Олоҥхо олимпиадата — куйаар ситиминэн
Олунньу 12 күнүгэр «Айыы Кыһата» национальнай гимназия, С.Н. Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт саха уонна нуучча тылларын кафедрата, Дьокуускай куорат үөрэххэ управлениета, куораттааҕы саха тылын уонна учууталларын методическай холбоһуга үөрэнээччилэргэ аналлаах олоҥхо куораттааҕы олимпиадатын тэрийэллэр.
Манна куорат оскуолаларын оҕолоро (5-10 кылаастар) кытталлар. Төрөөбүт тыл декадатыгар «Тыыннаах тыл» бырайыак чэрчитинэн ыытыллар тэрээһин куйаар ситиминэн буолуоҕа.
Олоҥхо олимпиадата 3 түһүмэхтээх, олоҥхо тиэмэтигэр, тылыгар сыһыаннаах сорудахтардаах, ыйытыктардаах. Бастакы түһүмэх – олоҥхо ис хоһоонунан тургутук. Иккис түһүмэх – бэйэ суруйуута. Үһүс түһүмэх – бэриллибит тыллары быһаарыы. Кыттааччылар сорудахтары 120 мүнүүтэ устата толороллор.
“Балаһыанньа быһыытынан хас биирдии оскуолаттан элбээбитэ 12 үөрэнээччи кыттара ирдэнэр”, – диэн тэрийэр хамыыһыйа тоһоҕолоон бэлиэтиир. Холобур, 5 кылаастан 2 оҕо, 6 кылаастан – 2 оҕо.
Уопсай түмүк Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт уонна үөрэх управлениетын сайтыгар тахсыаҕа.