Олох инники күөнүгэр сылдьыа этэ...
Василий Иванович Босиков - Босяк туһунан суруй диэн доҕотторо көрдөстүлэр. Быйыл төрөөбүтэ 75 сылын туолар эбит. Ону мин Баһылай Босяк курдук улахан киһи, үтүөлээх учуутал, поэт туһунан суруйарга кыра киһи, дьиэ хаһаайката, санаммаппын даҕаны, статуһум тиийбэт, улахан дьон, доҕотторо, эһиги суруйуҥ диэбитим. Онтон толкуйдаан көрөн баран, кэргэним үөлээннээҕэ этэ диэн, ахтыы оҥорорго сананным. Доҕорбут Баһылай Босяк 1973 с Саха государственнай университетын саха салаатын бүтэрбитэ. Кинилэр курстара чахчы да чаҕылхай, табыллыбыт курс этэ. Онно киирэн үөрэнэр, киһиэхэ эрэ тиксибэт үрдүк ситиһии, дьол буолара. Ахтыылартан аахтахха, Харысхал, Доллу курдук өрүөллэр киирии экзаменнарга бааллара кыра буолан, хапсыбакка кыайан ааспатахтар эбит. Кинилэр кэлин киэҥник биллэр дьон буолбуттара. Сэмэн Тумат эмиэ баала тиийбэккэ, кэтэхтэн үөрэххэ киирэн баран, очнайга, күнүскү отделенияҕа миэстэ тахсан көспүт. Дьэ ол курдук, кинилэр курстарыгар икки наука доктора, профессордар Г.Г. Филиппов, В.В. Илларионов, икки народнай суруйааччылар Е.П. Неймохов, С.А. Попов- Тумат, Саха Республикатын үтүөлээх учуутала, үөрэҕириигэ саха национальнай концепциятын олоххо киллэрбит автордартан биирдэстэрэ, поэт В.И. Босиков - Босяк, Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Россия оскуолаларын бастыҥ директорынан ааттаммыт Н.А. Брызгалов, эмиэ Саха республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, өр кэмҥэ Аммаҕа төрөөбүт нэһилиэгэр сэбиэтинэн, баһылыгынан үлэлээбит В.Д. Окороков, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, биллиилээх журналист Р.П. Былбанаева о.д.а. үөрэммиттэрэ. Бииргэ үөрэнэн бүтэрбиттэр бары олохторун суолун булан ситиһиилээхтик үлэлээн- хамнаан олордулар, аат- суол бөҕөлөөхтөр. Итинник чаҕылхай курс университет историятыгар биир эмэ баара дуу?! Саарбах. Баһылай Босяк талааннаах учуутал, поэт эрэ буолбатах. Кини киһи быһыытынан сүрдээх аламаҕай, аһыныгас санаалаах, наар көмөлөһө эрэ сатыыр, эрэллээх, үтүө доҕор буолар. Биһиги аҕабыт Егор Неймохов кинини үтүө ойоҕостоох киһи диэн ааттыыра. Кырдьык да оннуга. Биһиги Ойуунускай уулуссаҕа үс хостоох оһоҕунан оттуллар мас дьиэҕэ олорбуппут. Аҕабыт "Хотугу сулус" сурунаалга үлэлиир. Биирдэ биир кыһыҥҥы ылааҥы күн Босяк редакцияҕа кэлэн эйиэхэ баран эбиэттээн ааһыам, барыахха диэн хаайбыт. Кини Сайсарыга 14 нүөмэрдээх оскуолаҕа учууталлыыра. Инньэ гынан ыксатан дьиэлээбиттэр. Гоша автобустан түһээт буруону көрбүт. Сонно мин эдьиийим Зоя олоро сылдьыбыт, ол кэмҥэ артыыс