03.07.2022 | 20:00

"Оһуохай" түмсүү 35 сыла

Киин куорат пааркатыгар Ыһыах ыһылынна.
"Оһуохай" түмсүү 35 сыла
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн Култуура уонна сынньалаң пааркатыгар “Оһуохай” уопсастыбаннай түмсүү 35 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир тэрээһин буолан ааста. Түмсүүнү Александр Джурович Данилов сатабыллаахтык салайар.

 Намтан, Мэҥэ Хаҥаластан, Алдантан, Сунтаартан үгүс ыалдьыттар кэлбиттэр. Саамай улахан  дэлэгээссийэни Дархан этээччи Валентин Васильевич Хорунов салайан аҕалбыт. 

Туймаада ыһыаҕын кэмигэр ыытыллыбыт үбүлүөйдээх оһуохай күрэһин кыайыылаахтарыгар Марта Николаеваҕа, Василий Игнатьевка, Виталий Никифоровка Дархан этээччи бэлиэтин туттардылар. 

Оттон Дархан этээччилэр күрэстэригэр Семен Черноградскай кыайан, Аан Дархан этээччи ытык аатын ылла. 

Ыһыахха кэлбит дьон ис минин, кымыһы босхо амсайдылар. Бастыҥ оһуохайдьыттарга кынат буолан тэҥҥэ үҥкүүлэһэн, сэргэхсийэн, астынан тарҕастылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...