19.02.2021 | 08:58

Олоҥхо бухатыырыныы

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

(Атаҕастабылы аахсыы тыҥааһыннаах түгэннэриттэн санаалар)

Киһи хайдаҕа ыарахан кэмҥэ биллэр.

Тургутуу кэмигэр

Соторутааҕыттан  мин биир дойдулааҕым, Ил Түмэн 5-с ыҥырыытын бэрэссэдээтэлэ, 4-с уонна 6-с ыҥырыытын вице-спикерэ, элбэх аан дойдутааҕы уопсастыбаннай тэрилтэлэр үүннээччилэриттэн-тэһииннээччилэриттэн биирдэстэрэ Александр Жирков ыарахан тургутууга Москваҕа сылдьарын бэйэтэ уонна чугас дьонокырдьыгынан сылдьар буолан,кистээбэккэбыктарбыттара. Быйыл тохсунньу 1 күнүгэр 65 сааһын туолбута. Кини үлэтин туһунан Арассыыйа улахан дьоно кытта үрдүктүк сыаналыыллара хаһыаттарга элбэхтик тахсар. Үбүлүөйдээх сылынан өссө да суруйуу үгүс буолуо.

Мин ааҕааччыбын туохха туһаайарбын үөһэ улахан буукубаларынан  биллэрдим. Тоҕо диэтэххэ,  мантан аллара кэпсэниэхтээх кыһыылаах-абалаах быһылаан ис дьиҥин сорохтор билигин даҕаны кистээн, ол туһунан саҥарбаттар, быктардахтарына даҕаны ибир-сибир сэрэнэ соҕус баһын-атаҕын, ону да сорҕотун биллэрэллэр. Ол гынан оннук түгэн хатыламматын туһугар хайаан да ырытыллан, историяҕа туоһулар баалларыгар чуолкайданан киириэхтээх. 

Эдэр сылдьан тугу оҥорбуккун, эппиккин-тыыммыккын оччо ахсарбаккын, кэлин дьон сыаналаатахтарына, “ээ, өйүм-санаам сөптөөхтүк дуу, итэҕэстик дуу, хайдах дуу саҥардыбыт” диэн дьэ, өйдүүгүн. Киһи бэйэтин күүстээх санаатын норуоттан саатар аҕыйах өйдөөтөҕүнэ, тугу барытын кыайарга кыаҕа улаатар. Оннооҕор баҕа силэ эмп буолар... Норуот бу күҥҥэ күүстээх ыратын ыарахан тургутууга киирэ сылдьар салайааччыбытыгар уоскутар, өссө тулатыттан кинини иннин хоту, үөһээ диэки барарга дьулуһуутун күөртээтэҕэ буолуохтун.

Кини олус үлэһитин уонна дьону үлэлэтэрин билэбит. Үс сыллааҕыта эмиэ ыарахан тургутууну ааспыта. Уустук эпэрээссийэ иннинэ В.В.Никифоров олоҕун тиһэх күнүгэр диэри саха норуотун батталтан быыһанан, сайдарын туһугар киирсэ сытан, 62 сааһыгар тыына быстыбытын бэлиэтии көрбүтэ. Ол кэмҥэ оччо саастааҕыттан дьик гынан ылбыта. Аралдьытынан, ити үйэтитиигэ саамай кимнээҕэр да турууласпыт сүдү киһитин урукку оччо бэчээттэнэ илик дьыалаларын ырытыыны, онно суруйууну саҕалаабыта. “Турума, олорума, үлэлээмэ, сыт, утуйа сатаа, бэйэҕин харыстан”, – дииллэрин истибэккэ, палаататтан тахсыар диэри биир кинигэ буолары бэлэмнээбитэ. Дойдутугар эргиллэн, атын дьон көрдөҕүнэ,  туох да буолбатаҕын курдук тэрээһиннээх үлэтин салҕаабыта. Бу да сырыыга оннук буолуохтун.   

Оччолорго

Александр Николаевич норуотун туһугар туруулаһарга айылҕаттан ананан кэлбитэ оччоттон көстүбүтүн, хата, ол кэмҥэ тэбистэрбэккэ бүөбэйдээн иитиэхтээбиттэр эбит. Александры  саха хорсуна Георгий Прокопьевич Башарин таптыыр үөрэнээччи оҥостубута киниэхэ сыһыаныттан көстө сылдьара. 

Кырдьык туһугар охсуһуу олус ыарахан. Хайа кэмҥэ, ханна, кимнээхтиин аахсартан тутулуктаах.  Ханнык да түгэҥҥэ балыйтарыы олус кыһыылаах.