Тимофей Сметаниннаахха бэлэхтээбит дьиэтигэр сүүрэн киирэн Баһаарынай сулууспаҕа эрийбит уонна дьиэтигэр сүүрбүт. Дьиэлэрэ умайан эрэрин билбэккэ эбэбит кыракый сиэннэрин, биһиги оҕолорбутун кытта олорорун таҥыннаран таһырдьа таһаарбыттар. Таһырдьаттан проводкаттан умайан эрэр эбит. Баһаарынай массыыналар суһаллык кэлэн умуруордулар. Баһаар таһыттан буолан дьиэҕэ киирбэтэ даҕаны. Босяк онно ыксатан кэлбэтэхтэрэ буоллар, туох- туох буолуо биллибэт этэ. Эргэ мас дьиэҕэ уот электрическай проводынан киирэн ньачаас күл-көмөр буолар буоллаҕа. Кырдьаҕас эбэбит, биһиги икки кыракый уолаттарбыт тыыннаах хаалар быаларыгар Босяк абыраан турар. Итинник курдук араас быһылаантан быыһаабыта элбэх. Аны аҕабыт ыалдьан Бастакы Президент М.Е. Николаев көмөтүнэн Германияҕа эмтэнэ барарбытыгар, оруобуна, Босяк Улятынаан 50 саастарын ''Чароит'' рестораҥҥа бэлиэтиир дьоро киэһэлэригэр сылдьан, үөрүүлэрин үллэстээт, сарсыныгар Германиялаары Москваҕа көппүппүт. Онтон Петербурга көспүппүтүгэр Босяк аҕабыт инвалиднай пенсиятын ылан биһиэхэ ыытар. Ол билиҥҥи курдук судургу буолбатах этэ. Пенсионнайтан уочараттаан ылар, ону бааҥҥа тиийэн эмиэ уочараттаан биһиэхэ ыытар. Тайаҕынан дугунан нэһиилэ хаама сылдьар киһи бытархан тымныыга төттөрү-таары хаамара, уочараттыыра ыарахан буоллаҕа. Ону ол диэбэккэ, доҕорум туһа диэн, көмөлөһөрө. Ол 90 сылларга хамнас аанньа кэлбэтэ, харчы суоҕа, хата, пенсияны харгыһа суох биэрэллэрэ. Ыраах куоракка олорор элбэх оҕолоох дьон онон абыраммыппыт, хамнаһы аанньа биэрбэт кэмнэригэр. Быһыннаххына хантан да иэс ылар кыаҕыҥ суох, доҕотторуҥ, аймахтарыҥ ыраахтар. Ыарахан дьыала этэ, ама да ааспытын иһин. Баһылай Босяк дэгиттэр талааннааҕа. Үчүгэйдик суруйара, уруһуйдуура, ыллаан да көрөрө, араатар киэнэ бэрдэ, хаста да араатардар күрэхтэригэр бастаан турар, тамадалыыра. Аны ууһун көрүөҥ. Олоххо активнай позициялааҕа, көрөн, бытааран турбат, тута киирсибитинэн барара. Учууталлар хамсааһыннарыгар инники күөҥҥэ сылдьара. Спартак Борисов кэргэнин баана харчыларын төннөрбөккө эрэйдээбиттэригэр пикет буолбута. Онно Босяк маҥнайгы кэккэҕэ турара - Аан дойдуну араҥаччылыыр, дьонугар- сэргэтигэр дурда- хахха буолар Айыы бухатыырын санатара. Арай биирдэ, биһиги аҕабытыгар доҕоро спорт миниистирэ, биллиилээх тустуук Петр Попов: ''Японияттан уруккута тустуук, улахан дуоһунастаах киһи кэлэр, ол киһи табах тардар хамса коллекциялыыр эбит. Ону мамонт муоһуттан кини төбөтө моһуоннаах хамса оҥотторон бэлэхтээри гынабыт. Ону оҥоруон сөптөөх билэр художниктааххын дуо?'', - диэтэ. Онуоха Гоша тута