04.10.2023 | 18:00

Оҕолору робототиэхиньикэҕэ үөрэтэллэр

Оҕолору робототиэхиньикэҕэ үөрэтэллэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Урбаанньыт Олег Марченко былырыын сайын Дьокуускайга «Лига Роботов» филиалын арыйарга быһаарыммыт. Билигин кини доҕоро, бырайыак партнера  Сергей Колесниковтыын куорат биэс оройуонугар филиаллары үлэлэтэллэр диэн «Мин бизнеһим» киин иһитиннэрдэ.

Олег Марченко Дьокуускайга төрөөбүт уонна улааппыт. Новосибирскайдааҕы судаарыстыбаннай университет «программная инженерия» салаатын бүтэрээт робототиэхиньикэ преподавателинэн үлэлээн барбыт, билигин «Лига Роботов» бырайыакка 8-с сылын үлэлэһэр.

Бүгүҥҥү күҥҥэ Дьокуускайга барыта биэс филиал үлэлиир. Былырыын үс, быйыл икки филиал арылынна. Биир филиал 203-с дьоҕус оройуоҥҥа, иккис – Киин паарка таһыгар, үһүс – «Муус Хайа» эрэстэрээн диэки, төрдүс – Жатайга уонна бэһис Кальвица уулуссатыгар бааллар.

Филиалга оҕолор бырайыактааһын төрүттэригэр, бырагыраамалары уонна роботтары оҥорууга үөрэнэллэр.

«Геймификацияны туһанан үөрэтэбит, оскуола иннинээҕи саастаах уонна алын кылаас оҕолоро итини наһаа сөбүлүлүүллэр. Былырыын 150 оҕону үөрэтэн таһаардыбыт. Билигин биһиэхэ 5 саастарыттан саҕалаан  1-7 кылаас үөрэнээччилэрэ дьарыктаналлар», - диир Олег Марченко.

Кэлэр сылга филиалга, үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ IT-технологиялары баһылыылларын курдук, саҥа тэрили атыылаһары былаанныыллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....