22.11.2020 | 13:03

Олох чахчылара – ыччат хараҕынан

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара алтынньы 29 күнүттэн Худуоһунньук дьиэтигэр буола турар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Арт-молодость» диэн ыччат быыстапкатын сэргии-сэҥээрэ көрдүбүт. Эдэр талааннары өйүүр сыаллаах ураты быыстапканы СӨ Национальнай художественнай музейа уонна худуоһунньуктар Сойуустара тэрийдилэр.

Аҕыйах хонуктааҕыта манна сылдьан, ыччат талааныттан  сөҕөн, махтайан, астынан кэллим. Худьуоһунньук дьиэтин сэбиэдиссэйэ Варвара Ильинична Заровняева хас биирдии айымньы ис хоһоонун кэпсээбит буолан, быыстапка өссө интэриэһинэй буолла.

Искусство, биир сиргэ тэпсэҥнээбэккэ, аныгы олох ирдэбилинэн сайдар саҕахтары арыйар. Эдэр талааннар күннээҕи олох кыһалҕаларын, саха омук уратытын, биһигини туох тулалыырын, ис санааларын айар үлэлэригэр түмпүттэр. Ону ааһан, барыбытын долгутар экология сытыы боппуруоһун таарыйбыттар.

ҮӨРЭНЭЭЧЧИ – УҺУЙААЧЧЫТЫТТАН

Быыстапкаҕа уопсайа 112 үлэ түмүллүбүт уонна 62 айар куттаах ыччат кыттыбыт. Экспозициялар ойуулуур-дьүһүннүүр искусство бары хайысхаларын хабаллар. Ол курдук, живопись, графика, скульптура уонна декоративнай-прикладной искусство. Манна Арктикатааҕы култуура уонна искусство судаарыстыбаннай институтун устудьуоннарын, Дьокуускайдааҕы П.П. Романов аатынан художественнай училище выпускниктарын, Намнааҕы И.Е. Винокуров педагогическай коллеһын уонна Арассыыйа атын да кыһаларын устудьуоннарын үлэлэрэ турбуттар. Ону тэҥэ Мира Аргунова, Федосий Заровняев, Ньургуйаана Амыдаева, о.д.а. талааннаах худуоһунньуктар үлэлэрэ кэчигэрэспиттэр.

-Быыстапканы Валериан Васильев икки үлэтэ арыйар. Валериан Васильев эдэр сааһыгар бу олохтон туораабыта. Кини Саха сиригэр кинигэ графикатын олохтообут худуоһунньук буолар. Ойуулуур-дьүһүннүүр искусство араас техникатын киллэрбит сүдү киһи. Быыстапкаҕа икки абстрактнай үлэлэрин ыйаатыбыт.  Кини 1966 с. 28 эрэ саастаах сылдьан эдэр худуоһунньуктарга 100 сылынан искусство хайдах буолуохтааҕын, бэйэтин кэс тылын, этиитин суруйан хаалларбыта баар.  Ону саала киирэр аартыгар көрүөххэ сөп. Биһиги көрүүбүтүгэр, кини ыччакка бэлиэ, символ-уобарас быһыытынан дьайар. Бу диэн эттэххэ, оччотооҕу кэмҥэ аҕа худуоһунньуктар да, көрөөччүлэр да кини үлэлэрин соччо-бачча өйдөөбөт этилэр. Эдэр киһи олоҕу көрүүтэ, ылыныыта ол кэмҥэ сөрү-сөп буоллаҕа.

Бүгүҥҥү кытта сылдьар оҕолорбут, биллэн турар,  айа-тута сылдьар аатырбыт худуоһунньуктарбыт үөрэнээччилэрэ. Кэтээн көрдөххө, олох да этэринэн, үөрэнээччи син биир уһуйааччытыттан бэриһиннэрэр. Учуутал үлэтэ үөрэнээччигэ эмиэ көстөр. Академик Афанасий Осипов: “Күн аайы күүскэ салгыбакка уонна саллыбакка айыахха-тутуохха!” – диэн этэн турар. Ханнык баҕарар үлэ ааптара өрөспүүбүлүкэ култууратын инникитин анаарааччы диэн бэлиэтиибин, – диир Варвара Ильинична.

Салгыы аныгы худуоһунньуктар үлэлэрин билиһиннэрэбин.

Илин эҥээр олохтоохторун сүрүн кыһалҕалара – Өлүөнэ эбэни туоруур муоста. Паромҥа сайын аайы тоҕуоруһуу, ыһыы-хаһыы, айдаан. Хаайтарыы кэмигэр сырыы тохтуур. Баҕа санаабыт туолуо, баараҕай тутуу олоххо киириэ дуо? Ааптар Сахаайа Моякунова дьиҥ чахчыны ойуулаабыта көстөр.

