Олег Кошевой уулуссатыгар аспаал хайдыбытын оҥоруохтара
Сэтинньи 24 күнүгэр социальнай ситимнэргэ Улахан Мархаҕа Олег Кошевой уулуссатыгар быйыл ууруллубут аспаал хайдыбыт хаартыската тарҕаммыт. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
"Главстрой" МХТ салайааччыта Алексей Варламов олохтоохторго махталын тириэртэ уонна аспаал чөлүгэр түһэриллиэ диэтэ. "Бастатан туран, оҥоһуллубут өрөмүөн хаачыстыбатын иһин долгуйар, кыһаллар гражданнарга махтанабын. Быйыл "Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар" национальнай бырайыак чэрчитинэн Дьокуускайга 60 км суол тутулунна уонна үлэҕэ киирдэ. Суол бары үлэлэригэр мэктиэ болдьох баар. Үөһээ дьапталҕаҕа – 4-5 сыл, алларааҥыга – 5 сыл, суол таҥаһын төрүтүгэр – 6 сыл, сир болотунатыгар – 8 сыл. Олег Кошевой уулуссатыгар сыһыаннаан эттэххэ, хайа барыы кыраадыс уларыйыытыттан тутулуктаах, "температурный шов" диэн ааттанар. Бэдэрээччик ДРСУ "Сэттэ" ХЭТ мэктиэлэммит эбэһээтилистибэнэн 2022 сылга, халлаан сылыйдаҕына, итэҕэстэри туоратыаҕа", – диэтэ Алексей Варламов.