ОДьКХ үлэһиттэрэ экологическэй аахсыйаҕа кытыннылар
Бэс ыйын 5 күнүгэр, Аан дойдутааҕы тулалыыр эйгэ күнүн чэрчитинэн, Саха сиринээҕи ОДьКХ уонна энергетика эйгэтин 500-чэ үлэһитэ «Марафон зеленых дел» аахсыйаҕа кытынна. Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатыгар уонна энергетикаҕа министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын уонна энергетика эйгэтин үлэһиттэрэ «Марафон зеленых дел» Бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйаҕа кыттан күргүөмүнэн субуотунньукка таҕыстылар.
Кыраабылынан, лаппаахынан уонна миинньигинэн сэбилэнэн, тэрилтэ кэлэктииптэрэ Дьокуускайдааҕы ГРЭС-2 территориятын, итиэннэ ТЭЦ таһынааҕы күөл кытыытын бөҕүн-саҕын ыраастаатылар. Бу күн субуотунньукка 14 тэрилтэттэн уонна биэдэмистибэттэн 500-чэ үлэһит таҕыста. Манна даҕатан эттэххэ, үгүс дьон дьиэ кэргэттэрин, оҕолорун илдьэ кэлбиттэрэ кэрэхсэбиллээх.
Аахсыйа чэрчитинэн ыытыллыбыт субуотунньукка «СӨ ОДьКХ» СУТ, «Якутскэнерго» ПАУо уонна структурнай салаалара, «Водоканал» АУо, «Сахаэнерго» АУо, «Теплоэнергосервис» АУо, «Теплоэнергия» АУо, «Агентство субсидий» СӨ СХТ, «Фонд капитального ремонта многоквартирных домов РС (Я)», «Центр развития ЖКХ и повышения энергоэффективности», РАОС, Якутскэнергосбыт, итиэннэ Киин уонна Илиҥҥи зоналар регионнааҕы оператордара – «ЯКУТСКЭКОСЕТИ» ХЭТ кытыннылар.
Субуотунньукка Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын уонна энергетика миниистирэ Вячеслав Емельянов кытынна. Биэдэмистибэ баһылыга бэлиэтээбитинэн, субуотунньуктар айылҕаны, экологияны ыраас туруктаах тутарга дьону сомоҕолуур үтүө үгэһинэн буолаллар.
«Экологиябытын харыстыыр уонна олорор куораппытын ыраас тутар туһунан этэр буоллахха, бастаан бэйэбититтэн саҕалыырбыт ирдэнэр. Кыра сааспытыттан бэйэбитигэр айылҕаҕа, тулалыыр эйгэҕэ ыраастык сыһыаннаһыыны иитиэхтээхпит. Ити култуура дьиэ кэргэҥҥэ, оскуолаҕа, үлэҕэ иҥэриллиэхтээх, оччоҕо ыраас буолуу күннээҕи олохпут бигэ туругунан буолуоҕа, тулалыыр эйгэбит ырааһыра түһүөҕэ», - диэн бэлиэтээтэ Олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын уонна энергетика миниистирэ Вячеслав Емельянов.
Итини сэргэ «Марафон зеленых дел» аахсыйа чэрчитинэн субуотунньук кыттыылаахтара «вторсырьены» (пластиковай хаппахтары уонна батарейкалары) арааран хомуйдулар. Хомуллубут «вторсырье» барыта переработкаҕа барар.
Субуотунньукка барыта икки мусоровоз массыына 40-ча куб бөҕүнэн толорулунна. Хомуллубут бөҕү Киин зона регионнааҕы оператора «ЯКУТСКЭКОСЕТИ» ХЭТ тиэйдэ.