Босякка эрийдэ. Босяк убайа үйэтин тухары Культура миниистирин (5 министргэ) солбуйааччынан үлэлээбит буолан, художниктары кытта билсэрэ, алтыһара. Манна даҕатан эттэххэ, Василий Афанасьевич Босиков культура, искусство бөдөҥ деятелэ этэ. Бары кинини ытыктыыллара, тэрийэр дьоҕурун туһунан легенда кэпсээннэр элбэхтэр. Кини туһунан кэпсээри гыннахтарына бары хайаан да Василий Афанасьевич саҥатын, манератын үтүктэллэрэ. Оннооҕор мин эмиэ, соччо сатаабатарбын да, санаабар кини курдук саҥаран кэпсээччибин. Оннук ураты личность этэ. Дьэ Босякпыт ньачаас художник булан кэпсэттэ. Кимин умнубуппун. Гошалыын Министерствоҕа тиийэн ол киһи хаартыскатын ыллылар. Министерство үлэһиттэрэ кытаатыҥ да, кытаатыҥ бөҕөлөр, бириэмэ кырыымчык дэһэллэр. ''Босягым олох улахан художник курдук даадаччы туттан хаамар'', - диэн Гоша күлэн кэллэ. Дьоппуоҥҥа бэлэхтээбиттэригэр туох да наһаа соһуйбут, үөрбүт уонна тута табаах уктан тардан барбыт үһү. Учуутал быһыытынан наһаа айымньылаахтык үлэлээбитэ. Республикаҕа биир бастакынан сахалыы балаҕан моһуоннаах кабинет бэйэтэ сүүрэн- көтөн, матырыйаалын булан оҥотторбута. Оччолорго матырыйаал көстүбэт этэ, барыта дефицит кэмэ. Ол кабинетыгар суруйааччылары ыҥыран оҕолорго кэпсэтиннэрэрэ. Үөрэнээччилэр тыыннаах классиктары кытта атах тэпсэн олорон сэһэргэспиттэрин үйэлэрин тухары умнубаттара чахчы. Ол матырыйаалларынан кинигэ таһаартарбыта. Үөрэтэр оҕолорун араас экскурсияҕа сырытыннарара, саас аайы тыаҕа айылҕаҕа таһаарара. Ол түмүгүнэн айар конкурстары тэрийэрэ, оҕолор айар дьоҕурдарын сайыннарара. Оннук үөрэтэн университет саха салаатыгар үчүгэйдик бэлэмнээн, куорат оҕолоро улахан конкурсу ааһан, саха салаатыгар киирэн үөрэнэр кыахтаммыттара. Республикаҕа үөрэх миниистирэ Е.П.Жирковтуун оскуолаларга национальнай концепцияны 90 сылларга киллэрбиттэрэ. Оҕолор, ыччаттар сахабын диэн киэн туттар буолбуттара, саха самосознаниетын үрдэппит туохха да кэмнэммэт үтүөлээх киһинэн буолар. Мунньахтарга принципиально сахалыы тыл этэрэ. Государственнай тылы билиэхтээххит диирэ. Биэс оҕотун Рабочай городок түгэҕиттэн Сайсарыга күн аайы таһан сахалыы үөрэттэрбитэ. Ону наһаа сөҕөбүн. Биһиэхэ ол кыаллыбатаҕа. Иккис оскуолаҕа улахан уолбутун биир сыл таһа сатаан баран кыамматахпыт, аттынааҕы 10 нүөмэрдээх оскуолаҕа көһөрбүппүт. Ол иһин Босяктан сүрдээҕин сэмэлэнэрбит. Хайыахпытый, кини эрчимэ биһиэхэ тиийбэтэ. Бииргэ үөрэммит однокурсниктар сыл аайы кэриэтэ мусталлара, онно дьэ Босяк былааһы ылара, остуол салайааччыта буолара. Эчи, саҥата доргутан улахана, тыла ууһа- урана