэттэн, Сунтаартан, Намтан, Өймөкөөнтөн, Тааттаттан, Уус Майаттан, Амматтан, Верхоянскайтан, Уус Алдантан, Алдантан, Абыйтан, Дьокуускайтан доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолор оонньоон –көрүлээн, бэйэ-бэйэлэрин кытары билсиһэн бириэмэни биллэрбэккэ атаардылар.
Тэрээһини өрөспүүбүлүкэтээҕи инбэлииттэр уопсастыбалара (бэрэссэдээтэл Ирина Васильевна Лебедева) иилээн-саҕалаан, оҕолору үмүрү тардан эдэр үлэһит Суздалов Николай Иванович ыыттылар. Уопсастыба аатыттан оҕолорго минньигэс остуол тардылынна, ону ааһан хас биирдии оҕоҕо өйдөбүнньүк бэлэхтэр туттарылыннылар.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



