Оһуохай – саха омук түҥ былыргы култууратын сүдү көрүҥэ.
Бу ханнык да омукка суох норуот айар дьоҕурун уонна идэтин хас да көрүҥүн тута сылдьар норуот уус-уран айымньыта буолар.
Аныгылыы өйдөбүлүнэн эттэххэ, биһиги оһуохайбыт, бастатан туран, поэзия, иккиһинэн, ырыа, үсүһүнэн, үҥкүү курдук норуот айар дьоҕурун бииргэ түмпүт ураты көрүҥ.
Арассыыйа норуоттарын култуураларын үйэлээх баайын эбийиэгин – саха төрүт үҥкүүтүн оһуохайы харыстыыр уонна тарҕатар соруктаах сыалтан Оһуохай күнэ ыам ыйын 25 күнэ биллэриллибитэ, киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэнээри турар.
Дьэ, онон сибээстээн Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр ыам ыйын 23 күнүгэр 17.00 ч. Гостинай саалаҕа «Оһуохай Саха үгэс буолбут эйгэтэ Россия норуоттарын материальнайа суох култуурунай нэһилиэстибэтин 100 чыпчаалыттан биирдэстэрэ» семинарга, маастар-кылааска ыҥырабыт!
Сайаапкалары 8914-100-88-74 Любовь Шишигинаҕа ыытаҕыт, диэн иһитиннэрэр Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата.