25.03.2021 | 18:41

Оҕону сайыннарарга өйү эрчийии

Оҕону сайыннарарга өйү эрчийии
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Быйыл Ороһуоспа күнүгэр  университекка бииргэ үөрэммит кыыһым Марина Кычкина ыалдьыт-хоноһо буолан кэлэн үөрдүбүтэ. Икки кус кэһиилээх кэлэн, биһиги дьиэ кэргэн  бырааһынньыгын аһын ситэрбитэ. Ситим Кут диэн аатынан хоһоонун хомуурунньугун бэлэх туттаран, айар киһини кэрэхсэппитэ. Арыйталыыбын. Тыла хомоҕойо сүр. Тиэмэтэ киэҥ. Чэ, баҕар,  мас-от туһунан суруйдун, бу айылҕаны анаарыыта кэрэ аҥаардартан атын, булт, балык, хас кыылга-көтөргө анабыл хоһуйуулардаах. Туохтан төрүөттээҕий? Аҕата булчут эбит. Ийэтин эрдэ сүтэрбит оҕотун бииргэ илдьэ сылдьыбыта итини иэйэн таһаарбыт. 

 Үсүһүнэн, Марина кэргэнэ идэтинэн тустуу  тренерэ, учууталынан, нэһилиэк баһылыгынан, баһылык солбуйааччытынан үлэлии сылдьан оҕолору эрчийэрин тохтоппотох. Алексей Петрович бэйэтэ хаһыакка ыстатыйалары суруйбут. Онтукалара ис хоһоонноро миигин астыннарда. Тоҕо? Аныгы тренердэр итинник оҕону өйүн, духуобунаһын, култууратын сайыннарыыга оччо болҕомто уурбакка, наар хамнастаныы, албас көрдөрүүнэн муҥурданаллар. Онон ханна ыраатыаҥый? Дмитрий Петрович Коркин бэйэтэ улахан тустуук буолбатах эрээри, оҕо өйүн сайыннарыыга туспа ньымалара кини кыайыыларга таһаарыытыгар элбэх кынаты оҥорбута. Марина кэргэнин Кэбээйи улууһугар тустуу сайдыытыгар сэмэй кылаатын киллэрбитин туһунан ахтыы хомуйан кинигэ таһаарар санаалааҕын истэн биһирээтим. ССРС спордун  маастарыгар кандидат  Игнатьев Алексей Петрович суруйбут ыстатыйаларыгар олоҕуран, Кэбээйи улууһугар тустуу спорда хайдах сайдыбытын, көҕүлээччилэринэн кимнээх буолбуттарын ол киэһэ кэнниттэн кэҥэтэн салгыы сырдатарга анаан кэпсэттим.

Оттон оҥоһуллубут көбүөр оҕолоро

–Марина, кэргэниҥ Алексей Петрович тустуунан хаһааҥҥыттан дьарыктаммытай?

 –Ол туһунан биир дойдулааҕын Григорий Афанасьевич Иванов туһунан суруйбут ахтыытыгар баар. «Арай биир күн олохтоох радиоузелынан биллэрии биэрэллэр. «Бүгүҥҥүттэн ыла бөһүөлэк ыччаттарыгар уонна оскуола оҕолоругар көҥүл тустуу секцията үлэлиир. Сылдьыан баҕалаахтар иннэлээх, элбэх соҕус саптаах кулуупка мустуҥ». Кэлбиппит, кулууп таһыгар от тиэйиилээх ат турар. Киирдибит. Муостаҕа хара дьүһүннээх таҥас тэлгэммит. Ыччаттар ким олорон эрэ, ким аттыы сылдьан, били таҥаһы тигэ аҕай сылдьаллар. Тустууга үөрэтиэхтээх университет  устудьуоннара  СГУ сүүмэрдэммит хамаандатын спортсменнара  Григорий Иванов, Павел Соловьев били таҥаһы кырыйа сылдьан, биһигини көрөөт:

– Оо, оҕолорбут кэллилэр, Өлүөскэ ити убайдаргытын көрө-көрө хас да хос тикпитинэн барыҥ» - диэтилэр. Таҥаспыт «түүлээх түрүкү»   бөҕө баҕайы эрээри сымнаҕас, бары ыстаан тиктэрэн кэтэ сылдьар таҥаспыт буолан биэрдэ. Элбэхпит бэрт буолан, өр гымматыбыт, кулууп муостатын аҥаарын саҕа, сүүнэ «куулу»  тиктибит. Улахан уолаттар били сыарҕаҕа тиэллибит оту киллэрэн симтилэр. Тэбистэххэ күөгэҥнии сылдьар тэллэх буолла, “маат, маат” дэстилэр.

