04.08.2022 | 12:00

Оҕурсу — өлбөт мэҥэ уута

Оҕурсу — өлбөт мэҥэ уута
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

"Оҕурсу" диэн тыл грек омук тылыттан "сииктээх оҕуруот аһа" диэн тылбаастанар. Кини 96 бырыһыана ууттан турар. Маны билэр дьон "көннөрү уу буолбатах, өлбөт мэҥэ уута" дииллэр эбит. Бу уу састаабыгар калий, кальций, магний, дьуот, фосфор, натрий, тимир о.д.а. элеменнэр бааллар. Оҕурсу элбэх калийдаах буолан, хаан баттааһынын нуорматыгар түһэрэр. Маны таһынан оҕурсуга В бөлөхтөн С, А, РР битэмииннэр бааллар.
 Оҕурсуну медицинэҕэ былыргыттан туһаналлар. Сүрэхтэрэ, бүөрдэрэ, тымырдара ыалдьар дьоҥҥо бу эмтээх ас олус туһалааҕын бэлиэтииллэр. Оҕурсу сүмэһинэ сэллик ыарыытын сымнатар, ньиэрбэни уоскутар, сүһүрүүнү утарсар бэртээхэй эмп быһыытынан норуокка биллэр. Ол эрээри куртах бааһа, синньигэс оһоҕос төрдө, ноор, колит курдук ыарыылар бэргиир кэмнэригэр оҕурсуну сиири тохтоторго сүбэлииллэр. Элбэх калийдаах буолан, кислотнай холбоһуктары суох оҥорор, организмҥа улаханнык туһалыыр.
Исписэлиистэр быһааралларынан, оҕурсу ас буһарыытын тупсарар, ириҥэрии, сытыйыы процеһын тохтотор. Сибиэһэй оҕурсуну тиһигин быспакка сиир киһи щитовиднай быччархай ыарыытыгар ылларбат. Сүрэх үлэтэ кэһиллиитигэр уонна уойууну утары сииргэ эмиэ сүбэлииллэр. Сүмэһинэ бэртээхэй лосьон быһыытынан тириини көрүүгэ-истиигэ туһаныллар. Бу суогунан күн ахсын соттор киһи тириитэ сотору кэминэн сэргэхсийбитин бэлиэтии көрүөҕэ. Оҕурсу хаҕа сирэйи маҥхатар, ыраастыыр, сымнатар уонна эрдэ мырчыстыыттан харыстыыр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...