10.05.2021 | 20:34

Оҕону сахалыы иитэр ньыма — алтыһыы уонна эйгэтин тэрийии

Оҕону сахалыы иитэр ньыма — алтыһыы уонна эйгэтин тэрийии
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Виталий Архипович Слепцов “Ийэ тыл кэскилэ” түмсүү быйыл Төрөөбүт тыл күнүгэр ыыппыт сэргэх тэрээһинигэр дьиэ кэргэниниин кэлэн кыттыбыттарын олус хайгыы көрбүтүм. Онно Виталий “Аҕа биһигэ” диэн бэйэтин ийэтэ айбыт олус истиҥ ырыатын киһини уйадытардыы толорбутун көрөөччү бары сэҥээрбитэ. Түмүгэр өссө “Аҕалар оҕо иитиититтэн туора турумуоҕуҥ!” диэн ис хоһоонноох ыҥырыытын, оруннаах тылын-өһүн, толкуйун кэлбит дьон ытыс тыаһынан уруйдаабыттара.

Виталий Архипович элбэх оҕолоох ыал аҕата, “Айыы кыһатын” учуутала: 
– Биһиги ыал үс оҕолоохпут, үһүөн уолаттар – улахаммыт Леня 7-с кылаас, “Айыы Кыһатыгар” үөрэнэр; ортобут Айсен – “Родничок” уһуйаан “Чөмчүүк” бөлөҕүн иитиллээччитэ; кырабыт Ньургун балтараатын туолла; кэргэним Диана Ивановна диэн. Мин бэйэм “Айыы Кыһатыгар” технология учууталынан үлэлиибин, онон күнү быһа үлэбэр да, дьиэбэр да уолаттары кытта миккиһэ сылдьабын.
Оҕолорбутун төрөөбүт тылларынан иитэбит, ньымабыт диэн биир – кэпсэтии. Киһи оҕону кытта наар сахалыы кэпсэтэ сырыттаҕына, алтыстаҕына оҕото оннук салаллан сайдар.
 Билигин оҕолор нууччатымсыйыыларыгар сайдыылаах үйэни, киэҥник тарҕаммыт интэриниэти, суотабай төлөпүөнү, ютубу – барытын буруйдуур буоллулар. Мин онно сөпсөһүөхпүн баҕарбаппын. Барыта төрөппүттэртэн тутулуктаах диибин. Оҕотун инникитигэр төрөппүт бэйэтэ эппиэтинэһи сүгэр. Мин да оҕолорум төлөпүөнү тутталлар, ол эрэн манна бириэмэни хонтуруоллааһын, кэмчилээн сыһыарыы баар буолуохтаах. Уонна оҕоҕо киһилии быһааран биэрдэххэ барытын өйдүүр эбээт. Саас-сааһынан быһааран, сатаан өйдөтүөххэ эрэ наада. 
Оҕо кыра эрдэҕиттэн “Ийээ”, “Аҕаа” диэн дьонун ыҥыра үөрэниэхтээх дии саныыбын. Бу икки судургу тыл биһиэхэ, сахаларга, улахан суолталаахтар. Ийэтин, аҕатын сахалыы ааттыыр оҕо хайдах да бүтүннүү атын тылга охтон хаалбат эбит. 
Мин санаабар, оҕо иитиитигэр саамай сүрүнэ – кинини кытта элбэхтик алтыһыахха наада. Ханна да бардарбыт оҕолорбутун бэйэбитин кытта илдьэ сылдьыахха, соло булларбыт эрэ тэҥҥэ оҕо буолан оонньуохха. Хайдахтаах да хамнастаах үлэҕэ хаарыан оҕо саастарын атастаһан кэбиһимиэххэ. Билиҥҥи үйэ киһитэ үлэтигэр наһаа охтор, ол эрэн син биир сынньанар кэмнээх буолар. Ол кэмҥэ оҕону тэйиппэккэ, бииргэ буолуохха наада. Өрөбүллэргэ, уоппускаларга дьиэ кэргэммитигэр болҕомтобутун, бириэмэбитин аныахха.
Куорат усулуобуйатыгар уол оҕону иитэн таһаарар эмиэ бэйэтэ уратылаах. Чааһынай дьиэҕэ олорон уолу дьиэ ис-тас үлэтигэр сыһыарыахха сөп, оттон кыбартыыраҕа уол оҕо күннээҕи түбүгэ олох аҕыйах буолар. Маныаха уһуйаан уонна оскуола улахан оруоллаахтар эбит. Холобур, биһиги оскуолабытыгар “Аҕалар түмсүүлэрэ” баар, уолаттарга сахалыы төрүт эйгэни тэрийэбит, дьыл кэмиттэн көрөн төрүт үгэстэргэ, өбүгэлэрбит дьарыктарыгар такайабыт. Оҕоҕо төһөнөн эйгэтин тэрийэҕин, соччонон сайдыыга кылаат киллэрэҕин. Аҕа түмсүүтэ Дьокуускайга аҕыйах оскуолаҕа баар. Дьиҥэ, эйгэни тэрийии улахан суолталаах, ону төрөппүттэр өйдүөхтээхтэр.


