15.01.2021 | 07:47

Олимпиец Иванов

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саадаҕын үстэ курданыыта

ССРС үтүөлээх маастара  Александр Иванов туһунан Саха сирин, атын омук да дьоно ааҕан, төһө сөхпүттэрэ буолуой? Кини бу күннэргэ үбүлүөйдээх 70 сааһын туолла. Мантан аллара уруккулары хатылаабакка, биллиилээх юрист, туспа көрүүлээх Игорь Николаев доҕорун ураты ахтыытыттан   норуокка оччо биллибэтэх түгэннэри билсиҥ.

***

Лоп курдук 70 сыл анараа өттүгэр Сунтаар сиригэр, номоххо киирбит дьикти кэрэ айылҕалаах Чуона үрэх кытылыгар турар, сахалар түөлбэлээн сүөһү-сылгы ииттэн, бултаан-балыктаан нус-хас олорор Туой-Хайа диэн бөһүөлэктэригэр, инникитин саха омугу аар-саарга аатырдыахтаах уол оҕо Аҥхаабыллар аҕаларын ууһугар, уһулуччулаах үлэһит, сорсуннаах булчут Чирээх Ньукулай дьиэ кэргэнигэр төрөөн, дьонун-сэргэтин үөрдүбүтэ. Уолларын Өлөксөөндүр – Өлөөскө диэн ааттаабыттара.

Саша олох кыра эрдэҕиттэн олус сытыы, мэник-тэник, түргэн, чыпчылҕан өйдөөх оҕо буолара биллэн барбыта. Кырдьаҕастар аҕатын туйаҕын хатарар уол төрөөбүт диэн сылыктыыллара үһү. Сахаларга «Киһи үтүөтэ саадаҕын үстэ курданар» диэн өс хоһооно бэрт былыргыттан баар. Ханнык баҕарар омукка, сахаларга эмиэ, киһи сурукка киирбит сирэй аатын таһынан кини сигилитин, атын дьонтон уратытын арыйан көрдөрөр  хос ааттааһын баар. Александр Иванов киһи киэнэ кылааннааҕа буолан таптал хос аата олоҕун оҥкулларыгар, ситиитигэр-хотуутугар сөп түбэһиннэрэн үс төгүл уларыйбыта.

Кыра сылдьан Саша мэнигэ, чаччылҕата бэрт буолан туох да атах таҥаһын тулуппат үһү. Онуоха ийэтэ ыксаан хаатыҥкатыгар холуоһаны хатыыс кутунан силимнээн кэтэрдэн кэбиспит. Туой-Хайа оҕолоро бөһүөлэктэригэр сыста турар хайа сирэйинэн ким хайыһарынан, ким салаасканан хатыыскалаан оонньоон дьоллонор идэлээхтэрэ. Арай Саша тоҥ холуоһалаах хаатыҥкатынан төһө эмэ үрдүк сыыртан охтубакка турбутунан сырылатан түһэр буола үөрэммит. Табаарыстара ону сөҕөн «Холуоһа Сааска» диэн аат иҥэрбиттэр. Дьэ, ити курдук бүдүрүйбэт сүһүөхтээх улуу тустуук буолар акылаата төрөөбүт Туой-Хайатын үрдүк сыырыгар охсуллубут, чочуллубут эбит.

Сашаны дьоҕурун таба көрөннөр Сунтаарга биллиилээх тустуук Анатолий Габышев спортивнай оскуолатыгар ылаллар. Онно уһулуччу талаан кэлбитэ тута биллибит, хайдах да харбаатахтарына мүлтүрүйэн таба туттарбат, сымса, олох охтубат, сымыыт курдук биир кэм эргичиҥнии-кулахачыҥныы сылдьар уратылааҕын таба көрөннөр уолаттар “Сымыыт Сааска” диэн ааттаабыттар. Ити аата кини тустуук быһыытынан борбуйун уйунар, бэйэтин тустуутун таба тайанар кэмигэр сөп түбэһэр, салгыы сайдарыгар олук уурар аат буолбут.

Тустуук быһыытынан ситэн-хотон Александр Иванов Иран курдук тустуу таҥаралаах, улуу тустууктардаах дойдуга тиийэн норуоттар икки ардыларынааҕы «Шах турнира» диэн аан дойду биир саамай улахан түһүлгэтигэр уһулуччулаах талаанын, искусство таһымыгар тиийбит үрдүк техникатын толору арыйан 7 утарсааччыларын барыларын кумалаан, Иран норуотун сөҕүүтүн-махтайыытын, сүгүрүйүүтүн ылбыта. Иранецтар киниэхэ Сир үрдүгэр тустууктарга иҥэриллэр аат Кылаан Чыпчаалын – Улуу Пехлеван диэн ааты иҥэрбиттэрэ. Дьэ, бу кини саадаҕын үһүс курданыыта этэ, ити аата кини Улуу тустууктар кэккэлэригэр киирбитин туоһута буолбута.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...