Ольга Балабкина: Дьокуускайга «Спутник V» вакцина эрэ хаалла
Дьокуускай куоракка билиҥҥи туругунан «Спутник V» («Гам-КОВИД-Вак») эрэ вакцина хаалбытын туһунан бүгүҥҥү брифиҥҥэ өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штаб салайааччытын солбуйааччы Ольга Балабкина эттэ.
Бу иннинэ кэлбит «ЭпиВакКорона» и «КовиВак» вакциналар бары туттуллан бүппүттэр. «ЭпиВакКорона» сороҕо улуустарга ыытыллыбыт.
«Вакцина сотору кэлэрин күүтэбит», - диир Ольга Балабкина.
Маны таһынан, суһал штаб салайааччытын солбуйааччы оҕо күүтэр эбэтэр оҕо эмтэрэр ийэлэрдээх дьон коронавируһу утары быһыыны ылаллара наадалааҕын санатта. Кини эппитинэн, Дьокуускайдааҕы клиническэй балыыһаҕа эпидемиологическай быһыы-майгы мөлтөөбүт сириттэн – Бүлүү улууһуттан оҕо күүтэр ийэ киирбит.
«Доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрэ поликлиникаларга сыһыарыллыбыт уонна диспансернай учуокка турар, ол иһигэр оҕо күүтэр уонна оҕо эмтэрэр ийэлэри тулалыыр дьону кэтээн көрөр уонна бэрэбиэркэлиир», - диэн эттэ Ольга Балабкина.
Санатан эттэххэ, бэс ыйын 4 күнүнээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ коронавируһу утары барыта 202 409 дуоза вакцина кэлбит. Онтон 86,6% туттуллубут.