ОЛИМПИАДАЛАРГА КЫТТАБЫТ, БИЛИИБИТИН ХАҤАТАБЫТ
Оскуолаҕа үөрэнии саамай чаҕылхай түгэннэриттэн биир ураты миэстэни олимпиадалар ылаллар. 2020-2021 үөрэх дьылыгар ыытыллар олимпиадалар хайыы-үйэ хаһыс эмэ туурдарыгар тиийбиттэр. Оттон сорох-сорохтор алтынньы-ахсынньы ыйдарга буолан бүппүттэр. Ханнык олимпиадаларга онлайн кыттыахха сөбүй? Ол туһунан бүгүҥҥү нүөмэргэ сырдатабыт.
1-10 кылаас оҕолоругар туһалаах сайтар испииһэктэрэ:
“Учи.ру”
https://olympiads.uchi.ru - бу сайтка 1-11 кылаас үөрэнээччилэригэр аныгылыы интерактивнай күрэхтэһиилэр, онлайн олимпиадалар ыытыллаллар. Арассыыйаттан уонна тас дойдулартан сыл аайы 2 мөлүйүөнтэн тахса оскуола кыттар. Кыттыы босхо.
«Мир олимпиады”
https://mir-olimpiad.ru сүрүн соруга – Арассыыйа уонна СНГ дойдуларыгар олорор үөрэнээччилэргэ, устудьуоннарга уонна педагогтарга дистанционнай куонкурустары ыытыы. Кыайыылаахтар уонна призердар электроннай сертификаттарынан, дипломнарынан наҕараадаланаллар. Оттон олимпиаданы тэрийиигэ, ыытыыга көхтөөх педагогтар махтал суругу туталлар. 1-11 кылаас үөрэнээччилэригэр элбэх предмеккэ араас олимпиада ыытыллар.
«Клевер»
https://cleve.ru - манна дистанционнай олимпиадалар ыытыллаллар. 4-тэн 18- гар диэри саастаах оҕолорго аналлаах, улахан интэриниэт-балаһаакка. Элбэх умсугутуулаах сорудахтар: онлайн олимпиадалар, айар куонкурустар, чинчийэр үлэлэр бааллар эбит. Сайтка регистрация – босхо. Уопсайынан, интэриэһинэй сайт, киирэн көрөөрүҥ эрэ.
«Мега талант»
https://mega-talant.com - норуоттар икки ардыларынааҕы уонна аан дойдутааҕы олимпиадалар, куонкурустар, турнирдар ыытыллар балаһааккалара. ФГОС үөрэх бырагырааматыгар уонна ирдэбиллэригэр толору эппиэттиир сайт, сорудахтара өйдөнүмтүө. Киһи бэйэтин да тургутан көрөрүгэр үчүгэй эбит.
«Рыжий кот»
https://ginger-cat.ru - 1-4 кылаас оҕолоругар дистанционнай хабааннаах олимпиадалар ыытыллаллар. Үрдүкү кылаастарга эмиэ араас олимпиадалар бааллар. Ол эрээри, алын кылааска үөрэнэр төрөппүттэрдээх дьон бу сайт ыытар олимпиадаларын быдан сэргииллэр. Күннэринэн, ыйдарынан ханнык олимпиада хаһан ыытыллара барыта ыйыллан турар.
«МетаШкола”
https://metaschool.ru – олимпиаднай бырагыраамаҕа олоҕуран үлэлиир интэриниэт-куруһуоктар, вебинардар, интэриниэт-олимпиадалар, куонкурустар, саахымат турнира кытта ыытыллар эбит. Оҕо өйө-санаата, толкуйа, өйүн үлэлэтэригэр бэртээхэй.
Оскуоланы бүтэрээччилэргэ туһалаах олимпиадалар
СВОШ
Ахсынньы 1 күнүттэн үөрэнээччилэр Хотугулуу-Илиҥҥи олимпиадаларыгар (СВОШ) филология (нуучча тыла, литературата) салаатыгар уонна саахымат, дуобат дистанционнай тургутуутугар сайаапканы хомуйуу саҕаланна.
Филология олимпиадата, РФ Үөрэҕин министиэристибэтин испииһэгэр киирбитинэн сибээстээн, кыайыылаахтар уонна призердар үрдүк үөрэх кыһатыгар киирэллэригэр чэпчэтиилээх буолуохтарын сөп.
Кыттааччылар: оскуола 8-11 кылааһын үөрэнээччилэрэ.
Интеллектуальнай спорт көрүҥнэригэр кыттыы (дуобат, саахымат) ХИФУ тутар хамыыһыйатыгар абитуриент тус ситиһиитин быһыытынан учуоттанар. Ол курдук кыайыылаахтар 8 баалы, призердар 5 баалы, түһүмэх кыттыылаахтара 2 баалы ылыахтара.
Кыттааччылар: 8-11 кылаас үөрэнээччилэрэ, урукку сыллар выпускниктара, орто үөрэх кыһатын устудьуоннара.
Сайаапканы https://fdop.s-vfu.ru/startoval-otborochnyj-etap-svosh-po-filologii-i-ivs/ биэриэххэ сөп.
Олимпиадаларга кыттарга регистрацияланар кыһалҕалар таҕыстахтарына, 89248602689 (Федоров Игорь Олегович) эбэтэр электроннай почтаҕа svosh.s-vfu@mail.ru суруйуҥ.