Тура-тура инновация, цифровизация диибит да, олох таһыма тыа сиригэр чыҥха атын. Тыа сирин инники дьылҕата хайдаҕый? Маннык олорон хаалар дуу? Ыһыллан-тоҕуллан эстэр уһуктанар дуу? Эбэтэр силигилээн, үүнэн-чэчирээн туруо дуо? Елена Слепцова үлэтин көрөн баран, маннык санааҕа кэллим. Чахчы, тыа сирин хас иккис ыала маннык тэлгэһэҕэ, дьиэҕэ-уокка, олбуорга олорор.

Маннык хартыынаны куорат олохтооҕо сарсыарда аайы көрөр буолла. Арыгылааһын содула, өбүгэ үгэһигэр сыһыан, Кока-колабыт, пиццабыт хаҕа кытта көстөр. Ааптар Аркадий Михайлов олох чахчытын хайдах баарынан көрдөрбүтэ хайҕаллаах.

Кистэл буолбатах, Кока-коланы иһэр киһи элбэх. Бу утахпыт кэлин тугунан дьайан тахсыан ким да билбэт. Омуктар атахтарын таҥаһын, массыына арыытын сууйаллар диэбиттэрэ... Оттон саха ыччата күн ахсын хастыы эмэ лиитэрэни иһэр. Үлэ ааптара – Василий Кашмилин. Кини  худуоһунньук үөрэхтээх. Мастарыскыай арыйан, дьону ойуулуур-дьүһүннүүр искусство эйгэтигэр үөрэтэр.  5

 “Задержка” диэн тылы, “рейс тардыллар буолла” диэн этиини  «Якутия” хампаанньаттан элбэхтэ истэбит. Хартыына баар чахчыны көрдөрөр. Билиэт сыанатыттан саҕалаан, хоту улуус дьоно дойдуларыгар илдьэ барар таһаҕастарыгар тиийэ ойууламмыт. Үлэ ааптара Маина Еремеева туох баарынан кырдьыгы ойуулаабыт. 6

Быйыл пандемиянан сибээстээн ыһыах буолбата. Федосий Заровняев үлэтин көрөн, ыһыахтаабыт курдук сананыҥ. Федосий – туспа көрүүлээх худуоһунньук. Кини айар үлэтин сүгүрүйээччилэрэ худуоһунньук ураты үлэлэрин тута араараллар. Оннук туспа буочардаах. 

Тымныыттан да куттаммакка, үүт туман быыһыгар дьиэ тута сылдьар дьону көрөҕүт. Ааптар – Мира Аргунова.

Олус элбэх хартыына ыйанан турар. Бииртэн биир чаҕылхай үлэ. Күндү ааҕааччылар, хаалбыт күннэргэ быыстапканы кэлэн көрөргүтүгэр сүбэлиибин.

АЙАР КУТТААХ ЫЧЧАТ

-Живописька ордук  мэтириэт элбэх. Киһи мөссүөнүн таба тайанан ойуулаабыт үлэ үгүс. Саха дьахтара, дьиэ таһын хомуйааччы,  артыыс...

Портретнай, этюднай, постановочнай үлэлэргэ хоту дойдуну, Арктиканы эдэр ыччат сүрдээҕин табыллан тиэрдибит.  

-Саҥа саҕалааһын бөҕө баар эбит.

-Туойунан, витраж техникатынан, керамикаттан, үс араас чаастан турар сэдэх үлэлэр киирдилэр. Анастасия Огонерова, Ксения Манужинаны ааттыаххпын сөп. Онно тэҥнии тутан Нам устудьуоннара сахалыы таҥаһы-сабы, бэргэһэҕэ тиийэ туруордулар.

-Дьон кэрэ эйгэтигэр, чуолаан искусствоҕа тардыһыытын туһунан санааҥ?

-Бу кэмҥэ нэһилиэнньэ музейга сылдьыан баҕарара, кэрэ эйгэни кэрэхсиирэ уонна искусство алыптаах ойуулуур-дьүһүннүүр дьүһүйүүтүгэр наадыйара көһүннэ.

-Варвара Ильинична, эйиэхэ махтанабын! Инникитин да үлэҕит таһаарыылаах буоллун!

Худуоһунньук дьиэтэ пандемия кэмигэр араас хабааннаах маастар-кылаастары тэрийэн ыытар. Манна кэлэн муодунай (шоппер) суумка тиктиэххитин сөп. Ону тэҥэ баҕалаах дьоҥҥо мастарыскыай аһаҕас.

Олоҕу хайдах баарынан, толору, кырдьыктаахтык, итэҕэтиилээхтик көрдөрөр “Арт-молодость” быыстапканы тохсунньу 15 күнүгэр  диэри Лермонтов уул. 31/2б, 3-с этээс, “Дом художника” тиийэн  көрүөххүтүн сөп. Сэрэдэттэн өрөбүлгэ диэри, сарсыарда 10 чаастан 18 чааска диэри аана аһаҕас. 

Улахан дьоҥҥо - 150 солк., элбэх оҕолоох дьоҥҥо – 100 солк., устудьуоннарга – 80 солк., биэнсийэлээххэ – 50 солк., 18 саастарын ситэ илик оҕолорго – босхо.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....