1970-80 с сылларга ССРС-ка 120 норуот  биир ыал курдук иллээхтик олорор  диэн бэчээккэ суруйуу, ТВ, араадьыйаҕа кэпсээн бөҕө этэ.

Ис-иһигэр киирдэххэ, бүтүн саха норуотун национализмҥа буруйдааһын 1920-с сыллартан баара. 1950 с. сахалары националистарынан дьаралыктыыр ыстатыйалар, Компартия Киин Кэмитиэтин уурааҕа көтүллэ иликтэрэ. Бэйэҕит өйдүүр инигит, уулуссаҕа, оптуобуска сахалыы кэпсэттэххэ айдаан буола түһэрин? Төрөөбүт дойдубутугар төһө да буолларбыт, биир атын омук баарыгар ийэ тылбытынан кэпсэтэрбит уустуга. Автономнай өрөспүүбүлүкэ ааттаахха киин куоратыгар сахалыы үөрэтэр оскуола, уһуйаан биир-икки эрэ этэ. Кэлии дьон үрдүк хамнастаахтара, түргэнник таас дьиэ ылаллара. (1990 с. СӨ, РФ бастакы президеннэрин дьайыыларынан, М.Е. Николаев туруорсуутунан Б.Н.Ельцин ыйааҕынан көтүллэн, дьэ бүтүн норуокка хара мэҥи түһэрэр сордоох балыыр сотуллубута).     

Онуоха диэри ботур-итир сибигинэһиилэргэ “сахалары нууччалар атаҕастаабыттарын туһунан”  син иһиллэрэ. (Ити “нууччалар” диэн славянныҥы сирэйдээх омугу барытын ааттыыллара).

1979 с. омуктар элбэх буолан көмөлөөн, биһиги баар-суох кэскиллэрбитин – Университет устудьуоннарын (сахалары), төрөөбүт дойдуларыгар, өссө олорор уопсайдарын анныгар саанан ытыалаабыттарыттан аймаммыттарын  былаас көмүскэһэрин, кырдьыктаахтык сууттуурун оннугар   бары өттүнэн атаҕастаммыттары сабыта баттыы сатаабыта... 

Ол 1979 с. Саха университетын анныгар устудьуоннары ытыалааһынтан “Америка куолаһа” араадьыйа долгуннарынан дуораһыйан аҕыйах ахсааннаах омугу баттааһын баара омук сирдэригэр биллибитэ. “Тымныы сэрии” үгэнэ, Москватааҕы олимпиаданы бойкуоттааһын саҕаланыыта этэ.  Дойдугутун түһэн биэрдигит диэн ханна баҕарар тиэрдиэхтэрин сөбө. Ол кэмҥэ водороднай буомба «аҕата» академик А.Д.Сахаров үөрэнээччитэ А.Н.Твердохлебов Ньурба оройуонугар, онтон Арҕаа Украина ааттааҕа В.Чорновил Ленскэйгэ көскө бааллара. 

Оннооҕор 1980-с сыллар бүтүүлэригэр репрессия иэдээннэрин саралыыр кэмҥэ, ити тиэмэҕэ ордук киэҥ ыстатыйалары таһаартыы аҕай сылдьар “Огонек”  сурунаалга Семен Липкин Фрунзе куоракка Өктөөп бырааһынньыгар Максим Аммосовпытын “Да здравствует фашизм!” диэбитин курдук  суруйдаҕа үһү. Биһиги сахабыт баар-суох бастыҥ дьонун “буржуазнай националистар” диэн  сөпкө тутуллан, ытыллыбыттарын курдук өйдөбүлү биэрэ сылдьыбыттарын, аны фашизмы өйөөччүгэ сыбаабыта эбээт. Ити 1990 сылларга диэри “буржуазнай национализҥа”, омугумсугуйууга сахалары буруйдуурга силис, кутурук, ураҕас, этиҥ-чаҕылхан буолбут   1920, 1930, 1950 сыллардааҕы докумуоннары кистиир архыыптары саҥа арыйыы буолбутугар үгүстэр сэрэхэдьийэн чугаһаабатахтара. Биһигини эдэр уолаттары онно үлэлээри гыныахпыттыттан: “Кэлин бэйэҕитин итини арыйбыккыт иһин хаайаайаллар”, -- диэн куттууллара. Мин Иван Николаевтыын биир бастакынан ити архыыпатары аһар дьылҕаламмыппыт. Баҕар сотору бобуохтара диэн өрүсүһэн, олору ырытыыга түүннэри-күннэри харыстаммакка, куттанары умнан үлэлээбиппит. Тугу барытын саҕалыыр ыарахан, итинник сэрэхтээх дьыаланы “уотунан оонньоһуҥҥа” кытта холууллара. Норуот бастыҥнара буруйа суохтарыгар сордоон, биографияларыгар “дьүкэттээх мэҥи” сыбаабыттарын,  онон  норуоттара оннук диир хара күлүгү түһэриилэрин, “ыраастыырга” сорук туруоруммуппут. Интеллигенция, ордук историктар, суруйааччылар биһигини өйөөн туох докумуоннар тугу арыйалларын ырытыһан уонна хаайыллан эттэринэн-хааннарынан эрэйи көрбүттэрдиин куоракка Пушкин аатынан библиотекаҕа, кинигэ дьиэтигэр, улуустары кэрийэн, бөһүөлэктэргэ көрсүһүүлэри оҥороллоро.