Олимпиадниктар санаалара:
Айгун Петров, И.М. Губкин аатынан РГУ ньиэп уонна гаас университетын 1-кы кууруһун устудьуона:
“Нефтегазовое дело” диэн идэҕэ үөрэнэ сылдьабын, билигин Москваҕа баарбын. Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей инженернэй кылааһын быйыл сайын ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитим. Сахабыт сирэ сиртэн хостонор баайа элбэҕинэн Арассыыйаҕа киэҥник биллэр уонна биир тутаах, кэскиллээх салаабыт буолар. Ол иһин ньиэп-гаас инженерин идэтин талбытым.
Үөрэххэ киирэргэ эбии баал эбиниэххитин баҕарар буоллаххытына, региональнай таһымнаах олимпиадаларга уонна Арассыыйа, норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэргэ бириистээх миэстэҕэ тиксиэххитин наада. Мин «Учись работать в Якутии!» XV Өрөспүүбүлүкэтээҕи предметнэй олимпиадаҕа https://minobrnauki.sakha.gov.ru/abiturientu1/abiturientuvo/olimpiada1 кыттыбытым. Бу СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтин иһинэн ыытыллар.
Уопсайынан, үөрэнээччи ханнык идэлээх киһи буоларын, туох эйгэтигэр үлэлиэхтээҕин кыра кылаастан билиэхтээх. Мин 4-5 кылаастан саҕалаан, куруук «Кенгуру», «British bulldog», «Русский медвежонок», «СВОШ», «ВСОШ», «ВООШ», «Турнир Ломоносова», “ТУСУР” уонна СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ ыытар тэрээһиннэригэр кыттарым. Оскуола үөрэнээччитэ олимпиадаҕа кыттара олус наада дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, үөрэнээччи билиитин сатаан туһанарыгар көмөлөһөр. Кыра да таһымнаах күрэхтэргэ кыттан, чиҥ билиини сайыннарыаххытын сөп. Улахан кылаас оҕолоро, ханнык үөрэххэ бараргытын чопчу быһаарынан олорон, университет ыытар олимпидаларыгар харса суох кыттан иһиҥ.
Кыра кылаастан олимпиадаҕа кыттыбыт оҕо үрдүкү кылааска тахсарыгар бириистээх миэстэҕэ тиксэр. Олимпиадник оҕо толкуйа, өйө-санаата, кыайыыга дьулуура бэлэм буолар эбит диэн түмүккэ кэллим.
10-11 кылааска олимпиадаҕа кыттыы ордук суолталаах. Тоҕо диэтэр, бу кэмнэргэ үөрэнээччи ханнык үрдүк үөрэх кыһатыгар барарын билэр. Урут кыттыбыт билиитин өссө хаҥатар.
Кыһамньылаахтык бэлэмнэннэххэ, бэйэ дьиссипилиинэтин сайыннардахха уонна туохха барытыгар үчүгэй санаалаах, ыраас толкуйдаах сырыттахха, киһи талбыт идэтин баһылыыр, сөбүлүүр үөрэҕэр холкутук киирэр кыахтаах.
Аматова Чолпонай, Амурдааҕы судаарыстыбаннай медицинскай академия 1-кы кууруһун устудьуона:
Мин Уус-Маайа орто оскуолатын бүтэрбитим. 2020 сыл тохсунньу- олунньу ыйдарыгар химия, биология предметтэригэр Бүтүн Арассыыйатааҕы регионнааҕы түһүмэҕэр кыттыбытым. 11 кылааска булгуччулаах эксээмэннэри таһынан химияны, биологияны туттарыам диэн быһаарыммытым. БКЭ үс предмет түмүгүнэн 215 баал буолбута. Бастаан наһаа сатарыйбытым, ол гынан баран, билигин итиччэ баал үөрэххэ киирэргэ сөп буолар эбит диэн этиэхпин сөп.
Туттарсар кэммитигэр абитуриеннар ситиһиилэрин учуоттаабыттара, мин олимпиадник буоламмын, эбии 5 баалы суруммутум. Бүддьүөт миэстэтигэр киирэргэ 220 баалынан кыһалҕата суох киириэххэ сөп эбит. Үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ 270-тан намыһах баалы ылар кыаллыбат дии саныыллар. Маннык улахан «планкалар” киин үөрэх кыһаларыгар ыйанан тураллар. Арассыыйа киэҥ, куората элбэх, ханна баҕарар киирэн үөрэниэххэ сөп.
Олимпиада, чахчы, БКЭ форматыттан уратылаах. Хас биирдии түһүмэххэ олохтоохтук бэлэмнэниэххэ наада. Икки эбэтэр үс күн иһигэр буолбакка, сыл устатыгар дьаныһыахха наада. Ханнык баҕарар бэлэмнэнии – улахан үлэ.
Региональнай олимпиадаҕа мин 11 эрэ кылааска сылдьан киирбитим. Арыый кыра кылааска сылдьан дьарыктаммытым буоллар, сыыһатын- халтытын билиэм турдаҕа, билбэт түһүмэхтэрбин тардыныам эбитэ буолуо. Тоҕо диэтэххэ, оскуола билиитэ ситэтэ суох, улахан үлэ барыан наада. Элбэх кинигэни ааҕыахха, хасыһа үөрэниэххэ наада диэн өйдөбүллээхпин.
Региональнай түһүмэххэ кыттыбыт оҕолор уонна бириистээх миэстэҕэ тиксибиттэр билиилэрин сүгэһэрэ ыарахан этэ, ону ааһан уопуттара быдан элбэҕэ.