Олоҥхо ыһыаҕар анаан Дьокуускайтан айанныыр паром ахсаана элбэтиллэр
XVII-с өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕа быйыл бэс ыйын 20-21 күннэригэр Аммаҕа Муона чараҥа айылҕа маанылаах миэстэтигэр ыытыллаары турар.
Ыһыах мааны ыалдьыттарынан өрөспүүбүлүкэ 32 муниципальнай тэриллиититтэн 15 тыһыынчаттан тахса киһи буолуоҕа.
Айанньыттарга анаан «Дьокуускай – Аллараа Бэстээх» хайысханан 15 паром сылдьыаҕа, Амма сэлиэнньэтин иһинэн оптуобустар, ыһыах түһүлгэтигэр тиэрдэр шатллар сүүрүөхтэрэ.
Түһүлгэҕэ 3 тыһыынчаҕа тиийэ киһини батарар балаакканан түһүүлэнэр миэстэлэр, Амма, Чыпчылҕан, Бөтүҥ сэлиэнньэлэригэр хонор дьиэлэр күүтэллэр.
Күнү көрсүү сиэрэ туома бэс ыйын 20 күнэ үүнэр түүнүгэр ыытыллар.
Фольклор араас көрүҥэр, иискэ, ууска күрэхтэр түмүктэринэн 19 Гран при, 129 анал аат хаһаайыттара быһаарыллыахтара.
Анал балаһааккаларга спортивнай күрэхтэһиилэр, ат сүүрдүүтэ, атынан сүүрдэ сылдьан оҕунан ытыыга күөн күрэстэр дьон-сэргэ сэҥээриитин ылыахтара.
Санатар буоллахха, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Олоҥхо ыһыахтара 2006 сылтан ыытыллаллар, эһиилги ыһыах Нерюнгри оройуонугар былааннанар, диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.