21.06.2022 | 11:58

Оһуокай күрэҕэр 3 кыайыылаах быһаарыллыаҕа

Оһуокай күрэҕэр 3 кыайыылаах быһаарыллыаҕа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэс ыйын 26 күнүнгэр 4-с нүөмэрдээх “Оһуокай” түһүлгэтигэр Туймаада Ыһыаҕын биир ураты көстүүлээх тэрээһинэ – оһуохайдьыттар күрэстэрин финала буолуоҕа.
Быйыл үбүлүөйдээх ыһыахха 3 бастыҥ оһуокайдьыты талыахтара. Кыайыылаахтахтарга “Бастыҥ этээччи” (Гран-при) аат уонна  «Саха Сирин Дархан этээччитэ» ытык аат иҥэриллиэҕэ. Номинациялар кыайыылаахтара сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланыахтара.

Күрэх бастакы түһүмэҕэр ким баҕалаах барыта кыттыан сөп. Бэс ыйын 25 күнүгэр баҕалаахтартан сүүмэрдиир хамыыһыйа финалистары талыаҕа. 
Иккис түһүмэх бэс ыйын 26 күнүгэр 10.00 чаастан 15.00 чааска диэри буолуоҕа. 
Куонкуруска кыттар усунуос – 500 солк. 
Кытааччылар эрдэттэн сайаапка толороллор: https://forms.gle/px9PjxqJMHeWpXFU8 толору ааттарын-суолларын, пааспардарын дааннайын, пропискаларын, ИНН уонна төлөпүөн нүөмэрин ыйаллар. 

Дьүүллүүр сүбэ кыттааччы маастарыстыбатын, оһуокай тылын-өһүн, ис хоһоонун, таҥаһын-сабын, толорор ньыматын сыаналыыр. Оһуокай төрүт үгэстэрин тутуһар болҕомтоҕо ылыллар. 

Оһуокай күрэҕин туһунан сиһилии уонна Ыһыах атын күөн күрэстэрин балаһыанньаларын cultura14.ru саайтка ааҕыҥ.
Ыһыахха көрсүөххэ диэри!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....