23.11.2022 | 17:30

Олоҕун науканы кытта ситимнээн

Олоҕун науканы кытта ситимнээн
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сэтинньи 22 күнүгэр СӨ Наукаларын академиятыгар бэрэсидьиэн быыбара буолан ааста. Элбэх куолаһы ылан, бу дуоһунаска Леонид Владимиров талылынна.

Леонид Николаевич 1959 сыллаахха от ыйын 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1977 сыллаахха Үөһээ Бүлүү орто оскуолатын бүтэрбитэ. 1985 сыллаахха СГУ тыа хаһаайыстыбатын факультетын туйгуннук бүтэрбитэ. 1986 с. аспирантураҕа туттарсан киириэҕиттэн олоҕун науканы кытта ситимнээбитэ. Научнай сотрудниктан саҕалаан, араас дуоһунастарга үлэлээн, үүммүтэ, үрдээбитэ. Биологическай наукалар доктора, профессор, Арассыыйа Наукаларын академиятын чилиэн-кэрэспэдьиэнэ, 2020 сылтан СӨ Наукаларын академиятын академига.  Быйыл от ыйын 22 күнүттэн Ил Дархан ыйааҕынан СӨ Наукаларын академиятын Бэрэсидьиэнин эбээһинэһин толорооччунан анаммыта.

Бүгүҥҥү туругунан Саха сиригэр 1872 учуонай баар, онтон 378 – наука доктора, 1494 – наука кандидата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...