Окружной шоссе суола арылынна
Бүгүн, сэтинньи 17 күнүгэр, Ил Дархан Айсен Николаев уонна Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев, суруналыыстар кыттыылаах киин куорат окружной шоссетын суолун хапытаалынай өрөмүөн кэннэ үөрүүлээхтик арыйдылар.
“Үгүс сыллар тухары биһиги Окружной шоссе суола кэҥиирин, тупсарын күүттүбүт. Саҥа оҥоһуллубут эбийиэк тустаах ирдэбилгэ барытыгар эппиэттиир. Инфраструктура, таһым өттүнэн сүрдээх хаачыстыбалаах суоллартан биир бастакы буолар”, - диэтэ Айсен Николаев.
Ил Дархан тупсаҕай уонна хаачыстыбалаах суолу оҥоруу – өрөспүүбүлүкэ биир сүрүн тосхоло буоларын бэлиэтээтэ. “Бу хайысхаҕа үлэ салгыы барыаҕа. Окружной шоссе үлэҕэ киириэҕиттэн, куораппыт киин уулуссаларынан улахан кыамталаах массыыналар айанныыллара намтыа, кыһалҕа да аччыа. Биллэн турар, куораппыт суолларын ноҕоруускалара биллэрдик аччыыра күүтүллэр», - диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев.
Дьокуускай куорат мэрэ Евгения Григорьев этэринэн, 4,2 км уһуннаах суол түөрт ыллыктаммыт, айан суолун кэтитэ 16,7- тэн 23,51 м. тиийэ. Суол оҥоһуутун кытта тэҥҥэ тротуардары уонна билисипиэт айан суолун тэҥҥэ оҥорбуттар.
Евгений Григорьев суруналыыстары кытта көрсүһүү кэмигэр Жорницкай уулуссатыттан Бүлүүлүүр суолга диэри саҥа асфальтобетон бүрүөһүнэ ууруллубутун, бөҕөргөппүттэрин, велодорожкалар оҥоһуллубуттарын чуолкайдаата. “Суол хаачыстыбалаахтык оҥоһуллубут. Билигин быйылгы кыстыгы хайдах ааһарын кэтээн көрүөхпүт. Итэҕэстэр баар буоллахтарына, мэктиэлээх эбэһээтэлистибэлэри толоруу чэрчитинэн туоратыллыахтара”, - диэн бэлиэтээтэ Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев.