Олоҥхо ыһыаҕа бэс ыйын 26-27 күннэригэр көстө
Өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрийэр кэмитиэт быһаарыытынан бэс ыйын 26-27 күннэригэр ыытыллыаҕа диэн Саха сирин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Бырабыыталыстыба вице-премьера Сергей Местников Олоҥхо ыһыаҕа Өлүөхүмэ оройуонугар былырыын буолуохтааҕын, ол эрэн уустук эпидемиологическай балаһыанньа үөскээн, бырааһынньык 2021 сылга көспүтүн туһунан санатта.
«Быйыл даҕаны эпидемиологическай быһыы-майгы уустук буолан, Олоҥхо ыһыаҕа бары хааччахтыыр миэрэлэри тутуһан ыытыллыаҕа. Оройуон олохтоохторугар, национальнай бырааһынньык тэрийээччилэригэр уонна кыттааччыларыгар уопсай иммунитет үөскүүрүн курдук, вакцинация былааннаммыт кэрчигэр тиийиэхтэрин наада», – дииллэр пресс-сулууспа иһитиннэриитигэр.
Өлүөхүмэ оройуонун баһылыга Николай Харбин информациятынан, билиҥҥи туругунан оройуон олохтоохторун 32% коронавируһу утары вакцина бастакы түһүмэҕин, 18% иккис түһүмэҕин ааспыттар. Ити намыһах көрдөрүүнэн ааҕыллар.
«Хаалбыт күннэргэ быһыыны ылбыт киһи ахсаанын 70% тиэрдэр курдук, ону тэҥэ тэрийэр боппуруостары хаачыстыбалаахтык быһаарарга Олоҥхо ыһыаҕа бэс ыйын 20-21 күннэриттэн бу ый 26-27 күннэригэр көстө», – диэн этиллэр иһитиннэриигэ.
Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев муниципальнай тэриллиилэр ыһыаҕы ыыталларын эпидемиологическай балаһыанньаттан көрөн бэйэлэрэ быһаарыахтара диэбитэ. Маны сэргэ култуурунай-маассабай тэрээһиннэр уруккулуу көрүҥүнэн нэһилиэнньэ 70% коронавируһу утары быһыыны ыллаҕына ыытыллар кыахтаахтар диэн буолбута.