сүрдээх. ''Бэринэбин икки күүскэ: тылга уонна тапталга'' диэн курдук хоһооннооҕо. Олоҕун ортоку олугар сылдьан ыалдьан охтубута, кыайан хаампат буолбута. Ону олох сорунан туран эмтэнэн, дьарыктанан, тайахха да дугуннар, хаамар буолбута. Ол ыалдьа сытан түлүкэтийдэҕинэ, түүн аайы өбүгэлэрэ кэлэн өтөҕүҥ хотонугар хаппыт оҕус тириитэ сытар, ону имит, дьиэҥ таһыгар турар баараҕай тииттэн дүҥүр оҥостон, ол тириинэн бүрүй, ойуун буол диэн хаайаллар эбит.Ону аккаастаабыт. Биэс оҕолоох киһи оҕолорун, чугас дьонун харыстаан. Ойуун буоллаҕына хаан аймаҕыттан толук биэриэхтээҕин сөпсөспөккө. Ол кэмҥэ биир оҕото ыалдьар этэ. Кини оннук аһыныгас санаалааҕа. Тоҕо эрэ ыһыллыбыт Коммунистическай партияны, Советскай былааһы көмүскэһэрэ, бэйэтэ хаһан даҕаны коммунист буолбатаҕа эрээри. Ийэтин холобур туттара, ийэтэ үйэтин тухары сэбиэтинэн үлэлээбит этэ. Ону доҕоро скульптор Баһылай Бочкарев ''Орто сааһыгар торуоска туттарбыт хомуньуустарын былааһын көмүскүүр'', - диэн эйэҕэстик хаадьылыыра. Уопсайынан да, улахан суруйааччылары айылҕа маанылаан иитэн, тыл иччитин баһылаан, дьон өйүгэр- сүрэҕэр түһэр айымньылары суруйан эрдэхтэрэ, бары да айылгылаах дьон буоллахтара. Босяк мээнэ киһиэхэ иннин биэрбэт характердааҕа, охсуһар буоллаҕына охсуһуон да сөбө, тылын чааһа бэйэтин киэнэ буоллаҕа. Арай Гошаҕа эрэ сымныыра, кыра быраатын курдук куруук харыстыыр, араҥаччылыыр сыһыаннааҕа. Мас дьиэҕэ олордохпутуна, биир киэһэ Босяк көтөн түстэ. Дьиэтэ чугас, Петровскай уулуссаҕа турара. Ханна эрэ бырааһынньыктаабыт быһыылааҕа, саҥата улахана дьиэбитин олох ылан кэбистэ. Оҕолорбут кыралар, утуйа сыттахтара буолуо, аҕабыт Босягы дьиэтиттэн үүрэн таһаарда. Гоша бэйэтэ көрсүө майгылаах буолан, итинник быһыыны төрүт сөбүлээбэт этэ. Нөҥүө күнүгэр сарсыарда Босякпыт налыйан аҕай киирэн кэллэ. Бырастыы гын иҥин диэн тыл суох, туох да буолбатаҕын курдук эйэ- дэмнээхтик кэпсэттэ. Биһиги да аҕабыт өйдүүр буоллаҕа, эйэлэһэ кэлбитин. Ити чахчы күүстээх киһи киэҥ көҕүстээх буоларын туоһута дии саныыбын. Холобура, мин үүрүллэн баран, ол дьиэҕэ төннөрүм, сарсыарда буолаат киирэрим саарбах. Өһүргэнэн бүтэбин. Ол да иһин кинилэр таһымнарыгар тиийбэт буоллаҕым. Саха чулуу уола, Саха республикатын үтүөлээх учуутала, поэт Василий Иванович Босиков - Босяк тыыннааҕа буоллар 75 сааһын томточчу туолуохтаах этэ, бэйэтэ билинэринии ''уолугар оргуйар'' санааларыттан айымньы, хоһоон бөҕөтүн айыа- тутуо хааллаҕа. Олохтон ыарахан ыарыыттан олох эрдэ туораабатаҕа буоллар, олох оргуйар киинигэр инники күөҥҥэ сылдьыа этэ…
Мария Неймохова.