Дьэ, Алексей Игнатьев  тустууну итинник көрсүбүт.

–Кэргэниҥ олох суруналыыс эбит дии. Дьээбэлээх баҕайы этиилэри оҥортуура киһини сөхтөрөр. Онно дьарыктаммыт оҕолортон кимнээх тахсыбыттарай?

Итиннэ эмиэ Алексей суруйбутунан хоруйдуубун. «От мааттан» саҕаламмыт тустуу секцията тиһигин быспакка, күн бүгүҥҥэ диэри үлэлээн кэллэ. Куокуй нэһилиэгиттэн Сергей Полятинскай, Алексей Игнатьев, Петр Суздалов, Дмитрий Еремеев, Александр, Юрий Винокуровтар, Терентий Соловьев ССРС спордун маастарыгар көҥүл тустууга кандидаттар, тахсыбыттара.

Оччолорго Куокуй оскуолата түөрт эрэ кылаастааҕа, оҕолор үөһээ кылаастарга оройуон киинигэр киирэллэрэ, салгыы дьарыктаннахтара.

Акылаат силистэрэ – литкуруһуок уонна трико

Тыаттан киэҥ сиргэ тиийбит Өлүөскэ уол  маҥнай килбигийэн, тустуу секциятыгар киирбэтэх, хата, ол оннугар поэт Иван  Петров салайар литературнай куруһуогар дьарыктанар.

–Ээ, ол репрессиялана сылдьыбыт Иван Петрову билэбин. Кини туһунан, айымньыларын киллэрэн кинигэ оҥорбуттарын бэлэхтээбиттэрэ.

 –Ол-ол. Мин эмиэ киниэхэ үөрэммитим. Ол тилиннэриитэ бу хоһоонньут оҥордоҕо. Өлөксөйүм ол сырыттаҕына Дьокуускай куораттан баһыылка тирилээн кэлэр.

 «Почтаҕа тиийбиппитигэр  хортуон дьааһыгын биэрдилэр. Дьиэбитигэр аҕаллыбыт, арыйдыбыт. Икки паара боксёрскай перчатка тахсан кэллэ. Биириттэн от күөҕэ туох эрэ түстэ. Перчатка иһигэр өссө миэхэ анаммыт сурук баар. Григорий биһиги оскуолабытыгар ханнык спортивнай куруһуоктар үлэлииллэрин билэр- истэр эбит. Миигин хайаан да тустуу куруһуогар сылдьарбар сорудахтаабыт. Били от күөх өҥнөөх «маайка» Павел кэппит трикота буолла. Аны туран өрөспүүбүлүкэ  тустуугун трикотын кэтэ сылдьан, киһи аайыттан охторум дуол табыллыбат үһү. Төһө күүһүм кыайарынан убайым сорудаҕын толоро сатаабытым. Бэйэм кэммэр тустубут дьоммор сөптөөх «таһаҕас» буолбутум. Онон 57 онтон 64 кг  миигинниин тустубут уолаттар от күөх трикону бүгүн да өйдүүллэрэ буолуо.

Хабырылла Миитэрэйэп

–Урут Н.Тарскай бирииһигэр Приморскай зона диэҥҥэ Кэбээйи, Булуҥ, Өлөөн, Эдьигээн киирэллэрэ. Роман, Гаврил Дмитриевтэр бастаан көбүөргэ оройуоннарыттан атын уолаттары кытта холоһуулара онтон саҕаламмыта.