Ордук Егорович Алексеевтыын, Василий Семенович  Яковлев-Даланныын, Василий Егорович Васильев-Харысхаллыын, Михаил Спиридонович  Иванов -- Багдарыын Сүлбэлиин, Георгий  Иванович Борисовтыын, Иван Егорович Федосеев-- Досолуун, Дмитрий Васильевич Кустуровтыын уо.д.а.  ордук элбэхтик бииргэ сылдьыбыппыт. Кинилэргэ итинтэн санаалара бөҕөргөөн ити тиэмэҕэ күүскэ ылсыһыылара саҕаламмыта. (Хомойуох иһин, сорохтор, холобура  норуодунай суруйааччы Василий Сергеевич Соловьев --Болот Боотур бэйэтэ хаайыллан сордоммутун ситэ суруйбакка бараахтаабыттара).     Историяҕа дьиҥ туох буолбута көтүтүллүбүтүн - сотуллубутун чөлүгэр түһэрэргэ, токурутуллубуту - атыннык суруллубуту көннөрүүгэ тугу оҥоруохтаахпытын быһаарарбыт.

Уус Алдаҥҥа уонна Намҥа А.Жирковтыын бииргэ үөрэммит, кэлин историческай наука кандидата, этнограф–чинчийээччилиин  бэркэ тапсан сылдьыбыттаахпын.

Мин кинини:

Платон Алексеевич Слепцов, но НеОйунский, – диэн ити улуу киһибит курдук ааттааҕын иһин дьээбэлээн билиһиннэрэрим.

Иккиэ эрэ буолан, хоско бииргэ хонор, кэккэлэһэ олорор-турар түгэннэрбитигэр Былатыан манныгы тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ:

–Эһиги, уус алданнар, сүрдээх дьоҥҥут. Сэһэн Ардьакыап,  Күлүмнүүр. 1979 с. саха устудьуоннарын саанан ытыалаабыттарыттан көмүскэһиигэ, онтон сылтаан шовинистическай  атаҕастабылы утары аахсыыга онно баар дьонтон саамай хорсуннарынан, чулуу уолаттаргыт Александр Жирков уонна Афанасий Мигалкин сөхтөрбүттэрэ, – диэбитэ. Кини бэрт буола сатаабат, кырдьыксыт киһи баарынан этэрин сиһилии кэпсиирэ-суруйара. Ол уорган дьоно хаһан баҕарар ыгыахтарын сөбүн истибэтэхпин истэн, куйахам күүрбүтэ. Итини “Эдэр коммунист” хаһыакка бииргэ үлэлээбит коллегам, Александр Жирковтуун ол айдаан саҕана уопсайга биир хоско олорбут доҕотторо Афанасий Григорьев – Чой, комсомол деятелэ, Сунтаар сытыы уола Александр Евсеев эмиэ бигэргэтэллэрэ. Бүгүн ол туһунан Платон Слепцов ахтыытын мантан аллара бэчээттиэм. Бу сурукка түспүт докумуон редакцияланан кылгатыллан: “Эн, миигин умнумаар дуу, Сэргэлээх” хомуурунньук  (сүрүннээччи Варвара Борисовна Окорокова) иккис кинигэтигэр баар.

Дубинкалаах  70 саллааты утары соҕотох уол

“Бу орто дойдуга, – диэн суругун саҕалаабыт П.А.Слепцов. –Эн-мин дэһэр, олох хайа баҕарар очурдарын өйөһөн-өйдөһөн туоруур, ыксаллаах кэмҥэр өй-санаа уһатар дьиҥнээх доҕордоох буоллаххына – ол Эн дьолуҥ. Бүгүн мин доҕорум А.Н.Жирков туһунан кэпсиибин. Кинилиин СГУ-га биир кэмҥэ үөрэммиппит. Александр факультекка эрэ буолбакка, университет үрдүнэн биллэр чаҕылхай студент этэ: үөрэх туйгуна, спортсмен, аатырбыт “Аргыс” тутар этэрээт хамандыыра. Билигин А.Н. Жирков саха омук тарбахха баттанар политига, республика биир биллэр-көстөр салайааччыта буола үүннэ.

Доҕорум хорсуна, чиэһинэйэ, көнө сүрүннээҕэ 1979 с. бэс ыйын 11 к. Дьокуускайга буолбут студеннар долгуйууларыгар арылхайдык көстүбүтэ. Оччолорго Дьокуускайга олохтоох омук ахсаана лаппа аҕыйах этэ. Киинтэн элбэх киһи үлэлии кэлэрэ, кинилэр олохтоох дьоннооҕор дьиэлэрэ-уоттара, хамнастара таһыччы үчүгэйэ. Кэлии дьонтон ис культурата намыһах өттө олохтоохтору үөһэттэн көрөрө баар суол этэ. Итинник тэҥэ суох көстүүнү ордук сытыытык эдэр, студент ыччат сөбүлээбэт этэ.

Долгуйуу, арыгы испит дьон студеннары кытта атааннаһыыларыттан саҕаламмыта. Киэһэ 11 ч. саҕана таһырдьа саа тыаһа хабылла түспүтэ, онтон иккиһин, үсүһүн... көрбүппүт: уопсайдар иннилэригэр хас да нуучча киһитэ, саанан студеннар диэки ыталлара, түннүктэри кыҥыыллара… Сэргэлээх оргуйа түспүтэ. Саба сүүрэн киирэн, саалаах дьон саспыт дьиэлэрин төгүрүйбүппүт. Сэнэнэр, атаҕастанар курдук санаммыт студент ыччат өрө турбута, тууйуллубут санаатын таһаарбыта сүрдээх этэ. Айдааны тохтотууга милииссийэ үлэһиттэрэ профессиональнай өттүнэн мөлтөхтөрүн көрдөрбүттэрэ. Баһаарынай массыыналары ыҥырбыттара. Олор кэлэн студеннары кирдээх уунан саба ыстарбыттара  айдааны өссө  сэтэрэппитэ.

Онтон эмискэ Залог аппатын туоруур муостаҕа сабыылаах икки ГАЗ-66 кэлэн тохтообута. Массыыналартан кааскалаах, щиттээх, дубинкалаах 60-ча саллаат ойон түһэн, уулуссаны сэлэлии стройдаан кэчигирээбиттэрэ. “Вперед!”, – диэн хамаанда дуорайбыта. Саллааттар дубинкаларын өрө тутан, “ураа” хаһыытыы-хаһыытыы студеннарга саба сырсан киирбиттэрэ. Соһуччута бэрт буолан (ону эрэ күүппэтэх дьон буоллахпыт!) уоллуун-кыыстыын Сэргэлээхпитигэр куоппуппут. Кэннибитигэр оччолорго киинэҕэ эрэ көрөр дубинкалаах саллааттарбыт боккуоптаах саппыкыларын ньиргиэрэ – дьулаан этэ.

Бу ынырык түгэҥҥэ “Саллааттары тохтотуоҕуҥ!”, – диэн хаһыы дуораһыйбыта. Ити хаһыытаабыт сырдык футболкалаах, курбуу курдук үрдүк уҥуохтаах уол тула аҕыйах студент үмүөрүһэ түспүттэрэ. Ол гынан баран, халҕаһалыы анньан иһэр саллааттартан чаҕыйан ыһыллан барбыттара. Онуоха сырдык футболкалаах уол: “Тохтооҥ!”, – диэн хаһыытаабытынан саба сүүрэн иһэр строй утары соҕотоҕун барбыта... Саллааттар уолу дубинканан түҥнэри охсон баран, өрүсүһэн саппыкынан тэбиэлээбиттэрэ... Бүтүн Сэргэлээхтэн 60-ча саллааты утары соҕотоҕун барбыт уол – биһиги факультеппыт III куурсун студена Александр Жирков этэ. Билигин даҕаны биһиги көлүөнэ студеннар уйулҕаларыгар умнубаттык хатаммыт ол түгэни өйдөөн-санаан кэллим эрэ: кулгаахпар уолуйбут кыргыттар часкыһыылара, онтон харахпар саллааттар стройдарын утары соҕотоҕун киирэн дубинканан үлтү сынньыллан охтон эрэр сырдык футболкалаах уол көстөн кэлэр...”

