18.12.2019 | 13:14

ОҔОНУ САХАЛЫЫ САҤАРДАР ТУҺУГАР

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Вилюяна Никитина – “Ийэ тыл кэскилэ” уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта:

  • Кыра оҕолор билигин сахалыы саҥарбат буолан эрэллэрин бары билэ-көрө сылдьабыт. Сахалыы уһуйааҥҥа, саха оскуолатыгар да иитиллэр-үөрэнэр оҕолорбут сахалыы барбах эрэ кыбытан, үксүн нууччалыы саҥарар буоллулар. Бу интэриниэт ситимэ аһаҕас буолбутуттан, оҕолор ютубу көрөн саҥарар буолбуттарыттан итинник быһыы-майгы тахсар диэн дьон бэлиэтиир. Онон интэриниэт ситимҥэ сахалыы ис хоһоонноох контент элбиирэ ирдэнэр.

Бу көстүүнү сайдыыны кытта ситимниир сатаммат. Сайдыыга уопсастыба бэлэмэ суоҕун көрдөрөр диэххэ сөп. Интэриниэт ситимҥэ сыһыаммыт култууратын намыһаҕа сыттаҕа. Социальнай ситимнэргэ оҕолор эрэ буолбакка, улаханныын-кырдьаҕастыын бары умса түһэбит. Оттон саҥа саҥаран эрэр оҕо кэпсэтиэн, оонньуон, сайдыан баҕарар эбээт. Ону ийэлээх аҕа интэриниэккэ, соцситимнэргэ араас интэриэһинэйи көрүөхтэрин оҕо оонньоору гынан мэһэйдэһэр буоллаҕа дии, инньэ гынан оҕоҕо гаджеты төрөппүт бэйэтэ биэрэр. Өссө ыарахан сыаналааҕы ылан биэриэ. Бу дьикти дьэрэкээн ойуулаах гаджет кырачаан өйүн-санаатын хам ылан кэбиһэр. Аны улахан дьон эмиэ гаджеты тутан олордоҕуна, оҕо үтүктэрэ чуолкай. Дьэ онтон “оҕом сахалыы саҥарбат буолла” диэхпит. Гаджеты кытта кэпсэтэ сырыттаҕына, хайдах оҕо биһиги тылбытынан кэпсэтиэй?

         Онон оҕону сахалыы саҥардар туһугар төрөппүтү кытта үлэ күүскэ барыахтаах. Оттон төрөппүт ханна баарый, кинини ханна мунньуохха сөбүй? Биллэн туран, оскуолаҕа эбэтэр уһуйааҥҥа. “Ийэ тыл кэскилэ” хамсааһын үлэтин чэрчитинэн, оскуола уонна уһуйаан төрөппүттэрин сүбэлэрин түмэн, маннык үлэни ыытарга быһаарыммыта. Бастатан туран, сахалыы оскуолалартан уонна уһуйааннартан саҕалыахха диэн, ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат саха оскуолаларын төрөппүттэрин сүбэлэрин кытта мунньах буолла. Онно үлэ ис хоһоонун барыла, былаана оҥоһулунна, төрөппүттэргэ туох кыһалҕа баарын ырытыстыбыт. Оскуолаларга алтынньы-муус устар ыйдарга, уһуйааннарга араас таһымнаах, араас быһыылаах көрсүһүүлэри, кэпсэтиилэри, тэрээһиннэри ыытыахха диэн быһаарынныбыт.

Билиҥҥи эдэр төрөппүт санаатын хайдах тардыахха сөбүй? Биллэр-көстөр, ситиһиилээх дьон санаатын, дьон холобурун истэр, ааҕар, интэриэһиргиир уонна ылынар, онон үлэ ис хоһоонугар маннык хайысханы киллэрэр сөп. Чопчу хайдаҕы, тугу, кими ыҥыран ыытарын сүбэ бэйэтэ толкуйдуур, сүбэлэр бэйэлэрин икки ардыларыгар санаа, идея, уопут атастаһыы барара күүтүллэр. Онтон эһиилги сылтан маннык үлэни оскуола эбэтэр уһуйаан иитэр уопсай былааннарыгар киллэрэллэрин ситиһиэхтээхпит.

         Бу мунньахха саха тылын уонна литэрэтиирэтин учебниктара билиҥҥи оҕоҕо өйдөммөттөрө, сааһыгар сөп түбэспэт гына ыараханнара төрөппүт сүрүн кыһалҕата буолара бэлиэтэннэ. Онон бу түмсүү ити кыһалҕаны быһаарарга үлэ ыытара былааннанна.

ыйыт - хоруйдуубут

  • Оҕобун Дьокуускайга хайдах гынан сахалыы уһуйааҥҥа биэриэхпин сөбүй?

Амгалена И.

Вилюяна Никитина – “Ийэ тыл кэскилэ”, “Туймаада” Дьокуускай төрөөппүттэрин уопсастыбаннай түмсүүлэр салайааччылара:

1. Бастатан туран, оҕоҥ төрөөтүн кытта докумуонун оҥотторо охсоот уочаракка суруттараҕын. Үөрэх салалтатыгар сүүрэҕин эбэтэр Госуслуги сайтыгар киирэн суруттараҕын. 1 да ый хойутаатахха, уочараккыт оруобуна сааһыгар кэлимиэн сөп.

2. Путевкаҕын ыла тиийдэххинэ, хайаан да “оҕобун сахалыы иитэбин” диэн этэҕин. Үөрэх салалтата төһө кыалларынан ону хааччыйар эбээһинэстээх. Элбэх төрөппүтү мунньан сахалыы бөлөх эбии арыйтарыан сөп, атын сахалыы уһуйааҥҥа миэстэ биэриэн сөп. Хайаан да бэйэҥ баҕарар уһуйааҥҥар, сахалыы бөлөххө сылдьыаххын баҕарар буоллаххына, онно киирэр төрөппүттэртэн сахалыыга баҕалаахтары түмэн, нуучча тыллаах бөлөҕү сахалыыга уларыттарыахха сөп.

3. Арай ити үрдүнэн тиксибэтэххинэ, бэйэҥ хайдах сатыыргынан Үөрэх салалтатын салайааччытын аатыгар, “оҕобун сахалыы бөлөххө ылыҥ” диэн сайабылыанньа суруйан икки гынан илдьэн биэрэҕин. Онтуҥ копиятыгар хайаан да "Входящий номер" туруортараҕын. Сокуонунан ол сайабылыанньаны 30 күн иһигэр көрүөхтээхтэр, эппиэт биэриэхтээхтэр.

4. Онтон ол табыллыбатаҕына, салҕыы мээр аатыгар, онтон Үөрэх миниистирин аатыгар уочаратынан биэрэн иһэҕин. Оччоҕо сыалгын ситиһиэҥ, оҕоҕун сахалыы бөлөххө хайаан да киллэриэҥ. Маныаха туһааннаах элбэх сокуон үлэлиир. Ол сокуоннар тустарынан инникитин өссө кэпсиэхпит.

Бары оҕолоргутун төрөөбүт тылынан иитэн, элбэх тылы баһылыылларыгар олук уураргытыгар, дьоҕурун толору арыйаргытыгар баҕарабын!

Туох эмит ыйытыы үөскүүр буоллаҕына, бассаапка суруйуҥ: 8-964-421-79-32

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....