27.07.2022 | 14:15

ОККО КИИРДИБИТ

Сахалар үгэстэринэн, от ыйын 13 күнүн кэннэ, «Абааһылар мунньахтарын» кэнниттэн, окко киириллэр. Бастаан хотуур суолун хаалларан, кыратык суол таһааран охсо түһэн баран тохтонуллар. Күүстээх от үлэтэ нөҥүө күнүгэр саҕаланар
ОККО КИИРДИБИТ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сахабыт сирин араас улуустарыгар от үлэтэ туһунан уратылардаах. Холобур киин уонна арҕаа улуустар сайыннарыгар үксүн кураан сатыылыыр уонна оттуур сыһыылара, ходуһалара кураанах хонуу сир буолан үлэлииргэ судургу соҕус. Оттон хоту уонна уһук соҕуруу улуустарга сайын устата элбэхтик ардыыр буолан оттооһун эмиэ уратылардаах. Хоту улуустарга ходуһалара үксэ муох, көппөх буолар, онон отторо да борууттан саҕалаан атын инчэҕэй сиргэ үүнэр от бииһин ууһа буолар.

Мелиоратор идэлээх Анатолий Егорович Петров – Уу Туолата өр сыллаах кэтээн көрүүлэригэр олоҕуран, наука ситиһиилэригэр тирэҕирэн оҥорбут «Отчукка сүбэлэр» диэн кинигэтэ «Бичиккэ» тахсыбыта. Манна кини ордук уулаах сирдэргэ оттуур араас албастары, сүбэлэри киллэрбит, онтуларын өссө уруһуйунан сиһилии быһаарбыт. Онон тыа сирин отчуттарыгар дьоһун бэлэх буолар кинигэ. Онтон кылгастык быһа тардан таһаарабыт:

Оту охсуу – ардахтаах да күҥҥэ тохтообот үлэ. Арай дохсун ардахха эрэ оту охсубаккын. Күүстээх ардаҕы аһардан, көһүтэ түһүллэр. «Ардах баһыгар», ол аата тохтоон эрдэҕинэ, күүскэ охсуллар. Уһун сиппэрэҥ, ибир ардахха эрэ салгыы охсоҕун. Илийбит күөх от охсорго сымныыр, онон үлэтэ чэпчиир. Хотууру туора тутан, элбэхтик быстаран, кураанах хадьымалга тэлгэтэн охсорго кыһаллаҕын. Оччоҕо ардах уута курдаттыы ааһан, охсуллубут от түргэнник куурар. Оттон субуулуу хомуйтаран оҕустахха, түгэҕэр уу мустар, от ситэ куурбат. Онон оту хайдах охсортон ардахха оттуур улахан тутулуктаах.

Оту мунньуу – ардах аһынна да, быстах кураан күнү туһанан, оту сараҕыта сатыыгын. Салгыҥҥа өрө ыһан, илийбит оту сахсаҥнатан, мунньаҕын. Хойуу оту, субуулуу охсууну ардах кэннэ ыһан тарҕаттахха, от уутун тэбээтэххэ эрэ ситэри куурар. Инчэҕэй оту кыраабыл төбөтүнэн, чомойунан тарҕатан, чөмөх оту эргитэн биэрэҕин. Ол-бу оҥоһуктарга ууран куурдаллар. Сараҕыйда да салгыы мунньан, утары бугуллуугун. Кураанныы туран, эмискэ күүскэ ардаатаҕына, оту кэбиһии, бугуллааһын үлэтэ күүһүрэр. Отун быыһаары, былдьаһыктаах кэмҥэ дьон туттуммахтаан хаалар. Кыра бугулу, лэкээни эбэн бөдөҥөтүллэр. Ардах уута хоппотун курдук, от үрдүн, бугул төбөтүн төруору гына оҥоһуллар. Бугул уонна кэбиһиилээх от тэллэхтэрин кыраабылынан кумуччу тардыллар. Ходуһаҕа ыһыллыбыт оту тутатына хомуйуллар.

Бугуллааһын. Араас албаһынан араҥастаан сараҕыйбыт оту ардах түһүөн иннинэ бугулланар. Хаппытын көрө сылдьан утары бугуллуур сөп. Ситэ куура илик, инэчэҕэй соҕус оттон кыра лэкээлэри оӨоһуллар уонна от тас өттүгэр, эбэтэр бугул үөһэ, баттаабакка эрэ ууруллар. Ардах аһынна, күн көрдө да, тыал түстэҕинэ сахсаҥнатан, уһун оту бүк анньан, субурҕаны тиэрэ быраҕыллар. Тас уутун сахсыйан, сараҕыйбытын эрэ кэннэ утары бугулланар. Сиргэ сыста сытар лэкээ, бугул аллараа өттө,  түгэҕэ, үксүн ардахха, сииккэ сытыйар, түүнүгүрэр. Оннук лэкээлэри, кыра бугуллары ардах быыһыгар, үрдүлэрэ куурда да, тиэрэ ууруллар. Сараҕыйда даҕаны, сороҕор 1-2 чааһынан, хас да лэкээни үрүт-үрдүгэр чөкөччү холбуу ууран, баттаан, бөдөҥ гына бугулланар. Сууллубатын, түөллүбэтин диэн чороохтуур ордук.

Һчэһэ маһы (чорооҕу), үөрбэни туһаныы. Бугул хас да хонон дьиппинийбитин кэннэ, чорооҕун ылан атын бугулга салгыы туттаҕын. Онон эбии чороох оҥоһуллубат. Оттон үчэһэ (чороох) онно (хайаҕаһа) бугултан сылыйбыт салгын сиигэ тахсар кыра «ураа» буолан туһалыыр. Онон чороох сииктээх оту куурдарга суолтата улахан. Чорооҕу оҥоруу уустук буолбатах. Омурҕаҥҥа соҕотох оҕонньор уонунан чорооҕу оҥорор кыахтаах.

Сытыйбыт, түүнүгүрбүт оту туспа арааран, ыһан куурдар туһалаах, бугул ортотугар угуллуо суохтаах. Арай бугул төбөтүгэр «липпэрбитин» ситэри куурдаары ууруохха сөп. Судургутук эттэххэ, лэкээ түгэҕэ үөһэ түбэһэрин курдук эргитэн, эбэн бугулланар. Бугул чиҥээбит, липпэрбит түгэҕэ, түскэ түбэһэн, кэлэр ардаҕы иһирдьэ аһардыбат бүрүө, хахха буоларыныы ууруллар. Оту кэбиһэргэ буортуйбут, «лааҕырбыт» оту, төһө кыалларынан, ортотугар бырахпакка, «хааска» (кытыыга) салгын охсор, от тас өттүгэр ууруллар. Онон от салгыы буортуйарын тохтотуллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....