Бааһырбыт бассабыыктыы

“Студеннар Сэргэлээххэ куотан тиийэн баран, төттөрү хомуллан тахсан, кыайан куоппатах уолу-кыыһы кырбыы сылдьар саллааттары төттөрү үүрбүттэрэ, саллааттар хамандыырдара – майору, хас да саллааты “билиэн” туппуттара, элбэх дубинка, кааска былдьаммыта.  Айдаан сарсыарда 4 ч. саҕана түмүктэммитэ. Биһиги 14-с уопсайбытыгар үгүс устудьуон Александр Жирков олорор 77-с хоһугар түмсүбүппүт. Кини бэйэтэ  улаханнык эмсэҕэлээбит этэ да: “Халымырдык эчэйбит оҕолору балыыһаҕа ыытымаҥ, тутуталыахтара”, – диэн кытаанахтык сэрэппитэ. Сотору 13-с куорпустан медфак кыргыттара кэлэн хостору кэрийэн, маҥнайгы көмөнү  оҥорбуттара”. Ити хаан-сиин буолан сылдьан бааһырбыт бассабыыктыы дьаһайса, сөптөөх суолу ыйа сылдьар.

Ыллыктаах тылынан

“Сарсыныгар ыгыы-түүрүү, силиэстийэ кытаанаҕа саҕаламмыта. КГБ, МВД, прокуратура үлэһиттэрэ университекка, Сэргэлээххэ түүннэри-күнүстэри сыбыытаабыттара. Сэргэлээххэ 14-с корпуска студеннары мунньахха диэн муспуттара. Ким айдааҥҥа кыттыбытын  эридьиэстээһин буолбута. Бииргэ үөрэнэр оҕолорун уган биэрии, “кутуйах иинин кэҥэтии” – барыта баара. Студеннар ортолоругар уолуһуйуу буолбута. Преподавателлэрбит барахсаттар санаалара  биһиги диэки этэ да, уорганнар суостаах көрүүлэрин ортотугар кэри-куру туттан олорбуттара.

Бу тыҥааһыннаах түгэҥҥэ төбөтө бэрэбээскилээх (наадыйар дьоҥҥо – айдааҥҥа кыттыбыта көстө сылдьар) Александр Жирков бастакынан инники тахсан айдаан төрүөтүн туһунан уоттаах-төлөннөөх тыллары эппитэ. Түмүгэр кини: “Буруйдаахтары көрдөөмөҥ, Сэргэлээх түннүктэрин анныгар кэлэн студеннары саанан ытыалыылларын көрө-көрө кыһамматаҕа буолбут киһи баар буоллаҕына – ол бүтэһик ньэгэй (последний подлец) эрэ буолуон сөп”, – диэбитэ. Мунньаҕы тэрийээччилэр студеннары ыгар туһата суоҕун дьэ өйдөөбүттэрэ, уохтара харыы түспүтэ. Арыый өйдөһөр кэпсэтии дьэ саҕаламмыта.

Александр бу этиитэ туох да саарбаҕа суох гражданскай хорсун быһыы этэ! Маннык тыллар иһин кырата үөрэхтэн уһуллуохха сөптөөҕө, былаас сөбүлээбэт дьонун хабырдык тутар кэмэ этэ.

...Бу кэмтэн ыла мин уол оҕо уйана-хатана биллэр, кыһарҕаннаах түгэнигэр саха буоларын умнубатах, норуотун үтүө аатын хорсуннук турууласпыт А.Н. Жирков аатынан киэн туттабын уонна  кини курдук  доҕордоохпор дьылҕабар махтанабын”.

Олоҥхо аан дойдутааҕы ассоциациятын салайааччыта Александр Жирков хорсун быһыыларын кырдьык Ньургун Боотурга, шедевр буолбут эпоспыт атын да дьоруойдарыгар холоон көрөбүн...

РS: Бу 1979 сыллааҕы АЙМАЛҔАН ситэ кэпсэнэ илик. Ол туһунан туоһулар ахтыыларын “Киин куорат” хаһыакка өссө таһаарыахпыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...