Оҕону сахалыы иитиигэ ыалга барытыгар барсар биир ньыма, ханнык эрэ аптаах методика диэн суох. Хас биирдии ыал эйгэтин бэйэтэ тэриниэхтээх. Биһиги уолаттарбытын сайын аайы эбэлэригэр, эһэлэригэр таһааран тыа сиригэр хайаан да сырытыннарабыт. Куорат оҕолоругар билигин араас лааҕырдар үлэлииллэр. Оҕону онно ыытартан куттанымыахха наада, уонча да хонук лааҕырга сылдьыбыт оҕо улааатан, уларыйан кэлэр. Оҕоҕо эрэниэххэ, кыра да буоллар көҥүл биэриэххэ. 
Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ уолаттарбытын бэйэлэрин төрүт тылларын таптыы, харыстыы, ытыктыы улааталларыгар дьулуһабыт. Улахан уолум – сүрүн көмөлөһөөччүм. Дьиэ ис-тас үлэтигэр быһаччы кыттыһыннарабыт, онон үлэ диэн тугун бэркэ билэр. Улахан да, орто да уол илиилэригэр дьоҕурдаахтар. Иллэҥ кэммитигэр дьиэ кэргэнинэн уруһуйдуурбутун сөбүлүүбүт, ол-бу киэргэл оҥоһуктары, туттар маллары оҥоробут. Улахаммын булка тэҥҥэ сырытыннара сатыыбын, булт абылаҥар уһуйабын. Тылга эмиэ дьоҕурдаах буолан, ыллыыр-туойар уонна олоҥхолуур. Ону өйүүбүт, сайыннарабыт. Орто уол эмиэ тылыгар чобуо. Хоһоону кыайа-хото этэр. Төлөпүөҥҥэ, көмпүүтэргэ олордо сатаабаппыт, бэйэлэрэ да ончу интэриэстэрэ суох. Уолаттарбытын үлэнэн, бэйэ холобурунан уонна кэрэ эйгэҕэ сыһыаран, айылҕаҕа сырытыннаран иитэбит.

Быйыл «Национальнай кэнсиэпсийэ» 30 сыла
Вилюяна Никитина – “Ийэ тыл кэскилэ” түмсүү салайааччыта:
– Быйыл ыам ыйын 23 күнүгэр “Национальнай кэнсиэпсийэ” диэн ааттаммыт оскуоланы саҥаттан сайыннарар докумуон киирбитэ 30 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиибит. 

Дьэ, бу кэнсиэпсийэ үлэлиир кэмигэр 90-с сылларга үөрэммит дьоллоох оҕолор билигин төрөппүт буолан сылдьабыт. Предметтэри барытын (физика, биология, география, о.д.а.) сахалыы үөрэтэн билим тиэрминнэрин икки тылынан тэҥинэн баһылаабыппыт. Эттик күүһүн суоттаан, убаҕас сабардамын таһааран, сибэкки соҕооччуктааҕын, эминньэхтээҕин быһаарсан, сахалыы лэппиэскэни аҥаардаан, чиэппэрдээн чаастары үөрэппиппит олус да истиҥ этэ. 
“Национальнай культура” диэн уруок алын сүһүөхтэн 10 кылааска диэри баара. Манна үгэстэри, итэҕэли, норуот ырыаларын, өс номохторун билбиппит. “Кыыс куо”, “Үрүҥ уолан” уруоктарыгар кыыс оҕо ыал хотуна, ийэтэ, уол оҕо аҕа баһылык буоларын өйбүтүгэр-санаабытыгар иҥэрэн олоххо бэлэммит тирэхтээх буолбута. 
Билиҥҥи дьалхааннаах кэмҥэ бу үөрэтии олус туһалаах, тоҕоостоох буолуо этэ. Ол иһин бу саханы саха дэтэр үөрэх тиллиэн наада. Билигин ол саҕана үлэлээбит "Эркээйи" бырагыраама саҥардыллан, ситэриллэн таҕыста. Үөрэх министиэристибэтигэр бигэргэтиллибитэ, олоххо киирэр үлэ быйылгыттан күүскэ саҕаланна. Онно бары кыттыһыахха, сайыннарыахха, омукпут инникитин түстүөххэ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...