1969 - 1971 сылларга Алексей киэҥ Ньурба Чаппандатыгар комсомол сэкирэтээрдээбит. Онтон  дойдутугар  төннөн спорт сайдарыгар туруулаһан туран үлэлээбит. Оччолорго Кэбээйи уонна Эдьигээн оройуоннарын икки ардыларыгар үлэ  араас көрүҥнэригэр социалистическай күрэхтэһиилэр буолаллара, бу тэрээһиннэр спортивнай күрэхтэһиилээх этилэр. 1971 сыллаахха  сайын  делегация састаабыгар киирэн, Эдьигээҥҥэ бара сылдьан, Сэбиэскэй Сойуус икки төгүллээх чемпионун, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Гаврил Дмитриевы кытта көрсөн, ыччаты иитиигэ спорт оруолун туһунан киэҥ кэпсэтиини тэрийбиттэрин туһунан олус астынан ахтар буолара.

Олимпийскай чемпион  төрөөбүт күнэ

–Уйбаан, эн Ньургуһун күнэ биллэриллэрин туруорсаргын норуот өйүүр. Мин Өлөксөйүм Роман Дмитриев төрөөбүт күнэ саха норуотун бырааһынньыгынан биллэриллиэхтээх диирэ.

--Тыый, олус сөпкө этэр эбит. Саха норуотуттан аан дойду саамай улахан түһүлгэтигэр “кыһыл көмүһү” аҕалбыт күнэ эмиэ өрөгөй күнүнэн биллэриллэрэ буоллар. Хас сарсыарда аайы, ол күн  аан дойдуга эбэтэр ханна эрэ уонча туохха эрэ ананан биллэриллибитэ суруллар. Былахыга аналлаах күн кытта баар. Ол сөп. Күнтэн күн туох эрэ уратылаах буолуохтаах. Оттон ньургуһуну мин Саха сиригэр соҕуруу эрдэ, хоту хойут тылларынан бастакы сибэкки декадатынан биллэртэриэхпин баҕарабын. Айылҕаттан олус тэйдибит. Онон ол кэмҥэ субуотунньуктарга оҕолору илдьэ сылдьан, кэрэлиин алтыһыннарыахха. Бастакы саас тыллыыны көрүү хаһан да умнуллубат: мутукча, көй салгын сытынан, көстүүтүнэн, тыал тыаһынан. Муус устар (уста да илигинэ хамсыыр) модун күүһүнэн. Саастаахтар эдэрдэригэр хайдаҕын ахтар сэһэннэринэн. Ол көстүүлэргэ үөрбүт харахтары, ама, ким умнуой? Ордук оҕо бастакы көрүүтэ. Ол иһин сылга баара-суоҕа биэс хонук уоппускалаах  улуу дьоппуоннар Сакура күннэрин бырабыыталыстыбаҕа кытта өрөбүл биллэрэн соҕуруутуттан саҕалаан хоту уһуктарыгар тиийэ ити вишня сибэккитин батыһыннара туристическай сынньанар күннэри далааһыннаахтык ыытан эрдэхтэрэ. Ол аан дойду дьонун кытта угуйар. Ама ньургуһун өйдөбүлэ, тоҥ буортан тахсыыта саханы манныктар дэтиитэ хайдах сөхтөрүөн билбэппин. 

- Оннук ээ...

Баһылык эрчийиилэрэ салҕанар

--Салайар үлэтэ түбүгэ элбэх. Онтон быыс булунан баһылык бэйэтэ эрчийбитин ааҕан сөҕөбүн.

--Үлэлээбит сирдэригэр соло булан хайаан да оҕолору тустууга эрчийэрэ.

Кэбээйи улууһун Куокуй бөһүөлэгин солбуйааччытынан олоҕун бүтэһик сылларыгар үлэлии сылдьан, бокуой булан, хамнаһа суох оҕолору спортка дьарыктыыра. Үлэтин-хамнаһын үгэнигэр сылдьан, соһуччу олохтон туораабыта.

Кини иитиллээччилэриттэн  Кальвицаттан биэс уол:    Егор, Владик Гуляевтар, Кирилл, Евгений Алексеевтар, Серафим Гуляев  Саха Өрөспүүбүлүкэтин быыһыыр сулууспатыгар, Сиэгэн Күөлтэн, физкультура учууталларынан күн  бүгүҥҥэ диэри өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар үлэлии сылдьаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...