29.07.2022 | 12:00

Олоҥхо чаҕылхай колориһа

Олоҥхо норуот айымньытын кылаан чыпчаалын быһыытынан биллэр эбит буоллаҕына, билиҥҥи сайдыы кэмигэр норуот үйэлэргэ муспут өркөн өйүн философиятын, олорон кэлбит олоҕун историятын, култууратын, ийэ тыл бараммат байҕалын быһыытынан киэҥник билиннэ.
Олоҥхо чаҕылхай колориһа
Ааптар: Наталья Григорьева, Таатта
Бөлөххө киир

Саха омук уус-уран тыллаахтара үтүмэн үйэлэргэ түмэн, чочуйан, нарылаан айбыт сүдү айымньылара – олоҥхо норуот ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын бары көрүҥэр кимэн киирбитэ.

Саха ойуулуур-дьүһүннүүр искусствота төрүттэниэҕиттэн худуоһунньуктар олоҥхо түгэҕэ биллибэт бараммат баайыттан саҥаттан саҥа толкуйдары, санаалары уонна уобарастары айбыттара, сомсубуттара.

Саха ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын биир бэлиэ түгэнинэн 1975 сыллаахха В.В. Державин тылбааһынан тахсыбыт “Дьулуруйар Ньургун Боотур” кинигэҕэ анаан Эллей Семенович Сивцев, Владимир Семенович Карамзин уонна Иннокентий Дмитриевич Корякин оҥорбут иллюстрациялара буолар. Манна барыта 36 иллюстрация киирбит. Олортон Чурапчы Мэлдьэхсититтэн төрүттээх Саха сирин искусствотын үтүөлээх деятелэ, живописька тыа олоҕун тиэмэтин киэҥник арыйбыт Иннокентий Дмитриевич Корякин туһунан кэпсиим.

Иннокентий Дмитриевич 1974 сыллаахха Харбалаах нэһилиэгэр аан бастакы тыа сирин галереятын тэрийбитэ. Харбалаахтааҕы галереяны Худуоһунньуктар сойуустарын кытта тиксиһиннэрбитэ билигин Харбалаахтааҕы тыа сирин хартыыналарын галереята – СӨ Национальнай художественнай музейын салаата буола үүммүтэ элбэҕи этэр. 

Иннокентий Дмитриевич төрөппүт уола Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, култуура туйгуна, дьон сэҥээриитин ылар сахалыы тыыннаах худуоһунньук Иннокентий Иннокентьевич аҕатын туһунан бу курдук кэпсиир: “Аҕам аах Таатта Харбалааҕын дойду оҥостон, үйэлэрин тухары онно олорбуттара. Ийэбит Рева Гаврильевна фельдшер идэлээх этэ. Аҕабыт куруук куоракка киирэр-тахсар, мастарыскыайыгар үлэлиир, элбэх командировкаҕа роспись суруйа айанныыр этэ. Кини сүрүн үлэлэрэ тыа киһитин олоҕун кытта сибээстээх. Бииргэ үлэлээбит, алтыспыт доҕотторо, кэллиэгэлэрэ кинини улуу нуучча худуоһунньуга Аркадий Пластовка тэҥнии көрөллөрө, саха Пластова диэн сөбүлээн ааттыыллара. Холустаҕа хартыына суруйарын таһынан элбэх кинигэ иллюстрациятын оҥорбута. Ол курдук саамай биллэр үлэтинэн  «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо иллюстрацията буолар. Үһүө буолан, доҕотторун Эллей Семенович Сивцевы, Владимир Семенович Карамзины кытта уруһуйдаабыттара. Ити үлэлэрэ күн бүгүҥҥэ диэри саха дьоно биһириир, хайҕыыр, сүрэхтэригэр киирбит, профессионал худуоһунньуктар үрдүктүк сыаналыыр үлэлэрэ. Кэллиэгэ худуоһунньуктара аҕабытын дьүһүнү үчүгэйдик көрөрүн иһин колорист-худуоһунньук быһыытынан билинэллэр. Мин бэйэм, худуоһунньук идэлээх буоламмын, аҕам үлэлэрин улаханнык сыаналыыбын. Үрдүк таһымнаах худуоһунньук-живописец этэ диэн киэн туттабын”.

Айар эйгэлээх, олус чараас дууһалаах, санааларын өҥ нөҥүө ойууга түһэрэр дьоммут Иннокентий Дмитриевич, Эллей Семенович, Владимир Семенович баай фантазияларын холбоон, саха өйүгэр-санаатыгар сөҥөн хаалар уус-уран уобарастары чаҕылхайдык айбыттара. Ол туһунан Эллей Семенович Сивцев төрөппүт кыыһа Элеонора Эллеевна бу курдук ахтар: “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо нууччалыы тылбааһын иллюстрациятын эрэдээксийэ аҕабар сакаас оҥорбута. Олоҥхо кээмэйэ улахан, бириэмэ ыгым буолан, доҕорун Владимир Карамзины көмөлөһүннэрбитэ. Биһиги дьиэбитигэр улахан хос ортотугар остуол туруоран баран күнүстэри-түүннэри үлэлииллэрэ. Ийэм тыйаатырга түбүктээх үлэҕэ сылдьарын быыһыгар ас астаан бэлэмнээн барара. Мин оскуолаҕа 8 кылааска үөрэнэрим, ол-бу наадаларын аҕалан-илдьэн биэрэн, сорук-боллур буоларым. Бастатан туран, колористика – өҥ дьүөрэлэһиитин быһаарыы ыйытыга турбута. Аҕам уонна Владимир Семенович график буоланнар, идэтийбит живописец наадатын бэлиэтээбиттэрэ. Өҥү-дьүһүнү уһулуччутук таҥар, быһаарар диэн живописец Иннокентий Дмитриевич Корякины ыҥырбыттара. Оччолорго кинигэ ойуутун типографияҕа баар кыраасканан хааччахтанан оҥороллоро. Типография кырааската сэбиэскэй кэмҥэ Финляндияттан, Германияттан анал сакааһынан эрэ кэлэрэ. Иллюстрацияны гуаһынан уруһуйдаан, типография кырааскатыгар дьүөрэлээн, аттаран оҥорбуттара. Өр табыллыбатаҕын өйдүүбүн. Ордук Аллараа дойду өҥүн-дьүһүнүн таҥыытыгар ыарахаттары көрсүбүттэрэ. Олоҥхо тыла ойуулаан-дьүһүннээн, уобарастаан этэрин, дьон ылынарын курдук тиэрдэр уустук соруктаахтар этэ.

Иккис улахан мөккүөр – олоҥхо дьонун таҥаһа-саба. Мин аҕам М.М. Носов 17-с үйэтээҕи археологическай экспедиция түмүгүнэн оҥоруохха диэн этии киллэрбитин утарбыттара. Билиҥҥи киһи аныгы уобараһы ылынар диэн 19-с үйэтээҕи таҥас-сап ойууламмыта.

Үһүс улахан сорук – олоҥхо атын ойуулааһын. Сахалыы ат дуу, боруода ат дуу? Модьу-таҕа атахтаах, бөҕө көрүҥнээх саха атын уруһуйдаабыттарын маҥнай утаа сөпсөспөтөхтөрө».

Иннокентий Дмитриевич олоҥхо модун тыынын, өҥүн-дьүһүнүн таҥан, хас биирдии героическай уобараһын хатыламмат буочарынан үйэтиппитэ. Геройдар таҥастара-саптара, сэптэрэ-сэбиргэллэрэ этнография өттүнэн кырдьыктаахтарын ааһан, олоҥхоһут тойугар сөп түбэһэр гына ымпыктаан-чымпыктаан ойууламмыттара сөхтөрөр. Олоҥхо биир сүрүн геройа – бухатыыр көтөр кыната, сүүрэр атаҕа, үтүө сүбэһитэ, көмүскүүр аанньала – ат барахсан ураты болҕомтолоохтук ойууламмыт. Дьулусханнаах дьулуо маҥан халлаан дьураатыгар тура төрөөбүт Дьулусхан субуйа сүүрүк Дьураа хара ат барахсан сиэлэ-кутуруга хара өҥүнэн толбоннурар, быыппастар былчыҥа, кыынньар модун күүһэ арылхайдык көстөр. Бухатыыр атынан уот кудулу байҕалы үрдүнэн көтөн иһэрэ, уот кытыастар кыымнара субу салаан ылыахтыы кыыһаллара кыһыл, аалай өҥнөрүнэн чаҕылхайдык көрдөрүллүбүт.

Олоҥхоҕо кэпсэнэр Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо кыраһыабай уобараһын саха дьахтарын идеалын быһыытынан ылынабыт. Айыы кыыһын кэрэ сэбэрэтэ, киэҥ-холку көрүҥэ, номоҕон быһыыта-таһаата саха киһитин өйүгэр-санаатыгар ырааһы, сырдыгы кытта ситимнээх буолан, үрүҥ, сырдык саһархай өҥ баһыйбыта кэннигэр көстөр хампа күөх, күөх таалай киэлитигэр, күөх нуолурунан симэммит айылҕа маанылаах көстүүтүгэр  арылхайдык көстөр. Кырдьык да олоҥхо кэрэ куота маннык буолар эбит диэн санааны саҕар.

Охтон бараммат мастаах, уолан бүппэт ойбонноох Орто дойду олоҕо ситэн-силигилээн, көҕөрөн-наҕаран, сириэдийэн чаҕылхай кырааскалаах эбит буоллаҕына, киһи аймахха наар ыарыыны, өлүүнү-сүтүүнү эрэ аҕалар алдьархайдаах-абытайдаах, “уотунан умайар, сымаланан туолар”, “барбатах балык миинин курдук” Аллараа дойду, көрүөхтэн ынырык соҕотох оҥойор харахтаах абааһы бухатыыра, хат буолан көрбөтөх абааһы кыыһын Ханаҕар хара хапсыыра-куо дьигиһийбит, киһиргэс уобараһа бүдүгүрэн-бадыгыран ойууламмыт өҥө хараҥаттан хараҥа, болоорхой буолбут. Аллараа дойду киһи итэҕэйбэт гына ынырыгын табан ойуулаабыттар.

Бу курдук, өҥ дьүөрэлэһиитин олоҥхо тылларыгар сөп түбэһиннэрэн итэҕэтиилээхтик ойуулаан көрдөрбүттэрэ. Олоҥхону ааҕа олорор киһи өйүгэр-санаатыгар, фантазиятыгар оҥорон көрөрүгэр Иннокентий Дмитриевич чаҕылхай уобарастара, дьэрэкээн кырааскалара худуоһунньук уһулуччу таһымын туоһулууллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...